РИГ SAKHAPRESS.RU “Бүлүү кэскилэ” общественнай түмсүү "Улуу Кыайыы 70 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр ананар Ытык Бүлүү Ыhыаҕа.
Күнэ-дьыла: бэс ыйын 12 күнэ
Ыытыллар сирэ: “Үс Хатыҥ” (сыл ахсын ыытыллар сирэ)
Ыһыах сүрүн программата:
09.30 – 10.00 Норуоттар доҕордоһууларын болуоссатыттан автобустар айанныыллар 10.00 Түһүлгэлэри киэргэтии, симээһин (түөлбэлэринэн) 11.00 Ыһыах спортивнай күрэхтэригэр, оһуохайга суруттарыы 12.00 Ыһыах аһыллыытын сиэрэ-туома
- түөлбэлэринэн күргүөмнээн түһүлгэҕэ киирии (парад, салама баайыыта)
- алгыска тиксиигэ анаан түһүлгэҕэ сэлэлээн туруу
- ыһыах алгыһын сиэрэ-туома, алгыһы түһэрии
- салама ыйааһына
- ытык дьоммут эҕэрдэлэрэ
- кымыс үрдүн охторуу (кымыс иһиитэ)
12.30 Ыалдьыттар концертара (биир дойдулаахтарбыт музыкальнай эҕэрдэлэрэ) 13.00 Түөлбэлэринэн (нэһилиэктэринэн, түмсүүлэринэн) аһааһын
- түһүлгэ конкурса (түһүлгэни оҥоруу, тас көрүҥэ, саха аһын арааһа, кыттааччы ахсаана) 13.00 Оҕо-аймах түһүлгэтэ
- кукольнай спектакль
- оҕолорго көрдөөх оонньуулар 13.30 Оһуохай түһүлгэтэ
- күпсүүр доҕуһуолунан оһуохай (ыһыах дьоно)
- оһуохай күрэҕэ 14.30 Сахалыы таҥаһы көрүү
- өбүгэ төрүт таҥаһа
- саха аныгы таҥаһа 15.00 Күүстээхтэр сымсалар күөн-күрэстэрэ
- хапсаҕай (эр дьоҥҥо абсолютнай)
- мас тардыһыыта (эр дьоҥҥо уонна кэрэ аҥардарга абсолютнай)
- атах оонньуута “Үс төгүл үс” 16.30 "Ыллыыр кумах дьүрүскэнэ" (идэтийбит биир дойдулаахтарбыт концертара) 17.30 Ыһыаҕы түмүктээһин, кыайыылаахтары эҕэрдэлээһин 18.00 Автобустар куоракка айанныыллар
Общественное движение «Бүлүү кэскилэ»