13:31 16.06

Улуу Кыайыы 70 сылыгар анаммыт Туймаада Ыһыаҕын Оһуокайыгар ынырабыт

2015 сылтан Дьокуускайга Улуу Туймаада хочотугар күүтүүлээх ыһыахпыт Саха Сирин сүрүн ыһыаҕа буолла, онон Ыһыах ыһыытыгар эмиэ кэккэ уларыйыылар буолаллар, бу сылга Оһуокай күрэһэ саҥа миэстэҕэ тэриллэр.

Быйылгы күрэскэ, Саха сирин Дархан этээччилэрин сүбэлэрин (бэрэссэдээтэл А.И.Кривошапкин) уурааҕынан, оһуокайы икки түһүмэҕинэн ыытарга диэн сөбүлэһиигэ киирдилэр.

Бастакы түһүмэх – Ыһыах аһыллыа икки күн иннинэ, Бэс ыйын 24 – 25 күннэригэр саҥа талааннары арыйарга аналлаах күрэс Дьокуускай куорат пааркатыгар буолар , ким баҕалаах кыттыыны ылар - (3 сааһынан бөлөххө араарыллар, бөлөх аайыттан 3 бастакы быһаарыллар, уопсайа 9 этээччи) бу 9 этээччилэртэн саамай бастыҥнара Саха сирин «Дархан этээччитин» аатын ыларга бырааптанар. Этэр бириэмэлэрэ 15 – 20 мүнүүтэ. Иккис түһүмэх – Үс хатыҥҥа буолар Оһуокайга, пааркаҕа кыттан миэстэлэспит (9 этээччилэр) уонна Саха сирин “Дархан этээччилэрэ” Дьокуускай куорат баһылыгын аатыттан туттарыллар массыына бириискэ киирсиэхтэрэ, этэр бириэмэлэрэ 15-20 мүнүүтэ.

Күрэхтэһии таһынан Көҥүл Оһуокай тэриллиэ. Алтан Сэргэ тула этээччилэр биирдиилээн тиийэн норуоту Ытык Оһуокайга ыҥырыахтара, көҕүлүөхтэрэ – этэрэ уһунунан, тематын таларынан туох да хааччаҕа суох. Этээччилэр туох баар талааннарын, айар дьоҕурдарын, уус-уран тылларын норуот бэйэтэ көрөн сыаналыаҕа, кыттыаҕа.

Оһуокай этээччилэр, куорат тэрилтэлэрин түһүлгэтин тэрийээччилэрин ыҥырыыларынан кэлэн, Оһуокай этиэхтэрин сөп. Ону түһүлгэ тэрийээччилэрэ эрдэттэн Оһуокай Түмсүүгэ (89142385487, 421155 төл.) сайаапката түһэриэххитин наада.

Күрэс сыала-соруга:

- Ытык Оһуокайы Саха Сиригэр, саха омук олохсуйбут сирдэригэр тарҕатыы-тэнитии, Аан Дойдуга олохтоох атын омуктарга киэҥник билиһиннэрии;

- Оһуокайы уус-уран айымньыы быһыытынан бөҕөргөтүү;

- Эдэр дьону уһуйуу, саха тылын сүмэһинин эдэр этээччилэргэ үөрэтии;

- Төрүт үгэстэри дьоҥҥо, ыччакка тарҕатыы, куһаҕан тыыннаах сабыдыалтан тэйитии;

- Былыргы Ытык Оһуокай алгыс тылларын сөргүтэн, умнуллан эрэр духуобунай күүһүн бөҕөргөтүү.

Кыайыыны быһаарар ирдэбиллэр

- Этээччи хоһуйуутун ис хоһооно, уус-уран тыла, амарах алгыс тыла, үтүө дьайыылаах хоһооно.

- Этээччи куолаһа чуора-кэрэтэ, түһүлгэни тутара, сахалыы таҥаһа-саба, сиэри-туому тутуһуута, хамсаныыта.

- Оһуокай түһүмэхтэрин тутуһуу (туойан саҕалааһына, хаамтарыыта, көтүтүүтэ, налытыыта)

- Саха Түөлбэ оһуокайдарын билсии, үөрэтии, көҕүлээһин.

Кыттааччыларга ирдэбил

Бастакы түһүмэххэ күрэс аһаҕас (Дьокуускай куорат пааркатыгар буолар оһуокайга), ким баҕалаах кыттар.

Сайаапка биэрэргэ анкета толоруллар, паспорт ирдэнэр.

Бастакы түһүмэххэ:

Эдэрдэр – 17 – 30 саастаахтар

Орто саастахтар – 30 – 60 диэри саастахтар

Аҕа саастаахтар – 60 сааһыттан үөһээ

Кыайыылаахтары наҕарадалааһын.

Күрэс түмүгэ бэс ыйын 28 күнүгэр Оһуокай түһүлгэтигэр күнүс 14ч.00 м. биллэриллэр, бөлөҕүнэн кыайыылаахтарга,бириистэр туттарыллаллар.

Гран-при туттарыыта Ыһыах иккис күнүгэр Киин түһүлгэҕэ буолар. Кыайыылаах Дьокуускай куорат баһылыгыттан массыына күлүүһүн тутар.

Номинациялар:

Туймаада Ыһыаҕын 2015 Бастын этээччитэ (Гран-При)

Үс бөлөҕүнэн бастыҥнар быһаарыллаллар олортон кыайбыттара Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дархан этээччитэ ааты ылар

Түмсүү үгэһинэн оһуокайы өйөөччүлэргэ, уһуйааччыларга туспа бириистэр туттарыллыахтара.

Быһаарыылар:

-Сэрэбиэй күрэхтэхтэһии саҕаланыан иннинэ эрэ ыытыллар. Ол кэннэ, сэрэбиэйи тардыбатах этээччи кыттыбат.

-Этээччи кынат дьонун бэйэтэ булан, түһүлгэ саҕаланар бириэмэтигэр бэлэм буолуохтаах. Ыҥырыллыбыт кэмигэр кэлбэтэҕинэ күрэхтэһииттэн уһуллар.

-Этээччи этэр бириэмэтэ 15 – 20 мүнүүтэ буолар.

- Этээччилэр бириэмэлэригэр эттилэр даҕаны баран хаалбакка, атын этээччини өйөөннөр кынат буолан кытталлара учуоттанар.

-Уус-уран тыла – өһө, ис хоһооно, түһүлгэни тутуу, куолас, таҥас, хамсаныы сыаналааһына Дьүүллүүр Сүбэ балаһыанньатынан барар.

Билсэр телефоҥҥут: 89142385487 – Тарский Александр Лаврентьевич

89142552297 – Павлова Евдокия Ивановна

Наш канал в Telegram