17:30 10.09

Өлөөннөр «Анаабыр Алмаастарын» үлэтин биһирээтилэр, өйөөтүлэр

РИГ SAKHAPRESS.RU Өлөөн улууһун сиригэр-уотугар бүгүҥҥү күҥҥэ үлэлии сылдьар алмаас хостуур хампаанньаларынан «Анаабыр алмаастара» уонна “Аллараа Өлүөнэтээҕи” ААУо буолаллар. Ол курдук, Улахан үрэххэ Талахтаах учаастакка вахтовай бөһүөлэк хайы-үйэ тутуллан, алмааһы хостооһун үлэтэ күөстүү оргуйар.

Олохтоохторго көрдөрөр сыалтан

Саха киһитэ истибитинээҕэр илэ хараҕынан көрөн, илиитинэн туттаҕына-хаптаҕына эрэ биирдэ итэҕэйэр, ылынар ураты айылгылаах. «Анаабыр алмаастара» ААУо быһаччы көҕүлээһининэн, балаҕан ыйын 3 күнүгэр Өлөөн улууһун уонна Дьэлиҥдэ нэһилиэгин уопсастыбаннаһыттан ытыктанар дьону Талахтаах учаастагар вертолетунан анаан-минээн таһааран, вахтовой бөһүөлэккэ үлэ хайдах бара турарын көрдөрдүлэр.

Хампаанньаттан «Нижнеленскэй” ААУо кылаабынай инженерэ Андрей Карху, “Анаабыр Алмаастара» ААУо генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Владимир Черноградскай, корпоративнай отдел салайааччыта Афанасий Постников, тулалыыр эйгэни харыстыыр отдел салайааччыта Сидор Захаров уонна нэһилиэк, улуус уопсастыбаннаһыттан анал делегация сырыттылар.

Талахтаахха промышленность саҥа тыына

Делегация бастаан Улахан Куонаамка үрэххэ тигинэччи үлэлии турар Талахтаах учаастагын үлэтин-хамнаһын кытары билистэ.

Вертолет аҕыйахта дайбаммахтаан, көтөн күпсүтэн, Улахан Куонаамка үрэх үрдүнэн Талахтаах учаастагар бу тиийэн кэллэ. “Оо, барахсан сирэ-уота уларыйбакка тураахтыыр эбит”, -- диэн дьон сэмээр бэйэлэрин истэригэр кэпсэтэллэр.

«Нижнеленскэй» ААУо кылаабынай инженерэ Андрей Карху үлэһиттэргэ анаан тутуллубут сабыс-саҥа вахтовай бөһүөлэги көрдөрдө. Үс улахан уопсай дьиэҕэ үлэ муҥутаан барар кэмигэр 300-тэн тахса исписэлиис, оробуочай олороро былааннанар. Хосторго иккилии киһи олорор. Уопсай дьиэ толору хааччыллыылах, итии-тымныы уулаах. Салгыы делегацияҕа саҥа тутуллубут остолобуойу, баанньыгы, хонтуора дьиэтин көрдөрдүлэр. «Бу дьиэлэр МХМ панеллартан тутулуннулар. Хоту сир тыйыс усулуобуйатыгар сөптөөх гына анал технологиянан оҥоһуллубут матырыйаал буолар. Кыһыҥҥы силлиэ-буурҕа дьиэни хотутуо суоҕа», – диэн кэпсиир кылаабынай инженер Андрей Карху.

Остолобуойга киирээти кытта таҥас ыйыыр көхөлөр, сылаас уулаах илии суунарга аналлаах кырааннар, илиини куурдар анал кондиционердар тураллар. Минньигэс ас сыта дыргыйан олорор. Барыта ып-ыраас, сып-сырдык. Үлэлиэххэ-хамсыахха бары усулуобуйа толору баар.

Уу эргиирэ

Салгыы делегацияҕа алмааһы сууйарга аналлаах комплексы көрдөрдүлэр. Комплекс саҥа тутуллан бүтэн, саҥа үлэлээн эрэр. Талахтаах учаастагар былырыыҥҥа диэри ыскылаат, база буолан турбута.

«Анаабыр Алмаастара» ААУо бу үлэҕэ эппиэттээх салайааччылара, исписэлиистэрэ таҥар-сууйар комплекс хайдах үлэлиирин делегацияҕа көрдөрдүлэр, судургу тылынан-өһүнэн быһаардылар. Ол курдук, манна химическай састааптаах ханнык да булкадаһык туттуллубатын, барытыгар ыраас уу туһанылларын эттилэр. Анал котловаҥҥа ууну үрэхтэн биирдэ эрэ баһалларын уонна ону алмааһы сууйар фабрика үлэлиирин тухары хас да сыл эргитэ сылдьан туһанарын кэпсээтилэр. Делегация дьоно туһаныллыбыт уу үрэххэ төттөрү киирбэтин, ол эбэтэр анал котлован иһигэр хааччахтанан сытарын илэ харахтарынан көрдүлэр, итэҕэйдилэр.

Дьэлиҥдэ дьоно манна сөбүлээн үлэлииллэр

Талахтаах учаастагар сылдьан фабрикаҕа, техникаҕа барытыгар Саха сирин араас улууһуттан үлэлии-хамныы сылдьалларын көрөн ыалдьыттар сүрдээҕин сэҥээрдилэр. Манна даҕатан эттэххэ Талахтаахха Дьэлиҥдэ нэһилиэгин ыччата ордук кута-сүрэ тохтоон үлэлиир. – “Биһиги уолаттарбыт манна эмиэ бааллар, кыһынын Улахан Куонаамака үрэҕинэн геологоразведка үлэтигэр кыттыһыллар : проходчик, взрывник, дизелист, суоппар идэлэрин баһылаан бэркэ сылдьаллар. Дьэлиҥдэ быһа тыанан бардахха олох субу турдаҕа дии бааара суоҕа уонча көс. Оҕолорбут манна сылдьан үлэлииллэрэ дойдуларыгар сүрэхтэрэ чугас” – ыалдьыттар сэһэргииллэр.

Геологоразведка этэрээттэрин салайааччылара өрүү даҕаны Дьэлиҥдэ уолаттарын үчүгэй тылынан эрэ ахталлар. Хотугу дойду хоһуун уолаттара тыйыс, тымныы усулуобуйаҕа сылдьарга, бултуурга оҕо эрдэхтэриттэн үөрүйэхтэр, онон үлэҕэ да кыайыгастар, тулуурдаахтар, кыһын проходка үлэтигэр биир бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьаллар.

Барытын бэйэбит оҥоробут

«Нижнеленскэй» ААУо кылаабынай инженерэ Андрей Карху: “Бу көрөр оборудованиеларгыт омук киэннэрэ буолбатахтар. Барытын Дьокуускай куоракка баар өрөмүөннүүр-механическай собуоппутугар (РМЗ) оҥоробут. Манна тиэйэн аҕалан, таҥан туруорабыт эрэ. Улахан модороон бүтүн собуоттары туппаппыт. Барыта чэпчэкитик ыһыллар-хомуллар. Ол иһин үлэлээн бүттүбүт даҕаны бэрт чэпчэкитик хомунан кэбиһэбит», – диэн кэпсээтэ.

Чөлүгэр түһэрии – ытык иэспит

Делегация салгыы айаннаата. Вертолет Майаат үрэх диэки көтөн күпсүттэ. Көмүс сүүрүктэринэн күлүмүрдэтэ оонньуур дьоҕус үрэхтэр үрдүлэринэн, улуутуйан күлүктэрин ууга көрүнэр таас хайалар аттыларынан көтөн иһэбит. Өр гымматыбыт, олохтоохтор саамай ытыктыыр, убаастыыр Майаат үрэхтэрин үрдүнэн бу тиийэн кэллибит. Дьэлиҥдэ олохтоохторун өбүгэлэрэ бу үрэҕи өрө-таҥнары таба көлөнөн төһөлөөх төттөрү-таары сыыйбыттара, бултаабыттара-алтаабыттара буолуой!? «Оо, мин бу эҥэр күн сирин көрбүтүм ээ. Дьоммун кытары уучаҕынан элбэхтик айаннаабыт сирим-уотум. Барахсаным хайдах бааргынан хаалбыт эбиккин дии. Таба мэччийэр сирэ баар эбит», – диэн чөлүгэр түспүт сирдэри көрөн, ытык кырдьаҕас Прасковья Тарасовна үөрдэ.

Майаат үрэххэ «Анаабыр алмаастара» ААУо вахтовай бөһүөлэгэ 16 сыл үлэлээбитэ. Билигин ол дьиэ-уот, базата барыта көтүрүллэн, хомуллан, ыраастанан Анаабыр улууһун табаһыттарыгар бэриллибитэ.

Киһи хараҕа кыайан ылбатынан нэлэмэн сир-уот аны таба мэччирэҥэ буолан турар. Билигин үөһэттэн көрдөххө, 16 сыл устата алмаас хостооһуна ыытыллан, Майаат үрэх биэрэгэ хаһыллыбыта ханан да суох. Үрэх устатын тухары күөх кырыс от үүнэн турара хараҕы үөрдэр. Айылҕаны чөлүгэр түһэрии өртүгэр күүстээх үлэ барбыта тута харахха быраҕылла көстөр.

Олохтоохтор санаалара

Илэ харахпынан көрөн итэҕэйдим

-- Киэҥ далааһыннаах үлэ ааспыт сирдэрин илэ харахпынан вертолетунан көтө да, сиринэн да сылдьан көрдүм. Өбүгэбит сирэ-уота этэҥҥэ турарын көрөн олус астынным диэн аҕа саастаах киһи буоларым быһыытынан туох да кэтэх санаата суох этэбин. Биллээх, Эбэлээх, Майаат үрэхтэрбит барахсаттар устан кылбачыйа сыталлар, уулара ыраас, сир баайа хостоммут сирдэригэр күөх кырыс үүммүт. Ол аата ситим быстыбат, олох салҕанар. Эдэр, кыанар эрдэхпинэ, бу сирдэринэн үгүстүк сылдьан бултаабытым-алтаабытым, балыктаабытым. Билигин оҕолорум, сиэннэрим төһө баҕарар бултууһулар диэн эрэх-турах сананным. Ийэ айылҕабытыгар куттал суоһаабатын итэҕэйдибит. «Анаабыр алмаастара» хампаанньа салгыы итинник дьаһанан-дьапсынан үлэлииригэр баҕарабын.

Аччыгый Куонаамкаҕа үктэннэхтэринэ да, барытын дьоһуннаахтык дьаһайан үлэлиэхтэрэ диэн бүк эрэнэбин.

Санаам сырдаан кэллэ

-- Кырдьар сааспар өбүгэлэрим сирдэринэн сылдьан, санаам сырдаата, олус астынным. Мин Дьэлиҥдэ нэһилиэгэр саамай кырдьаҕастара буолабын. Өбүгэлэрбит киэҥ сиринэн көһө сылдьан таба ииттэн, бултаан-алтаан, балыктаан олорбуттара, оннооҕор Лаптевтар муораларыгар тиийэллэрэ. Анаабырдары кытта биһиги былыр-былыргыттан аймахтыыбыт, биир Уудьа нэһилиэгиттэн силистээх-мутуктаах дьоммут. Дьиҥнээх көс эбэҥки оҕото буолабын, уучаҕынан көһө сылдьан төрөппүттэрбин кытары бу сирдэринэн элбэхтик сылдьыбытым. Тугу кистиэмий, биһиэхэ тыа сирин дьонугар адьас былыргылыы өй-санаа иҥэ сылдьар. Өрүспүтүгэр кирдээх ууну тоҕоллор, салгыны киртитэллэр, промышленниктар туга да аһыммакка таах хаардыы хааман киирэллэр, оту-маһы солууллар, алдьаталлар диэн өйдөбүл баар. Бүгүн манна кэлэн, ол өй-санаа барыта үрэлиннэ. Алмаас сууйар ууларын биир сиртэн ылыллар, туох да ханна да тоҕуллубат эбит. Чөкө баҕайы тутуулаах вахтовой бөһүөлэктэр тураллар. Күүстээх үлэ ыытылла турара тута харахха быраҕыллар. Мин санаабар, промышленность сайдыахтаах, оччоҕуна эрэ олох инники диэки хардыылыыр.

Биһиги миинэр миҥэбит, таҥнар таҥаспыт, аһыыр аспыт – таба. Кини ыраас, чөл айылҕаны эрэ сөбүлүүр. Салгыы бу курдук тэтимнээхтик үлэлээҥ диэн алгыспын этэбин. Бу курдук айылҕаҕа ураты харыстабыллаахтык сыһыаннаһалларын инники өттүгэр уларытыахтара суоҕа диэн эрэнэбин.

Төһүү күүс буолуо этигит

-- Бүгүҥҥү сырыы кэнниттэн үчүгэй эрэ өйдөбүл хаалла. Барытын көрдүбүт-иһиттибит, тулалыыр эйгэбитигэр куттал суоһаабатын илэ харахпытынан көрөн итэҕэйдибит. Мин бэйэм тус баҕа санаабын биллэриэм этэ. Биһиги киин сиртэн ыраах сытар нэһилиэк эрэлбит диэн эһиэхэ эрэ. Алмаас хостуур хампаанньа быһаччы олохтоох Дьэлиҥдэ дьаһалтатын кытары дуогабар түһэрсэн, нэһилиэк кэккэ кыһалҕаларын быһаарыыга төһүү күүс-көмө буолуо этэ. Оскуола базата сайдарыгар, кырдьаҕастар куоракка эмтэнэ баралларыгар көмө наада. Биһиги улуус кииниттэн ыраах олоробут, суолбут-ииспит мөлтөх, онон көмө кэлиэн да иһин суолтан харгыстанан уһаан-кэҥээн хаалар. Оттон эһиги кытары күннэтэ кэриэтэ ыкса алтыһабыт, аттыбытыгар өрүү бааргыт, онон эрэлбит эһиэхэ улахан.

Бииргэ үлэлииргэ бэлэммин

-- Уон сыл баһылыктаабытым тухары промышленность үлэтин кытары үгүстүк алтыстым. Бастаан утаа «Нижнеленскэй» ААУо кытары үлэлээбитим. Аны туран, «Анаабыр Алмаастара» ААУо-ны кытта билистибит. Билиҥҥитэ ыкса ситимнээхтик үлэлээн эрэбит. Бу сиэринэн бииргэ утумнаахтык үлэлээтэхпитинэ, элбэҕи ситиһиэхпит, кыайыахпыт диэн эрэнэбин.

Урукку хартыына буолбатах

- Талахтаах учаастагар өссө «Нижнеленскэй» ААУо хампаанньа үлэлиир эрдэҕинэ биэлсэрдээбитим. Ити түөрт-биэс сыллааҕыта этэ. Ол саҕана олох атын хартыына этэ. Оттон билигин манна «Анаабыр Алмаастара» түһүлгэлэниэҕиттэн ыла, учаастак киһи сөҕүөн курдук уларыйбыт, өрө тардыбыттар. Хампаанньа үлэлиир сиригэр-уотугар олус харыстабыллаахтык сыһыаннаһарын дьонтон истэр этим.

Урут кэлэ сылдьан, төрүттэрим сирдэрин-уоттарын олус да кэбилээри гыммыттар, киртитииһиктэр диэн сүрдээҕин хомойон төннүбүтүм. Оттон бүгүн манна кэлэн, барыта хомуллубутун, ыраастаммытын көрөн, сүргэм көтөҕүлүннэ. Аҕыйах кэм иһигэр сабыс-саҥа дьиэ-уот бөҕөтүн туппуттар. Талахтаах учаастага хайдах курдук уларыйбытын дьоммор-сэргэбэр сөҕө-махтайа кэпсиэм.

Өр сылларга илдьэ сылдьыбыт сүгэһэрбиттэн босхолоннум

-- Алмаас хостооһунуттан айылҕабыт айгырыа, уубут киртийиэ, салгыммыт сүһүрүө диэн чахчы дьиксинэ саныыр этибит. Дьиҥэр, куттанарбыт, салларбыт оруннаах. Тоҕо диэтэххэ, биһиги туох да омуна суох айылҕа оҕолоробут. Айылҕаттан аһаан-таҥнан олоробут. Туох да күүркэтиитэ суох этэбин, биһиги ити халбаһыыларын, араас ыыһаммыт сыалары, үүт аһылыктары биирдэ эмит дэҥҥэ сиибит. Оҕолорбут хампыат амтанын да билбэттэр. Кыһыҥҥы суолунан мүччү-хаччы туттаран, кэллэҕинэ улахан үөрүү. Үөс сиргэ курдук куруук төгүрүк сылы быһа бородуукта маҕаһыыҥҥа турбат. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр бүтэр. Онон айылҕабыт айгыраан, тугу да бэрсибэт буоллаҕына, биһиги эстэр кутталга киирэбит. Дьэ, бу сылдьан, элбэҕи көрөн, санныбар сүгэһэр гына сылдьыбыт санаабын киэр элиттим. Тоҕо диэтэххэ, барытын илэ харахпынан көрдүм. Промышленность үлэлээн ааспыт сирдэрэ бүтэйдии оһон туралларын көрөн олус үөрдүм.

Улахан хампаанньа биһиги улууспутугар сайдыыны аҕалыаҕар эрэлим өссө улаатта. Ыччат дьоммут промышленнай идэлэри быһылыахтара диэн эрэнэбин. Оскуолаҕа өйдөтүү үлэтэ күүскэ ыытыллыахтаах. Өссө Оҕолору аҕалан, бу вахтовай бөһүөлэк үлэтин көрдөрөр киһи өссө үчүгэй буолуох этэ.

Күн-дьыл ыксатан эрэр

-- Сотору кыһын кэлиэ. Бөһүөлэккэ улахан хочуолунай тутулунна эрээри, итиинэн оскуоланы, балыыһаны, оҕо саадын, дьаһалтаны уонна бэрт аҕыйах дьиэни хааччыйар. Олохтоохтор үксүбүт маһынан оттунан олоробут. Уокка оттор маһы булуу уустугуран эрэр. Быйыл саас биир тыраахтар маһы аҕалбыттара. Билигин, хомойуох иһин, алдьанан турар. Күн-дьыл ону күүппэтэ чуолкай. Бу былдьаһыктаах күннэргэ биһиэхэ ханнык эмит тиэхиньикэнэн «Анаабыр алмаастара» көмөлөһөллөрө буоллар диэн баҕа санаабын тиэрдэбин. Бүгүн мин чахчы көрөн итэҕэйдим биһиги дойдубутугар чахчы бэйэтин күүһүгэр эрэнэр, кыахтаах, модун хампаанньа үлэлии кэлбитин.

ИННИКИГЭ ЭРЭЛ

Бу күн инникигэ элбэх эрэли аҕалла. Дьэлиҥдэ олохтоохторо «Анаабыр Алмаастара» уонна “Аллараа Өлүөнэтээҕи” ААУо ыытар үлэлэрин тулалыыр эйгэ көмүскэлигэр үрдүк суолтаны ууралларын илэ харахтарынан көрдүлэр. Саамай сүрүнэ -хампаанньалар ыытар үлэлэрэ дьэҥкэ, аһаҕас, көнө. Производство үлэтин хайдах баарынан дьоҥҥо көрдөрдүлэр, билиһиннэрдилэр. Олохтоохтор санааларын ытыктыылларын биллэрдилэр. Инникитин даҕаны хампаанньалар хотугу кыраай дьонун кытары доҕордуу сыһыаннара үтүө үгэс буолан сириэдийэн, салҕанан бара туруо!

Евгений ВАСИЛЬЕВ

Наш канал в Telegram