10:55 12.12

Глава Якутии Айсен Николаев поздравляет с Днём Конституции Российской Федерации

SAKHAPRESS Уважаемые якутяне! От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю Вас с Днём Конституции Российской Федерации - важнейшим государственным праздником страны!

Ровно 26 лет назад, 12 декабря 1993 года, был принят фундаментальный документ, благодаря которому в истории нашей страны начался новый этап развития. Он позволил в сложный для нашего Отечества период достигнуть необходимой устойчивости в социальной и экономической сферах, сохранить государственность.

Федерализм и самостоятельность местного самоуправления, равенство всех граждан независимо от национальности, происхождения, вероисповедания, многоукладная экономика – именно эти базовые конституционные нормы определили цивилизованный путь развития новой России. А за субъектами нашей многонациональной державы было закреплено право непосредственного участия в решении важнейших вопросов своего развития.

Якутия всегда была и остается форпостом страны на Северо-Востоке. Сегодня на нас в полной мере лежит ответственность за то, чтобы современная Россия развивалась, опираясь и на огромный потенциал нашей республики. Для этого у Якутии есть все ресурсы – природные богатства, высокие технологические и научные достижения. Но я всецело уверен, что самая главная ценность республики – это замечательные, необычайно талантливые и трудолюбивые люди, настоящие патриоты своей страны. Именно вы, уважаемые якутяне, своим ежедневным трудом создаете основу для развития и процветания родной земли!

Дорогие друзья! В этот замечательный зимний день желаю вам и вашим семьям крепкого здоровья, счастья, благополучия, достижения всех целей!

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм эһигини дойду сүрүн суолталаах судаарыстыбаннай бырааһынньыгынан - Россия Федерациятын Конституциятын күнүнэн эҕэрдэлиибин!

26 сыл анараа өттүгэр, 1993 сыл ахсынньы 12 күнүгэр дойдубут сайдыытын саҥа кэрдиис кэмин түстүүр докумуон ылыллыбыта. Конституция дойду үрдүнэн бүрүүкээбит уустук кэмҥэ социальнай уонна экономическай эйгэҕэ бигэ тирэхтээх буолууну ситиһэргэ, судаарыстыбаннаһы бөҕөргөтүүгэ олук уурбута.

Конституция сүрүн нуормалара, ол эбэтэр федерализм уонна олохтоох бэйэни салайыныы, бары гражданнар омугуттан, итэҕэлиттэн тутулуга суох тэҥ буолуулара, элбэх хайысхалаах экономика – саҥа Россия сайдыытыгар аартыгы арыйбыттара. Элбэх омуктаах держава субъектара бэйэлэрин сайдар суолларын тобулар, тэлэр бырааптаммыттара.

Саха сирэ дойду Уһук Илиҥҥи бигэ тирэҕэ буолар. Бүгүн биһиги өрөспүүбүлүкэбит сөҕүмэр кыаҕын туһанан Россия модун күүһүн бөҕөргөтөргө сүҥкэн эппиэтинэһи сүгэбит. Ону ситиһэргэ биһиги сирбитигэр-уоппутугар кыах барыта баар – сир баайа, технология уонна наука эйгэтигэр дьоһун ситиһиилэр. Ол эрээри, Сахабыт сирин үтүө санаалаах, сүдү талааннаах уонна үлэһит дьоно өрөспүүбүлүкэбит сүрүн баайа буоларын өссө биирдэ бэлиэтиэх тустаахпын. Ытыктабыллаах Сахам сирин дьоно, эһиги күннээҕи үлэҕитинэн төрөөбүт дойдубут чэчирии сайдарын түстүүгүт.

Күндү доҕоттор! Бу кыһыҥҥы бэлиэ күҥҥэ эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар кытаанах доруобуйаны, дьолу, этэҥҥэ буолууну, туруоруммут сыалгытын ситиһэргитигэр баҕарабын!

Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев

Наш канал в Telegram