«Женщина дает жизнь, женщина оберегает жизнь, женщина и жизнь — синонимы».
Из книги Светланы Алексиевич «У войны не женское лицо».
SAKHAPRESS Дорогие женщины! От имени всего депутатского корпуса Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) и себя лично сердечно поздравляю вас с прекрасным праздником - Международным женским днем!
Возникший как символ борьбы женщин за равные гражданские права, этот праздник давно стал праздником весны и еще одним поводом для признания в любви к женщинам. Он олицетворяет собой нашу искреннюю любовь, глубокое уважение и трепетное отношение нашим дорогим мамам, женам, сестрам и дочерям.
Невозможно переоценить огромный вклад наших женщин в поддержание и укрепление семьи, добрых традиций нашего народа. Много среди них имен, ставших творцами истории, внесших весомый вклад в развитие государственности Якутии, посвятивших свою жизнь процветанию родной республики, росту благосостояния ее жителей, укреплению мира и дружбы между народами, будущему подрастающего поколения якутян. Среди них Мария Дмитриевна Нартахова – первая женщина-министр социального обеспечения республики, стоявшая у истоков создания первого колхоза в Олекминском улусе, председатель Президиума Верховного Совета Якутской АССР. С именем Александры Яковлевны Овчинниковой, председателем Президиума Верховного Совета ЯАССР с 1963 по 1979 годы, связано бурное развитие женского движения в нашей республике, именно она впервые начала заниматься среди населения просветительской работой, организовала курсы советского строительства. Евдокия Николаевна Горохова – «славная дочь якутской Арктики», Софья Петровна Сидорова, которая несла бремя огромной ответственности одного из первых руководителей республики в суровые годы сталинского режима, Великой Отечественной войны, годы засухи и голода.
Во все времена Женщина была и остается символом жизни, источником красоты и вдохновения. Именно ей каждый из нас обязан своим появлением на свет. Особые слова благодарности хочется выразить многодетным и приемным матерям за ваш неустанный труд, безграничное терпение, душевную щедрость и бескорыстную любовь.
Милые женщины! Умные, талантливые, нежные, вы смело беретесь за любое, даже самое сложное дело, разделяете с нами, мужчинами, ответственность за семью и детей и будущее родной республики и страны.
Примите искренние слова благодарности и восхищения! Желаю вам здоровья, стабильности, радости и успехов в жизни и большого семейного счастья! Пусть ваши глаза всегда лучатся только радостным и теплым светом, и в них никогда не закрадывается грусть!
П.В. ГОГОЛЕВ,
Председатель Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия)
«Дьахтар олоҕу биэрээччи, дьахтар олоҕу салҕааччы, дьахтар уонна олох – биир ситимнээхтэр»
Светлана Алексиевич «У войны не женское лицо» кинигэтиттэн
Күндү биһиги кэрэ аҥаардарбыт! Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан уонна тус бэйэм Аан дойду дьахталларын күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин.
Дьахтар киһи-аймах тэҥ бырааптаах буолуутун туруулаһар бэлиэтин быһыытынан үөскээбит бырааһынньыгы биһиги сааскы бастакы бырааһынньыгынан ылынабыт уонна бу күҥҥэ күн күбэй ийэлэрбитигэр, тапталлаах кэргэттэрбитигэр, эйэҕэс эдьиийдэрбитигэр уонна кыталык кыргыттарбытыгар сүрэхпитин аһабыт, истиҥ сыһыаммытын биллэрэбит.
Биһиги кэрэ аҥаардарбыт дьиэ кэргэн уонна бүтүн норуот үтүө үгэстэрин үксэтиигэ уонна үйэтитиигэ киллэрбит кылааттара тугунан да кэмнэммэт. Ол курдук, Саха сирин судаарыстыбаннаһын сайдыытыгар сүҥкэн үтүөлээх, төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэригэр олох уйгута тупсарын, норуоттар икки ардыларыгар эйэни уонна доҕордоһууну бөҕөргөтүүгэ, кэлэр көлүөнэ инники кэскилин туһугар олохторун анаабыт дьахталлар аҕыйаҕа суохтар. Кинилэр ортолоруттан Өлүөхүмэ улууһугар бастакы холкуоһу төрүттэспит, өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай хааччыйыы бастакы дьахтар-миниистирэ, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлэ Мария Дмитриевна Нартахова, өрөспүүбүлүкэҕэ дьахтар хамсааһынын сайдыытыгар олук уурбут, нэһилиэнньэ ортотугар сырдатар үлэни, сэбиэскэй тутуу куурсун саҕалаабыт, 1963-1979 сылларга Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Александра Яковлевна Овчинникова, «Саха Арктикатын чулуу кыыһа» Евдокия Николаевна Горохова, Аҕа дойду Улуу сэриитин, сут-кураан дьылларыгар, итиэннэ Сталин ирдэбиллээх салалтатын кэмигэр өрөспүүбүлүкэни салайбыт Софья Петровна Сидорова ааттарынан киэн туттабыт.
Дьахтар – олоҕу биэрээччи, олоҕу салҕааччы, кэрэҕэ-үтүөҕэ угуйааччы, үөрэххэ, сайдыыга уһуйааччы. Бу күн кэнчээри ыччаты үөрэтэ-такайа сылдьар күндү кэрэ аҥаардарбытыгар түбүктээх үлэҕит, тулхадыйбат тулуургут, ыллыктаах санааҕыт уонна иһирэх тапталгыт иһин махтал истиҥ тылларын этэбит.
Күндү биһиги кэрэ аҥаардарбыт! Эһиги ыарахантан чаҕыйбат күүстээх санааҕытынан, кэскиллээҕи түстүүр айылгыгытынан, дьиэ кэргэн бигэ буолуутугар, өрөспүүбүлүкэ уонна дойду инники сайдыытын туһугар үлүскэннээх үлэҕитинэн биһигини – эр дьону сөхтөрөҕүт.
Куруутун чөл туруктаах сылдьыҥ, үгүстүк үөрүҥ-көтүҥ, ситиһиилээх буолуҥ! Дьиэ кэргэҥҥитигэр, чугас дьоҥҥутугар сир үрдүгэр баар бары үчүгэйи баҕарабын!
П.В.ГОГОЛЕВ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссээдэтэлэ