Үрүҥ тунах Ыһыаҕынан Саха сирин олохтоохторо!
Үгүс үйэлэри уҥуордаан өбүгэбит илдьэ кэлбит төрүт үгэстэрин, барҕа баай култууратын, или-эйэни олохтуур сырдык итэҕэлин кэрэһэлиир ытык бэлиэ Ыһыах ыһар күммүт тосхойбутунан бука барыгытыгар элэккэй эҕэрдэбин этэбин!
Үтүө үгэһи тутуһан дойдубут уйгулаах-быйаҥнаах буоларын туһугар, кэлэр кэнчээри ыччаппыт кэтит кэскиллэнэрин туһугар Алгыс этэн амалыйыахха, Аар Айыыларга махтаныахха, саамал кымыһы ыһыахха, Аал уокка айах тутуохха.
Аан дойду үрдүнэн уустук кэмнэр сатыылаан, бука бары тулуурдаах буоларбыт уонна санитарнай нуормалары тутуһарбыт ирдэнэр. Сахабыт сирин олохтоохторо хаһааҥҥытааҕар даҕаны сомоҕолоһон биир санааҕа кэлэммит, күүһү-уоҕу түмүөх тустаахпыт. Дьиэ кэргэнинэн чөкө түмсэн, тулуйан-тэһийэн биир бэйэбит ис турукпутун бөҕөргөтүнэн, алҕанан ылыахха. Оччоҕо эрэ бу ытык-мааны Ыһыах күнүн үөрэ-көтө, санаалыын ырааһыран, эттиин-хаанныын чэгиэрэн ахта-саныыр буолуохпут.
Дьол тосхойдун, туску туһаайдын! Уруй! Айхал!
“БИИР НЬЫГЫЛ АРАССЫЫЙА”
Баартыйа Саха Сиринээҕи региональнай отделениетын Ситэриилээх кэмитиэтин салайааччыта
Владимир АММОСОВ