Уважаемые якутяне! От имени Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю с Днем народного единства.
Государственный праздник был учрежден в 2004 году в память о событиях 1612 года, когда народное ополчение под предводительством Кузьмы Минина и Дмитрия Пожарского освободило Москву от польских интервентов.
В преамбуле обновленной Конституции Российской Федерации прописано: «Мы, многонациональный народ Российской Федерации, соединенные общей судьбой на своей земле, сохраняя исторически сложившееся государственное единство, <…> чтя память предков, передавших нам любовь и уважение к Отечеству, веру в добро и справедливость…». Эти слова означают единство нашего многонационального российского народа, его неиссякаемую любовь к Отчизне, уважение к общей истории и предкам.
Сохранение единства и дружбы народов является краеугольным камнем существования и развития нашего государства. В Российской Федерации проживают представители свыше 160 национальностей. Семь ромбических кристалликов ограненного алмаза на государственном гербе Республики Саха (Якутия) символизируют единство издавна проживающих на территории Якутии народов: саха, русских, эвенков, эвенов, чукчей, долганов, юкагиров. Якутия стала отчим домом для граждан более 120 национальностей и 4 конфессий.
За последние годы, благодаря проводимой государственной политике, в том числе федеральной программе «Реализация государственной национальной политики», произошли позитивные изменения в общественном сознании, преодолеваются стереотипы в этноконфессиональных отношениях. В прошлом году в Якутии Указом Главы Республики Саха (Якутия) принята государственная программа Республики Саха (Якутия) «Развитие Арктической зоны Республики Саха (Якутия) и коренных малочисленных народов Севера Республики Саха (Якутия) на 2020–2024 годы». Отрадно, что предложения парламента Якутии о поддержке коренных малочисленных народов Севера находят понимание на федеральном уровне. Будет принят стандарт ответственности при организации взаимодействия компаний-недропользователей Арктической зоны Российской Федерации с коренными малочисленными народами в местах их традиционного проживания и хозяйственной деятельности. Выделяются средства на поддержку и развитие языков.
Говорят, дружба народов светит, как солнце. А еще – Дружба народов сильнее бури, ярче солнца. Еще раз поздравляю с Днем народного единства.
Желаю вам крепкого здоровья, мира, уверенности в завтрашнем дне, счастья и благополучия!
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уонна тус бэйэм ааппыттан Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин.
Бу судаарыстыба таһымнаах үөрүүлээх бырааһынньык 1612 сыллаахха Кузьма Минин уонна Дмитрий Пожарскай салалталаах норуот сэриитэ Москва куораты Польша халабырдьыттарыттан босхолообут бэлиэ дьайыытыгар кэриэстэбил быһыытынан 2004 сыллаахха олохтоммута.
Россия Федерациятын саҥардыллыбыт Конституциятын аан тылыгар «Биһиги, бэйэбит төрүт сирбитигэр биир дьылҕаҕа холбоспут Россия Федерациятын элбэх омуктаах норуота, историяттан да көстөрүнэн судаарыстыба быһыытынан биир сомоҕо буолууну харыстаан, <…> Аҕа дойдуга тапталы уонна ытыктабылы, үтүө быһыыга уонна сиэрдээх буолууга итэҕэли иҥэрэн хаалларбыт өбүгэлэрбит сырдык кэриэстэрин ытыктаан…» диэн сурулла сылдьар. Бу тылларга биһиги элбэх омуктаах Россия норуота биир сомоҕо буоларбыт, Аҕа дойдубутугар уостубат-уҕараабат тапталбыт, дьоһун историябытыгар уонна өбүгэлэрбит үтүө үгэстэригэр дириҥ ытыктабылбыт туһунан этиллэр.
Норуоттар сомоҕолоһуулара уонна доҕордоһуулара биһиги судаарыстыбабыт бигэ туругун уонна сайдар кэскилин төрүтэ буолар. Россия Федерациятыгар 160-тан тахса араас омук олорор. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай дьаралыгар ойууламмыт кырыыламмыт алмаас ромб быһыылаах сэттэ курустаала Сахабыт сиригэр түҥ былыргыттан олохсуйбут төрүт омуктары: сахалары, нууччалары, эбэҥкилэри, эбээннэри, чукчалары, долганнары, юкагирдары көрдөрөр. Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин алаһа дьиэ оҥостон 120-тэн тахса араас омук олорор уонна 4 итэҕэл тутуһуллар.
Кэлиҥҥи сылларга судаарыстыбаннай бэлиитикэ, ол иһигэр «Судаарыстыбаннай национальнай бэлиитикэни олоххо киллэрии» федеральнай тосхол чэрчитинэн уопсастыба өйө-санаата үтүө өттүгэр уларыйда, мөкү сыһыан сорох өттө туоратылынна. Ааспыт сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Ыйааҕынан «2020–2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Арктикатааҕы зонатын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын сайыннарыы» Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай тосхоло ылыныллан турар. Хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттары өйүүр туһунан Саха парламенын этиилэрэ федеральнай таһымҥа өйөбүлү ылбыттара биһирэбиллээх. Ол чэрчитинэн Россия Федерациятын Арктикатааҕы зонатын сир баайын туһанааччы-хампаанньалара төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттары кытта кинилэр үгэс быһыытынан олорор уонна хаһаайыстыба үлэтинэн дьарыктанар сирдэригэр хардарыта дьайсан үлэлээһиннэрин тэрийиигэ эппиэтинэстээх буолуу сүнньэ ылыныллыахтаах. Ону тэҥэ тыллары өйөөһүҥҥэ уонна сайыннарыыга үп-харчы көрүллэр.
Этэллэр эбээт, норуоттар доҕордоһуулара күн сардаҥатын тэҥэ сыдьаайар диэн. Норуоттар биир сомоҕо буолуулара ханнык да силлиэтээҕэр, сырдык күн сылааһынааҕар күүстээх! Эһигини Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүнэн өссө төгүл итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Бука барыгытыгар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, или-эйэни, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэли, дьолу-соргуну уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын.