Дорогие женщины! От имени Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю вас с Международным женским днем 8 марта!
В первый весенний праздник, исторически символизирующий по всему миру солидарность женщин в борьбе за равные права, мы с гордостью вспоминаем выдающихся женщин Якутии: Марию Дмитриевну Нартахову, Софью Петровну Сидорову, Александру Яковлевну Овчинникову, Евдокию Николаевну Горохову, выражаем благодарность Люлии Николаевне Григорьевой, Евгении Исаевне Михайловой и многим другим.
Мы помним и преклоняемся перед героическим подвигом отважных дочерей Земли Олонхо, защищавших Родину на фронтах Великой Отечественной войны, мужественно ковавших победу в тылу. Сегодня перед глазами пример матерей, жен, сестер, дочерей, которые, воспитывая подрастающее поколение, спасая жизни, выступая за укрепление мира, дружбы, повышение благосостояния народа, становятся творцами современной истории страны и республики. Особые слова благодарности хочу выразить многодетным и приемным матерям, чье безгранично щедрое сердце, терпение и бескорыстная любовь вселяют надежду, множат добро и свет в этом мире.
Защита прав и интересов, повышение профессиональной и творческой активности женщин, законодательная поддержка семьи, материнства и детства среди приоритетных направлений деятельности парламента Якутии. Мы и дальше будем работать над решением актуальных вопросов, поднимаемых прекрасной половиной человечества.
Милые женщины! Как первые лучи яркого весеннего солнца после долгой и суровой зимы, вы наполняете нашу жизнь светом, смыслом, вдохновляя двигаться вперед и покорять новые вершины. Мы искренне благодарны вам за то, что вы дарите нам свою любовь, тепло, заботу и поддержку, вносите неоценимый вклад в поддержание и укрепление семьи, добрых традиций нашего народа, умеете находить нужные слова, верите и заставляете поверить в себя в трудную минуту. Не стал исключением и 2020 год, прошедший в непростых условиях коронавирусной пандемии.
В Год здоровья хочу пожелать вам и вашим близким стабильности, чтобы невзгоды обходили стороной ваши семьи. Пусть каждый ваш день будет озарён любовью и вниманием всех, кто вас окружает, а глаза всегда лучатся только радостью!
Күндү биһиги кэрэ аҥаардарбыт!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан уонна тус бэйэм Аан дойду дьахталларын күнүнэн – кулун тутар 8 күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Аан дойду үрдүнэн тэҥ бырааптаах буолууну туруулаһарга дьахталлар биир санааланыылара история кэрэһитэ буолбут сааскы маҥнайгы бырааһынньыгын күнүгэр биһиги саха биллиилээх дьахталларын Нартахова Мария Дмитриевнаны, Сидорова Софья Петровнаны, Овчинникова Александра Яковлевнаны, Горохова Евдокия Николаевнаны, Григорьева Люлия Николаевнаны, Михайлова Евгения Исаевнаны уонна да атыттары киэн тутта ааттыыбыт.
Биһиги төрөөбүт дойдуларын көмүскэлин туһугар эр дьону кытта тэҥҥэ сэрии толоонугар кыргыспыт, сут-кураан дьылларыгар бэйэлэрин харыстаммакка тыылга үлэлээбит, Улуу кыайыыны уһансыбыт Олоҥхо дойдутун хорсун-хоодуот дьахталларыгар сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит. Билиҥҥи сайдыылаах олоххо күн-күбэй ийэлэрбит, тапталлаах кэргэттэрбит, амарах эдьиийдэрбит-балыстарбыт, кэрэчээн кыргыттарбыт кэлэр көлүөнэ инники кэскилин түстээн, олоҕу салҕаан, или-эйэни, доҕордоһууну туругурдан, норуот бигэ туругун бөҕөргөтөн дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит аныгы историятын айаллар-туталлар. Элбэх оҕону төрөппүт ийэлэргэ, тулаайах оҕолору иитэр ийэлэргэ махтал ураты, истиҥ тылларын этиэхпин баҕарабын. Кинилэр сөҕүрээбэт сүрэхтэрин сылааһа, тулхадыйбат тулуурдара, уостубат тапталлара сир үрдүгэр үтүөнү үксэтэр, кэрэни, сырдыгы саҕар.
Саха парламенын бастааҥҥы суолталаах соруктарыттан биирдэстэринэн дьахтар быраабын уонна интэриэһин көмүскээһин, кини идэтин уонна айар дьоҕурун үрдэтии, дьиэ кэргэни, ийэ буолууну уонна оҕо сааһы сокуонунан өйөөһүн буолар. Инникитин даҕаны биһиги кинилэр туруорсар сүрүн боппуруостарын быһаарарга салгыы үлэлиэхпит.
Күндү биһиги кэрэ аҥаардарбыт! Эһиги томороон тымныылаах унньуктаах уһун кыһын кэнниттэн сааскы ылааҥы күн чаҕылхай сардаҥатын кэриэтэ биһиги олохпутун сырдыгынан, сылааһынан толороҕут, саҥа саҕахтары арыйарга, үрдүк чыпчааллары дабайарга күүһү-уоҕу биэрэҕит. Эһиги иэйиилээх тапталгыт, ахсаабат кыһамньыгыт, үтүө өйөбүлгүт уонна дьиэ кэргэни бөҕөргөтүүгэ, норуот үгэстэрин үйэтитиигэ тугунан да кэмнэммэт кылааккыт иһин муҥура суох махтанабыт. Эһиги ыарахан түгэҥҥэ сөптөөх тылы булар, тускулаах суолу тобулар дьоҕургут биһигини санаабытын көтөҕөр, бэйэҕэ эрэлбитин күүһүрдэр. Ол дьаҥ-дьаһах өрө турбут ураты уустуктардаах ааспыт 2020 сылга арылхайдык көһүннэ.
Быйылгы чэбдигирии Сылыгар тус бэйэҕитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар чөл уонна бигэ туругу баҕарабын, дьиэ кэргэҥҥитин кыһалҕа-кырыымчык кыһайбатын! Куруутун үөрүү-көтүү арыаллаатын, күүстээх таптал угуттаатын, истиҥ сыһыан иилээтин!
П.В. Гоголев, Председатель Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия)