09:16 09.05

Председатель Якутской городской Думы Альберт Семенов поздравляет с праздником 9 мая – Днем Великой Победы!

Уважаемые якутяне! Дорогие ветераны войны и тыла!

От имени Якутской городской Думы и от себя лично поздравляю вас с праздником 9 мая – Днем Великой Победы!

76 лет назад, 9 мая 1945 года, всю страну облетела долгожданная, радостная весть – «Победа»! С этой вестью пришла надежда на возрождение страны, вера в начало новой жизни. Наша страна возродилась из руин и пепла, появились поколения, не знающие что такое война. Но сколько бы ни прошло времени со дня окончания Великой Отечественной войны, мы никогда не забудем ратный подвиг наших отцов и дедов с оружием в руках отстоявших свободу и независимость нашей Родины, разгромивших немецко-фашистских захватчиков и подаривших человечеству самое дорогое – мир на земле.

В годы Великой Отечественной войны наш народ показал всему миру примеры героизма, стойкости и мужества. Так, из далекой Якутии в действующую армию было призвано более 62 тысяч человек, из них почти 40 тысяч якутян не вернулись с фронта - остались навсегда на полях сражений. Победа ковалась как на фронте, так и в тылу. Труженики тыла работали от зари до зари, внося свой вклад в приближение Победы. Именно поэтому наш народ выстоял и победил в этой кровопролитной войне.

Война с фашистской Германией стала величайшим испытанием для всего нашего народа, для всей многонациональной страны. Испытанием на силу духа, стойкость и мужество. Победа досталась нашей стране очень дорогой ценой – война унесла свыше 26 миллионов жизней. Но, пройдя через все, наш народ вышел победителем.

Дорогие ветераны войны и тыла! Мы всегда будем перед вами в неоплатном долгу. Вы всегда для нас останетесь примером беззаветного служения Родине, примером героизма и мужества.

Низкий поклон и сердечное спасибо за ваш ратный подвиг, за мирное небо, за счастливое будущее наших детей и внуков! Доброго вам здоровья, благополучия, успехов во всех делах и начинаниях!

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Күндү сэрии уонна тыыл бэтэрээннэрэ!

Дьокуускай куорат Думатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Ыам ыйын 9 күнүнэн – Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиибин!

76 сыл анараа өттүгэр, 1945 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр дойду үрдүнэн «Кыайыы буолла!» диэн күүтүүлээх, үөрүүлээх сурах тарҕаммыта. Бу тыллары кытта урусхалламмыт дойдубут чөлүгэр түһэн саҥа олох саҕаланыаҕар эрэл үөскээбитэ. Биһиги дойдубут сэмнэх, күл буолбут толоонтон саҥаттан үүнэн-сайдан тахсыбыта. Сэрии ыар тыынын билбэт көлүөнэлэр дьоллоох олоххо олорор кыахтаммыттара. Аҕа дойду улуу сэриитэ бүппүтүн кэнниттэн төһө да кэм ааспытын иһин, төрөөбүт дойдуларын иһин олохторун харыстаабакка ньиэмэсфашистарын кытары сэриилэспит уонна ийэ сиргэ эйэни аҕалбыт аҕаларбыт, эһээлэрбит хорсун быһыыларын умнуо суохпут.

Аҕа дойду сэриитин сылларыгар биһиги норуоппут аан дойдуга хорсун быһыы уонна күүстээх санаалаах буолуу холобурдарын көрдөрбүттэрэ. Ол курдук Саха сириттэн сэриигэ 62 тыһыынча киһи ыҥырыллан барбыта. Ол онтон 40 тыһыынча курдук байыас сэрии толоонугар охтубута, төрөөбүт буордарыгар үктэммэтэҕэ.

Кыайыыны фроҥҥа, тыылга уһансаллара. Тыыл үлэһиттэрэ күүстэрэ-уохтара баарынан хара сарсыардаттан үлэлииллэрэ. Маннык күүстээх санаалаах, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх дьон баар буолан биһиги норуоппут бу уоттаах сэриигэ кыайыылаах тахсыбыта.

Фашисткай Германияны кытары сэрии биһиги дойдубутугар улахан эрэйинэн эргийбитэ, элбэх норуот күүстээх, кытаанах санаата тургутуллубута. Улуу Кыайыыны улахан сыананы төлөөн туран ситиһиллибитэ – сэриигэ 26 мөлүйүөн киһи суорума суолламмыта.

Күндү сэрии уонна тыыл ветераннара! Биһиги, кэнчээри көлүөнэлэр эһиэхэ тугунан да кээмэйдэммэт иэстээхпитин умнуо суохпут. Эһиги дойдуга бэриниилээх буолуу, героизм үрдүк холобурунан буолаҕыт.

Эйэлээх халлаан анныгар олорорбут, ыччат кэскиллээх олоҕун иһин эһиэхэ төбөбүтүн тоҥхотон сүгүрүйэбит. Кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолуун, ситиһиилэри баҕарабыт!

Председатель Якутской городской Думы Альберт Семенов

Наш канал в Telegram