Уважаемые якутяне! От имени Якутской городской Думы и от себя лично поздравляю вас с общенациональным государственным праздником – Днем России!
12 июня – особая дата в новейшей истории нашей страны, которая неразрывно связана с ценностями свободы и демократии, стремлением к дальнейшему процветанию Российской державы. Этот праздник олицетворяет нашу связь с Отечеством, его настоящим и будущим.
Россия – страна с богатейшей историей, великим культурным и духовным наследием. У нас есть немало оснований гордиться нашей страной и верить в ее будущее. А главным богатством нашей земли являются люди многих национальностей, которые объединены общей историей, и которые в мире и согласии проживают в России.
День России - государственный праздник, который мы сегодня отмечаем - объединяет истинных патриотов Отечества, всех, кто предан своей отчизне и дорожит историей страны, своего народа, кто трудится, отдает свои знания, силы и опыт для процветания России, видит ее современным, процветающим государством и хорошо понимает, что успех страны зависит и от его личных усилий.
Пусть этот праздник добавит всем нам уверенности в завтрашнем дне, станет символом благополучного будущего нашего подрастающего поколения, придаст силы для дальнейшего продвижения к общим целям и задачам. Желаю всем здоровья, счастья, благополучия и плодотворного труда на благо нашей великой Родины!
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Дьокуускай куорат Думатын уонна тус бэйэм ааппыттан дойду бүттүүнүн бырааһынньыгынан, Арассыыйа күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Бэс ыйын 12 күнэ – биһиги дойдубут аныгы устуоруйатыгар туспа суолталаах буолар. Бу бырааһынньык Арассыыйа салгыы сайдарыгар туһуламмыт өйгө-санааҕа олоҕуран, көҥүл уонна демократия сыаннастарын кытары тулхатыйбат сибээстээх. Норуот төрөөбүт дойдутун бүгүҥҥүтүн, кэскилин кытары быстыспат сибээстээҕин көрдөрөр.
Арассыыйа баай устуоруйалаах, улуу култуурунай уонна духуобунай утумнаах дойдунан буолар. Биһиги дойдубутунан киэн туттарбытыгар уонна сырдык кэскилигэр эрэллээх буоларбытыгар бары төрүөттэр бааллар. Оттон дойду кылаабынай баайынан биир устуоруйанан ситимнээх уонна эйэлээхтик олорор араас национальностаах дьон буолар.
Бүгүн бэлиэтиир судаарыстыбаннай бырааһынныкпыт – Арассыыйа күнэ дойдуларын туһугар кыһаллар, төрөөбүт дойдуларын устуоруйатын харыстыыр, бэйэлэрин билиилэринэн уонна уопуттарынан Арассыыйа чэлгийэ сайдарын туһугар үлэлиир уонна хас биирдии киһиттэн бэйэтиттэн төрөөбүт сирин кэскилэ тутулуктааҕын өйдүүр дьиҥнээх патриоттары сомоҕолуур бырааһынньыгынан буолар.
Бу бырааһынньык барыбытыгар сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх буоларбытыгар кыах эптин, кэнчээри ыччат уйгулаах олоххо олорорун түстээтин, салгыы дойдубут сайдарын туһугар үлэбитигэр күүс сахтын. Барыгытыгар доруобуйаны, дьолу, уйгуну-быйаҥы уонна төрөөбүт дойдубут сайдыытын туһугар көдьүүстээх үлэни баҕарабын.
Председатель Якутской городской Думы Альберт Семенов