Дорогие школьники, студенты! Уважаемые учителя!
От имени Государственного Собрания (Ил Тумэн) и от себя лично поздравляю вас с началом учебного года – с Днем Знаний!
Несмотря на стремительно развивающиеся современные технологии, возможность приобщиться к мировым знаниям через Интернет, школа остается единственным институтом, где воспитывается личность и формируется наше будущее.
В обновленной Конституции Российской Федерации и в Конституции Республики Саха (Якутия) подчеркивается, что дети являются важнейшим приоритетом государственной политики России. Основной закон гласит: воспитание гармонично развитой и социально ответственной личности на основе духовно-нравственных ценностей народов Российской Федерации, исторических и национально-культурных традиций является приоритетом.
В этом году исполнилось 65 лет со дня образования Якутского государственного университета имени Максима Аммосова, ныне Северо-Восточного федерального университета. Кузница востребованных кадров является оплотом для процветания нашей республики.
Уверен, объявленный в Российской Федерации Год науки и технологий привлечет талантливую молодежь к научной и исследовательской деятельности, станет фундаментом для дальнейшего развития среднего, профессионального и высшего образования в Якутии.
Дорогие учащиеся, студенты и учителя! Поздравляю вас с началом нового учебного года! Желаю успехов во всех начинаниях, крепкого здоровья, благополучия и счастья!
Күндү үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар! Ытыктабыллаах учууталлар!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Билии күнүнэн уонна саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Аныгы технология, Интэриниэт көмөтүнэн үгүһү билэр кыах тэтимнээхтик уонна балысханнык сайда турдар даҕаны, оскуолаҕа эрэ оҕо личность быһыытынан үүнэр-сайдар кыахтаах, үөрэх кыһатыгар эрэ барыга бастыҥ көхтөөх көлүөнэ иитиллэн тахсар аналлаах.
Арассыыйа Федерациятын саҥа Конституциятыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонугар “оҕо аймах дойдубут судаарыстыбаннай бэлиитикэтин биир сүрүн хайысхата буолар” диэн этиллэн турар. Арассыыйа Федерациятын норуоттарын майгы-сигили, өй-санаа өттүнэн сыаннастарыгар, омук бэйэтин историятыгар уонна култууратыгар, үтүө үгэстэригэр тирэҕирэн, бары өттүнэн сайдыылаах уонна толору эппиэтинэстээх киһини иитии -- биһиги сүрүн сорукпут.
Быйыл М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университета, билигин Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, тэриллибитэ 65 сыла. Бу үөрэх кыһата өрөспүүбүлүкэбит сайдарыгар үтүмэн кылаатын киллэрэр. Дойду үрдүнэн биллэриллибит Наука уонна технология сыла үгүс талааннаах устудьуон чинчийэр үлэҕэ холоноругар кыаҕы биэрэригэр, Саха сиригэр орто уонна үрдүк үөрэх салгыы сайдарыгар күүс-көмө буолуоҕар бигэ эрэллээхпин.
Күндү үөрэнээччилэр, устудьуоннар уонна убаастабыллаах учууталлар! Эһигини үөрэх саҥа дьыла саҕаламмытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Саҥаттан саҥа ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, дьолу- соргуну баҕарабын!
Председатель Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) Алексей Еремеев