Күндү Дьокуускай куорат олохтоохторо! Дьокуускай куорат Дууматын аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бэлиэтэнэр Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев 1996 сыллаахха таһаарбыт ыйааҕынан Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ — олунньу 13-һэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн анаммыта. Семен Андреевич — саха норуотугар үөрэх сырдык суолун арыйбыт улуу киһи, сахалартан бастыҥ тыл үөрэхтээх учуонай.
Быйыл Россияҕа Педагог уонна үөрэтээччи, онтон Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сыла биллэриллибитэ, онон чуолаан төрөөбүт тылбытын харыстыырга уонна үөрэтэргэ күүспүтүн-уохпутун ууруохха!
Дорогие горожане! От имени Якутской городской Думы и от себя лично поздравляю вас с Днем родного языка и письменности в Республике Саха (Якутия)!
Благодаря якутскому языку созидались духовные ценности, сохранялись традиции и самобытная культура нашего народа. Как отмечают ученые, якутский язык является одним из древнейших на планете, сложным, но при этом богатым.
В этот праздничный день хочется выразить особые слова признательности всем тем, кто занимается популяризацией родного языка и литературы. Считаю, что в Год педагога и наставника в Российской Федерации и Год труда в Республике Саха (Якутия) особенно важно приложить все усилия для того, чтобы сохранить и приумножить знания о якутском языке, привить и передать его богатство и разнообразие подрастающему поколению города Якутска.
Эҕэрдэлиибин Дьокуускай куорат олохтоохторун Төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн. Туттуллубат тыл тута сүтэр, симэлийэр. Онон инникитин ийэ тылбыт сайдарын туһугар тылбытын уруйдуохха уонна харыстыахха!
Председатель Якутской городской Думы Альберт Семенов