Уважаемые якутяне! От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю вас с Днём родного языка и письменности в республике!
Сегодня в условиях всемирной глобализации развитие родных языков является одной из важнейших задач для сохранения нашей культуры.
Прошло 106 лет с выхода в свет первого якутского букваря, изданного благодаря усилиям первого якутского лингвиста - учёного, просветителя, реформатора, основоположника национальной письменности Семёна Андреевича Новгородова.
За эти прошедшие сто с лишним лет в республике проделана огромная работа. Так, ещё в 1996 году указом первого Президента Республики Саха (Якутия) Михаила Ефимовича Николаева был учрёжден День родного языка и письменности, который мы ежегодно отмечаем в республике.
Большим нашим достижением стало признание ЮНЕСКО в 2015 году якутского эпоса Олонхо шедевром устного и нематериального наследия человечества.
В республике есть государственная программа по сохранению и развитию родных языков, направленная не только на издание учебников и учебно-методических материалов, но включающая в себя научно обоснованный подход к изучению родных языков и литературы с применением цифровых технологий.
Перед Академией наук республики поставлена задача по созданию Регионального центра по изучению, сохранению и развитию родных языков.
В Национальной библиотеке Якутии работают Виртуальный музей государственных и официальных языков РС(Я), Центр цифровизации языкового и культурного наследия народов Якутии, цифровая библиотека «Книгакан», где можно ознакомиться с изданиями на долганском, чукотском, эвенском, эвенкийском, юкагирском, русском, якутском и других языках. В ближайших планах центра цифровизации — оцифровка альбомов-каталогов Национального художественного музея республики, видео- и аудиокассет из архивов Высшей школы музыки.
Одним из перспективных направлений в этой работе является создание приложений для смартфонов, и у нас оно активно развивается.
И мы с полным правом можем говорить о том, что сохраняем языки народов Якутии живыми в быту, общении, литературе, искусстве, медиапространстве.
В этот праздничный день выражаю искреннюю благодарность всем учителям, работникам образования, науки, IT, СМИ, культуры, искусства - всем тем, кто вкладывает свои силы в дело сохранения и развития родных языков и письменности народов республики! Желаю вам благополучия, счастья и дальнейших успехов в работе!
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын эҕэрдэтэ Күндү Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан барыгытын Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Аан дойдуга глобализация бүрүүкээбит аныгы кэмигэр төрөөбүт тылы сайыннарыы култуурабытын чөл хаалларыыга быһаарар суолталаах соругунан буолар.
Саха бастакы учуонай-лингвиһэ, сырдатааччыта, саха суругун-бичигин төрүттээччи Семен Андреевич Новгородов сыралаах үлэтинэн бэчээттэнэн тахсыбыт саха бастакы букубаара күн сирин көрүөҕүттэн 106 сыл ааста. Бу кэмтэн ыла өрөспүүбүлүкэҕэ дьоһун үлэ-хамнас ыытылынна. Ол курдук 1996 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ Бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан сылын ахсын бэлиэтэнэр Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ олохтоммута.
2015 сыллаахха ЮНЕСКО саха эпоһын Олоҥхону киһи-аймах айан таһаарбыт үйэлээх баайын шедевринэн билиниитэ биһиги дьоһун ситиһиибитинэн буолар.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр төрөөбүт тыллары чөл хаалларыы уонна сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагыраамата үлэлиир. Бу сүҥкэн суолталаах докумуон үөрэх кинигэлэрин, үөрэх-методика матырыйаалларын таһаарыыга эрэ буолбакка, сыыппара технологияларын туһанан төрөөбүт тылы уонна литератураны үөрэтиигэ научнай төрүккэ тирэҕириигэ олоҕурар.
Өрөспүүбүлүкэ Наукаларын академиятыгар Төрөөбүт тыллары чинчийиигэ, чөл хаалларыыга уонна сайыннарыыга эрэгийиэннээҕи киини тэрийии соруга туруорулунна.
Саха сирин Национальнай библиотекатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын виртуальнай музейа, Саха сирин норуоттарын тылларын уонна култуураларын үйэлээх баайын сыыппараҕа киллэрии киинэ үлэлиир, оттон “Книгакан” сыыппара библиотекатыгар долган, чукча, эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, нуучча, саха, о.д.а. тылларынан суруллубут айымньылары ааҕыахха сөп. Сыыппараҕа көһөрүү киинин чугастааҕы былааныгар Өрөспүүбүлүкэ национальнай уус-уран музейын альбомнарын-каталогтарын, Музыка үрдүкү оскуолатын архыыбыттан видео- уонна аудиокассеталары сыыппараҕа көһөрөр үлэ күүтүллэр.
Бу үлэҕэ-хамнаска смартфоннарга аналлаах сыһыарыылары айан таһаарыы биир кэскиллээх хайысханан буолар. Манна үлэ көхтөөхтүк ыытыллар.
Дьэ, онон олоххо-дьаһахха, литератураҕа, искусствоҕа, медиа-эйгэҕэ Саха сирин норуоттарын тылларын чөл хааллардыбыт диэн этэр толору бырааптаахпыт.
Бу кэрэ-бэлиэ күн учууталларга, үөрэх, наука, IТ, СМИ, култуура, искусство үлэһиттэригэр – Саха сирин норуоттарын тылларын уонна суруктарын-бичиктэрин чөл хаалларыыга уонна сайыннарыыга сыралаахтык үлэлиир дьоммутугар барыларыгар истиҥ махталбын тиэрдэбин! Эһиэхэ этэҥҥэ буолууну, дьолу-соргуну уонна үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын!
Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев