11:13 21.03

Айсен Николаев поздравляет с Днём коневода-табунщика в Республике Саха (Якутия)

Уважаемые якутяне! От имени руководства Республики и от себя лично поздравляю вас с Днём коневода-табунщика в Якутии!

В этом году зима была особенно суровой – температура падала ниже 60 градусов мороза. Тем более ценно, что под присмотром опытных коневодов многотысячные табуны якутских лошадей по всей необъятной территории Якутии без потерь перенесли эти холодные долгие месяцы.

Весна – это долгожданное и очень ответственное время для коневодов-табунщиков. Время получения приплода, подведения итогов годовой работы. Месяц март на якутском языке – кулун тутар. В переводе на русский язык это означает «пора рождения жеребят».

Якутские лошади – настоящее богатство, достояние республики. В прошлом году отважные оймяконские коневоды совершили беспрецедентный конный поход через всю страну, пройдя через 17 регионов России в общей сложности более 11 тысяч километров. Этот поход, посвящённый 100-летию образования ЯАССР, прославил выносливую и неприхотливую якутскую породу лошадей на весь мир.

Сегодня в республике насчитывается более 182 тысяч голов лошадей – по этому показателю Якутия занимает первое место среди регионов России. Это итог огромной работы наших коневодов-табунщиков, которые в суровых климатических условиях обеспечивают эффективное использование пастбищных угодий в самых отдаленных и труднодоступных уголках нашей республики.

Руководство и правительство республики уделяет серьёзное внимание развитию табунного коневодства.

В этом году День коневода-табунщика мы проведём в Амгинском районе. Состоятся не только выставка-продажа племенных жеребцов и командные соревнования коневодов-табунщиков, но и круглый стол, на котором коневоды республики обсудят пути дальнейшего развития табунного коневодства. В прошлом году сельскохозяйственный производственный кооператив Амгинского улуса впервые в истории племенного животноводства республики получил федеральный статус конного завода.

Уважаемые коневоды-табунщики! В этот праздничный день позвольте поблагодарить Вас за добросовестную работу и ваш личный вклад в социально-экономическое развитие республики! Крепкого Вам здоровья, счастья, семейного благополучия и дальнейших успехов в Вашей работе!

Глава Республики Саха (Якутия) А.С. Николаев

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Саха сиригэр Сылгыны үөрдээн иитээччи күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Быйыл ураты тымныы кыһын ааста, онуоха идэтийбит сылгыһыттардаах буоламмыт, сыспай сиэллээхпит тыһыынчанан ахсааннаах үөрдэрэ бу томороон тымныы ыйдары этэҥҥэ туораатылар.

Саас кэлиитэ – сылгыны үөрдээн иитээччигэ үөрүүлээх да, эппиэтинэстээх да кэм. Төрүөҕү ааҕар, сыллааҕы үлэ түмүгүн таһаарар кэм. Кулун тутар – сахаҕа дириҥ суолталаах ый, аата да этэринии, кулун төрүүр кэмэ.

Саха ата – өрөспүүбүлүкэ баайа, киэн туттуута. Ааспыт сылга Өймөкөөн чулуу сылгыһыттара Россия 17 эрэгийиэнин уҥуордаан, барыта 11 тыһыынчаттан тахса килэмиэтирдээх сири атынан айаннаабыттара. Бу Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар анаммыт айан тулуурдаах саха сылгытын аан дойдуга аатырдыбыта.

Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ сылгы ахсаана 182 тыһыынчаны куоһаран, Саха сирэ Россия эрэгийиэннэригэр бастаан иһэр. Бу – сылгыны үөрдээн иитээччилэр өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыгар ыраах сытар мэччирэҥ сирдэри көдьүүстээхтик туһаныыны хааччыйар сыралаах үлэлэрин түмүгэ.

Өрөспүүбүлүкэ салалтата уонна бырабыыталыстыбата сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарыыга улахан болҕомтону уураллар.

Быйыл Сылгыны үөрдээн иитээччи күнүгэр аналлаах тэрээһини Амма оройуонугар ыытыахпыт. Манна боруоданы ууһатар атыыр сылгы быыстапка-дьаарбаҥката уонна сылгыны үөрдээн иитээччилэр күрэхтэһиилэрэ эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ сылгыһыттара сылгыны үөрдээн иитии сайдыытын ырытар, быһаарсар төгүрүк остуоллара ыытыллыаҕа. Ааспыт сылга Амма улууһун тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар кэпэрэтиибэ өрөспүүбүлүкэ боруода сүөһүтүн иитиитин устуоруйатыгар аан бастаан федеральнай статустаах сылгы собуота буолла.

Ытыктабыллаах сылгыны үөрдээн иитээччилэр!

Бу үөрүүлээх күҥҥэ кыһамньылаах үлэҕит, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар тус кылааккыт иһин махтанабын. Кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну, дьиэ кэргэҥҥитигэр этэҥҥэ буолууну уонна сыралаах үлэҕитигэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев

Наш канал в Telegram