Уважаемые якутяне! От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю с главным праздником нашего государства – Днем России!
С принятием 12 июня 1990 года Декларации о государственном суверенитете началась новая веха в истории нашего Отечества. С тех пор этот день олицетворяет единство и сплочение многонационального народа великой Родины, незыблемость многовековых традиций и духовных ценностей.
Сегодня мы, россияне, жители всех 89 субъектов Российской Федерации, отмечаем этот праздник с чувством ответственности за настоящее и будущее страны. В это непростое время от вклада каждого из нас в общее дело победы зависит укрепление могущества Родины. Якутяне вносят свою достойную лепту в защиту Отечества от неонацистов.
Символично то, что в День России в Якутске мы чествуем командира якутского добровольческого отряда «Боотур-1», Героя России Александра Колесова. Мы гордимся нашими земляками, для которых патриотизм и мужество – это не просто слова, и они на передовой показывают свою доблесть и отвагу. Наши строители, медики, волонтеры самоотверженно трудятся на Донбассе. Жители, предприниматели, организации из всех уголков республики помогают по зову сердца нашим бойцам и их семьям.
Мы, якутяне, будем плодотворно работать, чтобы наша республика развивалась как опора государственности и экономической мощи нашей великой державы – России. Якутия была и будет крепким экономическим тылом нашего государства. По итогам 2022 года республика занимает восьмое место по темпам промышленного производства в стране и первое место на Дальнем Востоке.
Впереди у нашей страны, у всех регионов великой России – большое будущее!
Я уверен, вместе мы преодолеем все испытания с честью и воплотим в жизнь все намеченные планы.
Дорогие друзья! Желаю Вам новых достижений и успехов в созидании, крепкого здоровья и неиссякаемой энергии, мира и благополучия! С Днем России!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Россия күнүнэн эҕэрдэлиир
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан биһиги судаарыстыбабыт сүрүн бырааһынньыгынан – Россия күнүнэн эҕэрдэлиибин!
1990 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр Судаарыстыбаннай суверенитет туһунан декларация ылыллыаҕыттан Аҕа дойдубут устуоруйатыгар саҥа түһүмэх кэм саҕаламмыта. Онтон ыла бу күн биһиги Ийэ дойдубут сүүс араас омуктаах норуотун биир санааланыытын уонна сомоҕолоһуутун, үйэлээх үгэстэрин уонна духуобунай сыаннастарын кэрэһилиир.
Бүгүн биһиги, Россия Федерациятын 89 субъегын олохтоохторо, дойдубут инники кэскилин туһугар эппиэтинэспитин өйдөөн туран, бу бырааһынньыгы бэлиэтиибит. Бүгүҥҥү уустук кэмҥэ Ийэ дойдубут модун кыаҕын бөҕөргөтүү кыайыы дьыалатыгар хас биирдиибит киллэрэр кылаатыттан тутулуктаах. Аҕа дойдуну неонацистартан көмүскээһиҥҥэ Саха сирэ дьоһун көмөнү оҥорор.
Россия күнүгэр Дьокуускай куоракка “1-Боотур” саха доброволецтарын этэрээттэрин хамандыыра, Россия дьоруойа Александр Колесовы уруйдуурбут ураты суолталаах. Ийэ дойдуга тапталларын, хорсуннарын тылынан эрэ буолбакка, кыргыһыы хонуутугар бигэргэтэр биир дойдулаахтарбытынан киэн туттабыт. Биһиги тутааччыларбыт, медиктэрбит, волонтердарбыт Донбасска бэйэлэрин харыстаабакка үлэлии сылдьаллар. Өрөспүүбүлүкэбит бары муннуктарыттан тэрилтэлэр, урбаанньыттар, олохтоох дьон-сэргэ ис сүрэхтэриттэн биһиги байыастарбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөллөр.
Биһиги Россия судаарыстыбаннаһын уонна экэнэмиичэскэй кыаҕын бигэ тирэҕин быһыытынан өрөспүүбүлүкэбитин салгыы сайыннарыыга айымньылаахтык үлэлиэхпит. Саха сирэ урут да, кэнэҕэскитин да судаарыстыба бигэ тыылынан, эрэллээх эркининэн буолуоҕа. 2022 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы тэтиминэн дойдуга ахсыс, оттон Уһук Илиҥҥэ бастакы миэстэлээх.
Инникитин биһиги дойдубутун, улуу Россия бары эрэгийиэннэрин киэҥ кэскил күүтэр!
Бары тургутуулары чиэстээхтик туорааммыт, былааннаабыппытын барытын олоххо киллэриэхпит диэн бигэтик эрэнэбин.
Күндү доҕоттор! Эһиэхэ саҥа кирбиилэри уонна айар-тутар үлэҕитигэр ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны уонна уҕараабат эрчими, эйэлээх халлааны уонна уйгулаах олоҕу баҕарабын! Россия күнүнэн!
Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев