Ытыктабыллаах куорат олохтоохторо! Үрүҥ-тунах Ыһыаҕынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Ыһыах — айылҕа өрөгөйдөөх бырааһынньыга, үйэлэр тухары биһиги өбүгэлэрбит саҕаттан кэлбит олохпутун-дьаһахпытын, сиэрин-туомун чөлүгэр түһэрии, үйэлээҕи уһатыы буолар. Былыр-былыргыттан Ыһыах Саха дьоно үгэстэрин, сиэрин-туомун өйүүр, бөҕөргөтөр улахан суолталаах тэрээһин буолар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Ыһыах туспа суолталанна. Кини дьоҥҥо сөбүлэҥин хайдах сыаналыырга, биһиги элбэх омуктаах судаарыстыбабыт эйэлээх уонна холку олоҕу харыстыырга көмөлөһөр. Быйыл «Туймаада Ыһыаҕа -2023» «Дьокуускай — килбиэннээх үлэ куората» диэн девизтээх ыытыллар уонна анал байыаннай операция кыттыылаахтарыгар ананар.
Өрөспүүбүлүкэ киин куоратын тыһыынчанан олохтооҕо уонна ыалдьыттара биһиги дойдубутун чиэстээхтик көмүскээбит байыаннайдарга анаммыт алгыс тылга түмсүөхтэрэ. Биһиги айыыларбытыгар махтаныахпыт уонна сайыны уруйдуур күммүтүн саҥа үөрүүлээхтик көрсөн, биир дойдулаахтарбытын харыстыыр, кинилэри бөҕөргөтөр, кыайыыннан төрөөбүт дойдуларыгар төннөрөргө көрдөһүөхпүт!
Уважаемые горожане! Примите искренние поздравления с национальным праздником Ысыах!
За свою многовековую историю этот поистине народный праздник не потерял своей актуальности, напротив, обогатился новыми традициями, стал еще ярче, красочнее и масштабнее. Сегодня его празднуют не только в нашей республике, но и в других регионах России и за ее пределами, где проживают якутяне.
Уверен, если мы сохраним наше единство и будем продолжать сплоченно трудиться, мы сможем преодолеть любые препятствия. Вместе мы добьемся всех своих добрых целей и превратим нашу родную Якутию в еще более благоустроенный и развитый регион, еще выше поднимем ее авторитет на российском и международном уровне.
Пусть Ысыах укрепит в наших сердцах самые светлые и чистые помыслы, а благословение алгыса снизошлет каждому из нас благодать на добрые дела и поступки! В самый светлый, самый длинный день в году разрешите от всей души пожелать вам крепкого здоровья и большого счастья, успехов, мира и благополучия!
Υрүҥ тунах Ыhыаҕынан! Уруй! Айхал!
Председатель Якутской городской Думы Альберт Семенов