10:12 01.07

Глава Якутии Айсен Николаев поздравляет с Ысыахом Олонхо в Оймяконском улусе

Уважаемые якутяне! Дорогие Оймяконцы! От имени руководства республики и от себя лично поздравляю вас с XVI Ысыахом Олонхо!

В 2005 году эпос Олонхо был провозглашен ЮНЕСКО шедевром устного нематериального культурного наследия человечества. Олонхо – венец словесного искусства народа саха. Традиция проведения национального праздника в честь героического эпоса якутского народа заложена в 2006 году, и с тех пор торжество состоялось во многих уголках республики.

Эпос Олонхо передавался из поколения в поколение – это и литература, и история, и бесценная память народа. Олонхо несет в себе общечеловеческие ценности – торжество справедливости, героизм, веру в силу духа, уважение к старшим, защиту слабых.

Проведение Ысыаха Олонхо в Оймяконском районе, на Полюсе Холода – очень важное знаковое событие. Ранее из северных районов Ысыах Олонхо состоялся только в Верхоянском улусе. Такое грандиозное мероприятие позитивно влияет на социально-экономическое развитие наших улусов и возрождает традиции самобытной культуры на местах.

За последние годы в республике уделяется большое внимание государственной поддержке традиционной культуры. Создана единая система домов Олонхо. В прошлом году в День Олонхо впервые вручены ежемесячные стипендии Ил Дархана олонхосутам, запевалам осуохая и кузнецам. А с этого года установлены стипендии народным мастерам Якутии. Свои достижения носители традиционного культурного наследия продемонстрируют на Ысыахе Олонхо.

В преддверии праздника пройдет реконструированный древний обряд благословения по старинным канонам. Буквально по крупицам собрали и восстановили традиции местных жителей. В Ысыахе примут участие именитые олонхосуты республики. В одном из главных действий — театрализованном представлении на открытии Ысыаха — главным героем будет богатырь из оймяконского фольклора Дугуйа Бөҕө.

На уникальной выставке «Наследие предков» покажут творения якутских кузнецов: ножи, изготовленные по старинным и современным традициям, хомусы разных лет, батыйа, серебряные украшения в старинном стиле. На юбилейном V межрегиональном конкурсе конского убранства «Наследие предков» ожидается участие создателей 15 полных комплектов из Якутии, Тывы и Алтая.

Свыше 80 культурных мероприятий, 15 спортивных состязаний, 20 конкурсов будут проведены на Ысыахе Олонхо. Определят победителей среди олонхосутов, запевал осуохая, кузнецов, хомусистов, исполнителей жанров фольклора, мастеров народных художественных промыслов – лучших носителей нашей национальной культуры!

Главная площадка Ысыаха Олонхо - тюсюлгэ, здесь соберутся лучшие сказители Якутии. Мы услышим неповторимые истории о подвигах богатырей, противостоянии света и тьмы, в которых добро всегда берет верх. И это укрепит дух народа, что особенно важно в это непростое время. Сегодня боотуры якутской земли защищают нашу родину - великую Россию, и мы уверены в том, что мы победим. Пусть алгыс Ысыаха Олонхо дойдет до наших бойцов и придаст им силу!

Дорогие друзья! Желаю вам прекрасного праздника, благословенного лета и плодотворного труда, крепкого здоровья и всех благ!

Өймөкөөн улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕынан эҕэрдэтэ

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Ытык-мааны Өймөкөөн улууһун олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Олоҥхо XVI ыһыаҕынан эҕэрдэлиибин!

2005 сыллаахха ЮНЕСКО биһиги олоҥхобутун киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньытынан (шедевринэн) билиммитэ.

Олоҥхо саха норуотун тылынан искусствотын муҥутуур чыпчаала буолар. Бу улуукан айымньыга аналлаах бырааһынньык аан бастаан 2006 сыллаахха тэриллибитэ, онтон ыла Олоҥхо ыһыаҕа өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыгар ыытыллан кэллэ.

Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбит бу сүдү айымньыбытыгар норуоппут үйэлэргэ умнуллубат кэриэһэ, литературата, устуоруйата иҥэн сылдьар. Ол курдук Олоҥхоҕо сырдык күүс хара дьайы кыайыыта, холооно суох хорсун быһыы, киһи санаатын күүһүгэр эрэнии, аҕа саастаахтарга ытыктабыл, кыраны-кыамматы көмүскүүр аһыныгас быһыы-майгы хоһуйуллар.

Урукку өттүгэр Олоҥхо ыһыаҕа Хотугу улуустартан Үөһээ Дьааҥы улууһугар ыытыллыбыта. Быйылгы ыһыаҕы Тымныы полюһунан аатырбыт, суон сураҕырбыт Өймөкөөн улууһугар ыытар дьоһун суолталаах тэрээһининэн буолар. Бу маннык киэҥ хабааннаах тэрээһин улуустарбытын социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн сайыннарарга уонна ураты үгэстээх култуурабытын чөл хаалларарга төһүү буолара чахчы.

Кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэбитигэр төрүт култуураны өйүүргэ судаарыстыба өттүттэн улахан болҕомто ууруллар. Ол курдук, Олоҥхо дьиэлэрин кэлим тиһигэ тэрилиннэ. Былырыын Олоҥхо күнүгэр олоҥхоһуттарга, оһуохай тылын этээччилэргэ, тимир уустарыгар Ил Дархан ыйдааҕы истипиэндьийэлэрэ аан бастаан туттарыллыбыттара. Оттон быйылгыттан Саха сирин норуотун маастардарыгар истипиэндьийэлэр олохтоннулар. Онон, номнуо үгэскэ кубулуйбут Олоҥхобут ыһыаҕар төрүт култуурабытын үйэтитээччилэрбит бу күҥҥэ туох-ханнык ситиһиилээхтэрин илэ-чахчы көрүөхпүт.

Бырааһынньык иннинэ Өймөкөөн олохтоохторун былыргы үгэстэрин сөргүтэн, чөлүгэр түһэрэн, Үөһээ Айыыларга сүгүрүйэр, уйгуну-быйаҥы көрдөһөр алгыс сиэрэ-туома ыытыллыаҕа. Ыһыах аһыллыытыгар тыйаатыр туруоруутун сүрүн дьоруойунан Өймөкөөн уус-уран айымньытын бухатыыра Дугуйа Бөҕө буолуоҕа.

“Өбүгэлэрбит хаалларбыт үйэлээх баайдара” быыстапкаҕа саха уустарын оҥоһуктарын: былыргы уонна аныгы ньыманан оҥоһуллубут быһахтары, араас кэмнээҕи хомустары, батыйалары, былыргы истииллээх үрүҥ көмүс киэргэллэри көрдөрүөхтэрэ. Эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы ат симэҕин V күрэҕэр Саха сириттэн, Тываттан уонна Алтайтан 15 толору симэҕи оҥорбут талба талааннаахтар кытталлара күүтүллэр.

Олоҥхо ыһыаҕар уопсайа култуура 80-тан тахса тэрээһинэ, успуорт 15 күрэхтэһиитэ, 20 куонкурус ыытыллыаҕа. Олоҥхоһуттар, оһуохай тылын этээччилэр, уустар, хомусчуттар, норуот уус-уран айымньытын жанрдарын толорооччулар, норуот уус-уран оҥоһуктарын маастардарын ортолоругар кыайыылаахтар – төрүт култуурабытын бастыҥ үйэтитээччилэр быһаарыллыахтара.

Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн түһүлгэтигэр Саха сирин бастыҥ олоҥхоһуттара түмсүөхтэрэ. Ол онно дуулаҕа бухатыырдар хорсун быһыыларын, сырдык уонна хараҥа күүстэр киирсиилэрин, үтүө мэлдьи кыайарын туһунан хатыламмат устуоруйалары истиэхпит, бу билиҥҥи судургута суох кэмҥэ сүргэбитин көтөҕүөҕэ, куппутун-сүрбүтүн бөҕөргөтүөҕэ. Күн бүгүн Сахабыт сирин боотурдара төрөөбүт дойдубутун – Улуу Россияны көмүскүү сылдьаллар. Онуоха биһиги кыайыахпыт диэн эрэнэбит. Олоҥхо ыһыаҕын алгыһа биһиги буойуттарбытыгар тиийдин, уҕараабат күүһү, энчирээбэт эрчими эптин!

Күндү доҕоттор! Умнуллубат кэрэ бырааһынньыгы, өҥ-быйаҥ сайыны, таһаарыылаах үлэни, чэгиэн-чэбдик туругу уонна бары үтүөнү баҕарабын!

Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев

Наш канал в Telegram