Дорогие учащиеся и студенты! Уважаемые учителя и родители! От имени Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю вас с Днем знаний и началом нового учебного года! Сегодня в нашей республике более пятнадцати с половиной тысяч детей впервые пойдут в школу. Школьные годы, учеба в университете, друзья и педагоги – со всем этим связаны наши лучшие годы и воспоминания.
День знаний особенно значим в 2023-м году, объявленном Президентом страны Владимиром Путиным Годом педагога и наставника. А в Республике Саха (Якутия) по решению Главы республики Айсена Николаева 2023-й год проходит под знаком Года труда.
Именно труд и трудовое воспитание с малых лет, со школьной скамьи прививает нашим юным гражданам такие важные качества, как навык к работе, проявление уважения к своему труду, к труду людей.
Многое в этом зависит от родителей, педагогов. От воспитания в семье, в школе зависит становление человека, как личности и как гражданина, любящего своих родителей, уважающего старшее поколение, защищающего свою Родину.
Дорогие школьники и студенты! Учитесь, познавайте, развивайтесь, открывайте много нового для себя, стремитесь к лучшему! Желаю побед, успехов и достижений во всех ваших начинаниях! Алексей ЕРЕМЕЕВ, Председатель Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия)
Күндү үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар! Убаастабыллаах учууталлар уонна төрөппүттэр!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан Билии күнүнэн, саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан эһигини эҕэрдэлиибин!
Бүгүн өрөспүүбүлүкэбитигэр 15 тыһыынчаттан тахса оҕо аан маҥнай оскуолаҕа барар. Оскуола сыллара, университекка үөрэнии, доҕоттор уонна педагогтар – биһиги саамай үчүгэй кэммит уонна ахтыыбыт маны барытын кытта сибээстээх.
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Педагог уонна настаабынньык сылынан биллэрбит 2023 сылыгар Билии күнэ ордук суолталаах. Оттон Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ил Дархан Айсен Николаев уурааҕынан 2023 сыл Үлэ сылынан биллэриллибитэ.
Үлэлиир сатабыл, бэйэтин үлэтигэр, дьон үлэтигэр убаастабыллаах сыһыан курдук улахан наадалаах хаачыстыбалары эдэр гражданнарбытыгар кыра саастарыттан, оскуола саҕаттан үлэ уонна үлэҕэ иитии эрэ иҥэрэр.
Төрөппүттэртэн, педагогтартан манна элбэх тутулуктаах. Киһи төрөппүттэрин таптыыр, аҕа көлүөнэни убаастыыр, Төрөөбүт дойдутун көмүскүүр лиичинэс уонна гражданин быһыытынан сайдан тахсыыта дьиэ кэргэҥҥэ, оскуолаҕа иитииттэн тутулуктаах.
Күндү үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар! Үөрэниҥ, үүнүҥ-сайдыҥ, бэйэҕитигэр элбэх саҥаны арыйыҥ, үтүөҕэ дьулуһуҥ! Саҕалаабыккыт барыта кыалыннын, табылыннын, сатаннын!
Алексей ЕРЕМЕЕВ,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ