Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатыгар улахан кылаатын киллэрбит, бу эйгэни ис-иһиттэн билэр дьоннортон биирдэстэрэ Дмитрий Наумов буолар. Ону таһынан, кинини биһиги суруйааччы уонна драматург быһыытынан билэбит. Дмитрий Федосеевич өр сыллаах үлэтин-хамнаһын уонна суруйааччы идэтигэр соһуччу умсугуйуутун туһунан биһиэхэ кэпсээтэ.
- Дмитрий Федосеевич, эн Үөһээ Бүлүү улууһугар Исидор Барахов аатынан сопхуоһу саамай ыарахан кэмнэргэ – 1990-1992 сылларга салайбытыҥ. Эһиги, тыа сирин олохтоохторо, онно туох кыһалҕалары көрсүбүккүтүй?
- Бараахап аатынан сопхуоска мин 1974 сылтан 1993 сылга дылы үлэлээбитим. Отделениеҕа уһуннук зоотехниктаабытым. Онтон сопхуос солбуйааччы дириэктэринэн үлэлээбитим. Балаҕаннаах отделениетыгар тылланан баран үс аҥаар сыл управляющайдаабытым. Уонна сопхуос дириэктэринэн үлэлээбитим.
«Бараахап» сопхуоска 1000 ыанар ынах баар этэ. Аҥаардас биһи отделениебыт 300-тэн тахса ыанар ынахтааҕа. Балаҕаннаах биригээдэтигэр 250-тэн тахса ыанар ынах баара. 700-тэн тахса кыстыыр сылгылаах этибит. Ити ыал киэнин аахпакка туран, аҥаардас хаһаайыстыба киэнэ этэ.
1000 кэриҥэ гектар бурдук ыһыылаах этибит. Биһиги отделениебыт 2 биригээдэтинэн – Намынан уонна Балаҕаннааҕынан 90 гектар хортуоска олордор этибит.
Уларыта тутуу саҕаламмытын кэннэ ыарахан кэмнэр буолбуттара. «Хатас» сопхуос дириэктэрэ Прасковья Павловна Федоровалыын Москваҕа баран РСФСР Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн көҥүллэтэн коллективнай предприятие буолбуппут. Онон Харбалаах, Тамалакаан, Ороһу, Балаҕаннаах уонна Нам отделениелара коллективнай предприятие буолбуттара. Ити предприятиелар холбоһон Исидор Барахов аатынан коллективнай предприятиены тэрийбиттэрэ. Бригаднай подряд быһыытынан үлэлиир гына тэриммиппит. Мин КП ыһыллыытыгар тиийбэтэҕим – Аммаҕа баһылыктыы барбытым.
Биһиги саҕана тыа хаһаайыстыбата быһаарыллыбат проблемалаах этэ дии санаабаппын. Сүрүн ходуһаларбыт бары нүөлсүтүллэр этилэр, КП аайы сиилэстииргэ анаан күөх үүнээйи ыһар этибит, онно үлэлиир лугомелирирятивнай этэрээттээх этибит.
Балаҕаннаахха үлэлиир кэммэр отделениебыт оройуон биир биллэр үчүгэй үлэлээх кэлэктиибэ этэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ элбэхтик суруллубуппут, көстүбүппүт. Онтон дириэктэрбит оһоллонон хаалан кини оннугар дириэктэр буолбутум. «Бараахапка» үлэлээбит сылларбын олоҕум биир саамай үтүө, чаҕылхай кэмнэринэн ааҕабын.
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлиир эрдэххинэ туох ыарахаттар баар этилэрий? Олору хайдах быһаарбыккытый?
- Тыа хаһаайыстыбатын кэнники кыһалҕата диэн – судаарыстыба бэйэтин баайын-дуолун барытын түҥэтэн биэрбитэ, Саха сирин бас билиитигэр биир эрэ «Арктика» холкуос баар этэ, уоннааҕытын барытын судаарыстыба бас билэрэ. Сорохтор КП-ларыттан, үллэһиллибит баайдарыттан хаһаайыстыба тэриммиттэрэ, оттон үгүс хаһаайыстыбалар суох буолбуттара. Кыһалҕата диэн – ол саҕана хаалбыт хаһаайыстыбалар үп өттүнэн наһаа мөлтөх этилэр. Уопсайынан Россия сокуона барыта тыа хаһаайыстыбатыгар бүддьүөт көмөлөһөрүн бобор этэ. Ол курдук, Михаил Ефимович ол мэһэйи туоруу сатаан датаассыйа көрөр буолбута. Датаассыйа 60 бырыһыана бүддьүөккэ төннөрүллэр гына оҥоһуллубута. Бастакы сылга ыларга син үчүгэй курдуга, оттон иккис сылга харчы 60 бырыһыанын төлүүргэ ыарахан этэ.
Онтон Вячеслав Штыров бэрэсидьиэнинэн талыллан баран тыа сирин социальнай-экономическай сайдыытын бырагырааматын оҥорторбута. Оччолорго мин тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ этим. Этии киллэрбиппитин бэрэсидьиэн улаханнык өйөөн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн туох баар тыа хаһаайыстыбатын управлениеларын начаалынньыктарын хомуйан, мунньахтаан баран «бырагыраамата оҥоруоҕуҥ» диэбитэ. Ол бырагырааманы оҥорбуппут кэннэ кини ылынан «Бэрэсидьиэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын сирин социальнай-экономическай сайдыытын бырагыраамата» диэн укааһынан бигэргэппитэ. Ити кэннэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн харчы көрүллэр буолбута. Маҥнай 3 млрд. 600 мөл. солкуобай көрүллүбүтүттэн, кэлин улаатан, мин дьокутаат буоларбар 4 млрд. 600 мөл. солкуобайга тиийбитэ. Ити субсидия диэн аатырара уонна ону судаарыстыба төттөрү иэстээн ылбат этэ.
Мин миниистирдээн бүтэн бырабыыталыстыба солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олордохпуна Россия үбүн миниистирэ Алексей Кудрин кэлэн мунньахтаабыта. Учууталлар хамнастара кыра диэн өрөспүүбүлүкэ туруорсуутугар кини эппитэ: «Эһиги тыа хаһаайыстыбатыгар сокуону таһынан харчы биэрэр эбиккит. Мантыкаҕытын биэрбэтэххитинэ, бүддьүөккэ төнүннэрдэххитинэ, учууталлар хамнастарын эбиэххэ сөп». Мин улаханнык долгуйбутум, ол гынан баран, Вячеслав Анатольевич миниистир этиитин олох хамсаабат, туох да утарыласпат гына олус үчүгэйдик быһаарбыта уонна бэйэтин этиитин ылыннарбыта. Онтон нөҥүө сылыгар Россия тыа сирин сайдыытын туһунан сокуонугар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ көмөлөһүөн сөбүн туһунан ыстатыйа киллэрбитэ, билигин ити көмө бара турар. Холобур, 2023 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ 14 млрд. 200 мөл. солкуобайы биэрэр. Онон Ил Түмэҥҥэ үлэлиирбэр улахан туох да кыһалҕаны көрсүбэтэҕим. Үлэлиир кэммэр тыа сиригэр харчы биэриитигэр ханнык да мөккүөр тахсыбат этэ. Тоҕо диэтэххэ, бэрэсидьиэн Штыров биир да ыйы көтүппэккэ тыа сирин бырагырааматынан үлэ хайдах баран иһэрин хонтуруоллаан мунньах ыытара, укаас уталытыллыбакка толоруллара.
Бырабыыталыстыба эрдэттэн кэпсэтэн, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ оҥорон, бырабыыталыстыбаҕа бигэргэтэн киллэрбит үбүн-харчытын дьокутааттар күүстээх мөккүөрдэри таһаарбакка судургутук аһараллар этэ.
- 2008 сылга эн Ил Түмэн дьокутаатынан талыллыбытыҥ. Ол сылларга тыа хаһаайыстыбатыгар туох кыһалҕалар баар этилэрий? Сокуон таһымыгар бастакы уочаратынан тугу быһаарыахха наада этэй?
- Судаарыстыбаннай да, представительскай да былааска үлэлээбит уопуттаах, бырагыраама оҥоруутун баһыттан атаҕар дылы салайсыбыт киһи буоларым быһыытынан миэхэ арыый чэпчэки этэ. Сабыс-саҥа киирэн кэлбэтэҕим, бэлэмнээх киһи этим. Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Виталий Николаевич Басыгысовтыын олус тапсан үлэлээбиппит. 4 ыҥырыылаах Ил Түмэҥҥэ биһиги Аграрнай баартыйа быһыытынан киирбиппит. Александр Николаевич Жирков ол баартыйаны салайар этэ. Онтон үлэлээбиппит иккис сылбыгар Россия аграрнай баартыйата «Биир ньыгыл Россияҕа» холбоспута. Утарсыыта суох баартыйаҕа киирэн үлэлээн барбыппыт. Аграрнай баартыйаттан киирбит дьоннор быыбардааччыларбыт биэрбит этиилэрин толорор сыалтан утарсыыта суох киирэн үлэлээн барбыппыт. Александр Жирков солбуйааччы Бэрэссэдээтэл, Александр Уаров үп кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, мин аграрнай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ, Александр Подголов ыччат кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Семен Иванов айылҕа баайын кэмитиэтигэр солбуйааччы буолан үлэлээбиппит. Онон улахан дуоһунастардаах этибит. Ол гынан баран, Ил Түмэн иһигэр хайаан даҕаны тыа сирин өйүүр дьонноох буолуохтаахпыт диэн дьокутаат бөлөҕүн тэрийбиппит. Онно 30-тан тахса киһи баар этэ.
- IV ыҥырыылаах Ил Түмэн үлэтин кэмигэр тыа хаһаайыстыбатыгар ханнык сокуоннар ылыллыбыттарай?
- Ол саҕана «Россия сирин кодексата» киирбитигэр тыа хаһаайыстыбатыгар элбэх боппуруостар бааллар этэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит тыатын сирэ булдунан дьарыктанар. Госдума Бултааһын туһунан Россия сокуонун бэлэмнээбитэ. Ол сокуон любительскай бултааһын туһунан эрэ этэ. Госдуматтан улахан дэлэгээссийэни ыҥырбыппыт. Дэлэгээссийэ үлэлиир кэмигэр булт туһунан сокуоҥҥа промысловай бултааһын туһунан 28 ыстатыйаны эбии киллэрбиппит.
- Эн сельсовет исполкомун бэрэссэдээтэлэ, сопхуос дириэктэрэ, Амма улууһун баһылыга, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ буола сылдьыбытыҥ. Оннооҕор «Анаабыр алмаастарын» генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта этиҥ. Ханнык үлэни ордук өйдөөн хааллыҥ уонна тоҕо?
- Мааҕын эппитим курдук, сопхуоска үлэлээбит кэммин олоҕум биир үтүө кэмэ диибин. Уонна 47 сааспыттан ыла дойдубар Аммаҕа 1995 сылтан 2000 сыллаах атырдьах ыйыгар дылы баһылыктаабыппын, дьонум-сэргэм өйөбүлүн ылан ыарахан кэми этэҥҥэ аһарбыппытын эмиэ биир үтүө кэминэн ааҕабын.
- Айымньыҥ туһунан тугу эмэ кэпсиэҥ дуо?
- Мин 55 сааспар суруйары саҕалаабытым. Ол иннинэ тугу да суруйбат этим. Бүөтүр Ньукулаайабыс Тобуруокап өлбүтүн кэннэ иккис сылыгар, төрөөбүтэ 85 сыла буолбутугар, туох даҕаны ыстатыйа тахсыбатаҕа. Кинини хомуньуус диэннэр туора көрүөх курдуктар этэ. Ол иһин кини туһунан улахан ыстатыйа суруйбутум. Оччоҕо бырабыыталыстыба солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ этим. Ыстатыйам «Кыым» хаһыакка бүтүн балаһаны ылан тахсыбыта. Ол тахсыбытын кэннэ, арай, эбиэттии олордохпуна Михаил Петрович Алексеев-Дапсы күн ортото араадьыйаҕа биэрэр «Биһирэм тыл» биэриитигэр Дмитрий Наумов ыстатыйатын ырытарын эппитигэр, ону мин истэммин араадьыйаны улаатыннардым. Хайгыыр этэ эрээри, тыа хаһаайыстыбатын исписэллиһэ киһи бачча улахан ыстатыйаҕа 2 эрэ тылга сыыспыт. Кэлин Михаил Петровичтан ыйыта сатаабытым даҕаны, ханнык тылы сыыспыппын эппэтэҕэ уонна биэриитин устубут кассетатын бэлэхтээбитэ.
Онтон эр ыламмын кылгас кэпсээннэри суруйар буолбутум. Мин куруук массыынаҕа бииргэ айаннаан иһэн дьоннорбор кэпсиир кэпсээннэрдээх буолабын. Ол дэриэбинэ туһунан кэпсээннэрбин суруйан барбытым. Көмөлөһөөччүм Гаврил Максимов саха тылын үөрэхтээх этэ. «Суруйбуппун көр эрэ» диэн биэрбиппин, киһим тыл үөрэхтээх дьоннорго, саха тылыгар бииргэ үөрэммит кыргыттарыгар биэрбитэ. Олор кып-кыһыл гына көннөрбүттэр этэ. Ол гынан баран, соппутуойдар өттүлэригэр кыратык моһуоктаабыттарын ылынан баран, суруллар истиилин уларытарга сөпсөспөтөҕүм уонна ол дьону ылыннарбытым. Онон ол мин суруйар истиилим буолбута.
«Дэриэбинэм барахсан» диэн бастакы кинигэбин суруйбутум. Ону Иннокентий Пестряков иллюстрациялаан таһаарбыта. Ол кэннэ тууһугуран туран олоро түстүм даҕаны 3 кинигэни суруйбутум. Онтон ыла суруйарга санаа эрийэн барбыта. Үлэлээн бүтэн бараммын дыраамалары, пьесалары суруйдум. Онон син үлэлээтим диэн саныыбын.
Народнай тыйаатырдарга «Режиссердар күрэхтэрэ» диэн куонкуруһу иккилии сыл буола-буола ыытабыт. Аан маҥнай сыл аайы барар этэ. Онтон пандемия мэһэйдээбитин кэнниттэн иккилии сылга оҥорор буолбуппут. Уопсайа бу куонкуруһу сэттэтэ ыыттым.
Народнай тыйаатырдар мин испэктээктэрбин 163-тэ туруорбуттара. Саха тыйаатыра билиҥҥэ дылы бэйэтин репертуарыгар «Бүгүн эбэтэр хаһан да» диэн Исидор Барахов уонна Сергей Широких-Полянскай тустарынан испэктээги туруорар. Аммаҕа гражданскай сэрии 5 сыл устата буолбута, ол иһин ити тиэмэ биһиэхэ, Амма оҕолоругар, сүрдээхтик өйдөнөр. Онон мин оҕо эрдэхпиттэн интэриэһиргээбит тиэмэбин үөрэтэн, Бараахап уонна Широких-Полянскай хорсун быһыыларын ырытан көрөн испэктээк суруйбутум.
Бараахап сопхуоска үлэлии сылдьан Харбалаахха Николай Алексеевич Ноттосов диэн сэрии бэтэрээнэ олорор этэ. Кини дьылҕатын туһунан испэктээк суруйбутум. Ол эмиэ Саха тыйаатырын репертуарыгар баар. Ону таһынан, «Оҕустар забастовкалара» диэни 7 сыл репертуардарыгар туруорбуттара.
Саха народнай артыыһа Алексей Егоров Сардаана сибэкки диэн мюзикл оҥорон ситиһиилээхтик туруора сылдьар.
«Саха сирин бастыҥ драматура» диэн Алампа Соппуруонап аатынан уопсастыбаннай бириэмийэ лауреата буолбутум. Барыта 11 кинигэлээхпин. Элбэх кэпсээннэрбин Саха тыйаатырын артыыстара ааҕан 6 аудио кинигэлээх диискэни таһаардым.
Академик, социалистическай үлэ дьоруойа, Амма киһитэ Леонид Киренскэй туһунан кинигэ таһаарбытым. Уонна филологическай наука дуоктара Николай Ефремовтыын саха алпаабытын уонна саха бастакы хаһыатын таһаарбыт Николай Егорович Афанасьев ахтыыларын хомуйан кинигэ оҥорбуппут. Лия Львовна Габышеваҕа «Бельканто в якутских снегах» диэн Амма биир аатырбыт ырыаһыта Матвей Лобанов туһунан кинигэтин таһаарарыгар улаханнык көмөлөспүтүм. Билигин ол кинигэни өссө сахалыы тылбаастыахпын баҕарабын.
Литератураҕа үлэлээбит үлэм эмискэ үрдүктүк сыаналанан соһуппута. Саха народнай суруйааччыта буолбутум. Ол миэхэ билигин үлэлиирбэр-хамныырбар улахан эппиэтинэһи үөскэтэр.
- Өрөспүүбүлүкэ сайдарыгар кэлэр көлүөнэҕэ тугу сүбэлиэҥ этэй?
- Сахалар тыа сиригэр олоробут. Социализмтан капитализмҥа барыы кэмигэр тыа сиригэр үөскээбит ыарахан балаһыанньаны быһаарыыга биһи көлүөнэбит лаппа улаханы оҥорон Саха сирин биир да дэриэбинэтэ сабыллыбата. Арай, көмүсчүттэр бөһүөлэктэрэ сабыллыбыттара.
Билигин дьоммут-сэргэбит сүөм түспэккэ, «биһи муҥнаахтар» диэбэккэ олох хардыытынан хаамсан иһиэхтэрин баҕарабын. Тыабыт сиригэр олордохпутуна тугу да гыммат буолбатахпыт, үлэ элбэх. Холобур, тыһыынчанан ыанар ынахтаах Бараахап сопхуос туһунан инники эппитим. Билигин онно төһө ыанар ынах хаалбытын билбэппин буолан баран, лаппа аҕыйаабыт буолуохтаах.
Саха дьоно үөрэхтээх-билиилээх, ханна баҕарар тиийэн үлэлиир буолбуттарын көрөммүн эмиэ үөрэбин. Урут сылдьыбат сирбитигэр – алмааска, көмүскэ билигин тыһыынчанан киһи үлэлиир. Ол эмиэ үчүгэй. Тоҕо диэтэххэ, бэйэбит дойдубутугар хостонор сир баайыттан бэрсиэхтэрэ диэн күүппэккэ, үлэлээн харчы ылыахтаахпыт.
Ыччат муҥутахсыйан хаалбакка, барытыгар иннин диэки баран иһиэхтээх. Ол гынан баран, сүрүн баайбыт, сирбит-уоппут, балыктыыр күөлбүт барыта бэйэбит норуоппутугар хаалан туһалыахтаах дии саныыбын.
Сири-уоту титириккэ-хахыйахха былдьаппакка көрөн-истэн, үлэлээн-хамсаан иһиэххэ. Биһи боробууксуйабытыгар наадыйыы син биир улахан. Өрөспүүбүлүкэбит тыа сиригэр көмөлөспүтүн курдук көмөлөһө туруо. Киһи сарсыарда, күнүс, киэһэ аһыырын хаһан даҕаны суох гыммат ээ. Ол тухары барыта бэйэ бородууксуйата наада. Бэйэ оҥорон таһаарар аһа-үөлэ билиҥҥи кэмҥэ ырааһынан уонна иҥэмтэлээҕинэн саамай ордуктара буолар. От аһылыктаах мэччирэҥҥэ сылдьар сүөһү этиттэн минньигэс эт суох.
Мин биир табаарыһым, халбаһы оҥорорунан дьарыктанар киһи «Саха сүөһүтүн этин куһуоктаан баран миин нобуора оҥорон атыылыыр киһи аан дойдуга аатырыах этэ», – диирэ. Үүппүт, аспыт барыта сыаналаах. Сибилигин эт сыаната ыараабытын иһиттэхпинэ, урукку зоотехнигым киирэн үөрэбин. Оттон атыылаһаары гыннахпына – пенсионербын саныыбын. Ону айдаарбакка эрэ ылабын. Тоҕо диэтэххэ, төһө үлэттэн кэлэрин билэбин.