Уважаемые горожане! Дорогие жители Якутска! От имени руководства Окружной администрации и от себя лично сердечно поздравляю вас с государственным праздником – Днем Республики Саха (Якутия)! Более ста лет назад отцы-основатели нашей республики - Максим Кирович Аммосов, Платон Алексеевич Ойунский, Исидор Никифорович Барахов, при поддержке единомышленников и населения – взяли на себя ответственность за будущее родной Якутии и впервые реализовали идею государственности нашего народа. Это историческое событие стало прочной основой для поступательного развития экономики и промышленности, социальной сферы республики в составе единого Российского государства. Сегодня наша столица, город Якутск, благодаря принятию мастер-плана развития до 2030 года, поддержанного президентом Владимиром Владимировичем Путиным, имеет четкие цели и планы социально-экономического развития, которые уже успешно претворяются в жизнь. Массово строятся новые социальные объекты, инженерная инфраструктура, жилье, дороги и общественные пространства – все то, что формирует качество и комфорт жизни горожан. Работы впереди предстоит очень много, и только сообща, своим напряженным и эффективным трудом мы сможем добиться поставленных целей. Поздравляю жителей Якутска с праздником, желаю вам крепкого здоровья, добра и благополучия! С Днем Республики Саха (Якутия)!
Ытыктабыллаах киин куорат олохтоохторо!
Дьокуускай куорат дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Сүүстэн тахса сыл анараа өттүгэр биһиги өрөспүүбүлүкэбитин төрүттээбит Ытык дьоммут Максим Кирович Аммосов, Платон Алексеевич Ойунскай, Исидор Никифорович Барахов дьон-сэргэ, биир санаалаахтарын өйөбүллэринэн Саха сирин инники дьылҕатын бэйэлэрин эппиэтинэстэригэр ылыммыттара. Историяҕа аан бастаан норуоппут судаарыстыбаннаһын идиэйэтин олоххо киллэрбиттэрэ. Ити историческай чахчы Арассыыйа састаабыгар баар Саха сирин экономиката, промышленноһа, социальнай эйгэтэ балысханнык сайдалларыгар сүрүн олугу уурбута. Бүгүн биһиги Дьокуускай куораппыт Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөөбүт 2030 сылга диэри болдьохтоох маастар- былааныгар олоҕуран, инники сайдыытын сүрүн торумнара чопчуланна уонна чуолкайданна.
Өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экономическай сайдыытын сүрүн өрүттэрэ олоххо киирэллэр. Ол курдук, социальнай эбийиэктэр, олорор дьиэлэр тутуллаллар, инженернэй инфраструктура, суоллар, дьон сынньанар сирдэрэ оҥоһулаллар. Ити барыта дьон олоҕун таһыма үрдүүрүгэр сүрүн төрүт. Иннибитигэр элбэх үлэ күүтэр. Хас биирдиибит биир сомоҕо санаанан, көдьүүстээх үлэнэн туруоруммут сыалбытын-сорукпутун ситиһиэхпит диэн бигэ эрэллээхпин. Дьокуускай олохтоохторун бэлиэ күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Чиҥ туругу, этэҥҥэ буолууну, дьолу-соргуну баҕарабын! Бука барыгытын Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн !
Глава городского округа "город Якутск " Евгений Григорьев