Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Николаева с Днем Матери в России
Уважаемые, любимые наши женщины! От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю вас с всероссийским Днём Матери!
Этот праздник – не только дань глубокого уважения и любви к нашим матерям, это признание на государственном уровне важнейшей роли женщины в развитии нашего общества.
В каждом регионе России это подчеркивают хорошими мероприятиями, вниманием и заботой о матери и женщине. Именно чтобы поднять статус матерей и ценность материнства, мы объявили год столетия Республики Саха (Якутия) Годом Матери. Ведь для того, чтобы идти дальше и развиваться, нам надо обратиться к своим истокам. А начало каждого человека – мать. Как она воспитает своих детей, какие ценности заложит, таким и будет общество.
В этом году мы реализовали много новых инициатив для защиты семьи, материнства и детства, начиная от дополнительных выплат матерям, многодетным и приёмным семьям, заканчивая строительством социальных объектов.
Продолжается выплата целевого капитала «Дети столетия», благодаря которому каждый ребёнок, рождённый в этом году, получает средства в размере 100 тысяч рублей. Сегодня целевой капитал назначен более 7400 семьям республики, 1700 из них уже распорядились средствами, направив их на улучшение жилищных условий, приобретение транспортного средства и другие важные цели.
Сейчас наш долг – помогать семьям военнослужащих земляков. Выплаты семьям, специальные стипендии студентам, бесплатное школьное питание, санаторно-курортное лечение родителям – все эти вопросы находятся на ежедневном контроле правительства республики. Ведь самая большая помощь, которую мы можем оказать в тылу нашим бойцам – это поддержка их жён, детей и родителей. Дорогие Матери! Спасибо вам за ваших героев-сыновей!
Дорогие женщины! Вы являетесь центром семьи, оберегая её, наделяя любовью и созидательной энергией. В счастье всех матерей заключается счастье всей республики. Это наша важнейшая ценность и нравственная опора для успешного развития в настоящем и будущем. Хочу пожелать вам и вашим близким крепкого здоровья и неиссякаемой энергии, удачи и успехов во всех начинаниях, благополучия и счастья!
Ытыктабыллаах, тапталлаах далбар хотуттарбыт!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Бүтүн Россиятааҕы Ийэ күнүнэн ис сүрэхпиттэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
Бу бырааһынньык – ийэлэрбитигэр ытыктабылы, тапталы биллэрии эрэ буолбакка, кэрэ аҥаардарбыт уопсастыба сайдыытыгар киллэрэр кылааттарын судаарыстыба таһымыгар билинии бэлиэтэ.
Россия бары эрэгийиэнигэр бу дьоро күҥҥэ ийэлэргэ, дьахталларга ураты болҕомтолорун, кыһамньыларын уураллар, үчүгэй тэрээһиннэри аныыллар. Оттон биһиги ийэ үрдүк аатын уонна ийэ буолуу суолтатын өрө таһаарар инниттэн өрөспүүбүлүкэбит тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиир быйылгы үбүлүөйдээх сылбытын Ийэ сылынан биллэрбиппит.
Хас биирдии киһи ийэттэн төрүүр, ийэттэн кэлэр. Кини оҕотун хайдах иитэриттэн, оҕотугар сыһыаныттан уопсастыба быһыыта-майгыта, туруга улахан тутулуктаах. Онон салгыы сайдар туһугар төрдүбүтүн-төрүппүтүн билиэх тустаахпыт.
Быйыл биһиги дьиэ кэргэни, ийэ буолууну уонна оҕо сааһы көмүскүүргэ анаан ийэлэргэ, элбэх оҕолоох уонна оҕону иитэ ылбыт дьиэ кэргэттэргэ эбии төлөбүрдэртэн саҕалаан социальнай эбийиэктэри тутууга тиийэ элбэх саҥа көҕүлээһини олоххо киллэрдибит.
Быйылгы үбүлүөйдээх сылга төрөөбүт оҕолорго “100 сыл оҕолоро” диэн 100 тыһыынча солкуобай суумалаах тус сыаллаах хапытаалы биэрии салҕанар. Бүгүҥҥү күн туругунан бу көмө өрөспүүбүлүкэ 7400 дьиэ кэргэнигэр бэрилиннэ, олортон 1700 ыал бу үбү олорор усулуобуйаларын тупсарыыга, тырааныспары атыылаһыыга уонна да атын тустаах ороскуоту толуйууга туһанна.
Биһиги билиҥҥи ытык иэспит – байыаннай сулууспаҕа барбыт биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүү. Байыаннай сулууспалаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр төлөбүр, устудьуон оҕолоругар анал истипиэндьийэ, оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоругар босхо аһылык, төрөппүттэригэр санаторийга-куруорка баран эмтэнии боппуруостара өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбатын күннээҕи хонтуруолугар тураллар. Тыылга баар дьон байыастарбытыгар көмөбүт диэн – кинилэр кэргэттэрин, оҕолорун уонна төрөппүттэрин өйөөһүн буолар. Күндү Ийэлэр! Дьоруой уолаттаргыт иһин барҕа махтал!
Күндү далбар хотуттар! Эһиги дьиэ кэргэн эргийэр киинэ буолаҕыт, дьоҥҥутун-сэргэҕитин араҥаччылыыгыт, тапталынан угуттуугут, айарга-тутарга көҕүлүүгүт. Дьиҥэ даҕаны, дьоллоох ийэ дьоллоох олоҕу түстүүр. Онон өрөспүүбүлүкэбит уйгута улаатарын, чэчирии сайдарын туһугар биһиги билигин уонна инникитин даҕаны хас биирдии ийэ дьоллоох буоларын туһугар кыһаллыах тустаахпыт. Ийэ күнүнэн эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар чэгиэн-чэбдик туругу, энчирээбэт эрчими, этэҥҥэ буолууну, дьолу-соргуну баҕарабын! Саҕалаабыккыт барыта табылла турдун!
Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев
ТОП
- Авиапассажир рейса Москва-Якутск заявил, что везет с собой десять килограммов взрывчатки и столько же наркотиков
- Житель Якутска осужден за сотрудничество со спецслужбами Украины
- Жителям Якутии снова доступен безлимитный интернет
- Якутянка, которой бывший муж отрезал ухо и нос, опубликовала фото после пластической операции
- Кикбоксинг: Якутяне удачно стартовали на чемпионате России
Свежие новости
- Мошенники выманили сбережения у пенсионерки из Якутска, обещая заработок на покупке нефти
- В парламенте Якутии приняли закон о ежемесячном денежном вознаграждении за классное руководство педагогическим работникам
- Якутянин купил 15 тысяч бутылок водки. Для личного потребления?
- Газовики приняли участие в фестивале трудовых коллективов
Комментарии
Добавить комментарий