Глава Якутии Айсен Николаев поздравляет с Днём российской печати
Уважаемые журналисты, работники печати, телевидения, радио, интернет-изданий и ветераны отрасли! От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю вас с Днем российской печати!
Ваш профессиональный праздник с 1991 года отмечается в России 13 января. Он учреждён в честь исторической даты - начала издания в 1703 году первой российской печатной газеты. Она называлась «Ведомости о военных и иных делах, достойных знания и памяти, случившихся в Московском Государстве и во иных окрестных странах». Редактором был сам Петр I. Он расценивал печатное слово как важное средство в проведении реформ и усиления могущества Российской империи.
И тогда, и сейчас печатные издания играют очень важную роль. Та информация, которую СМИ несут людям, и есть та отправная точка создания общественного мнения о государственной политике и важных событиях в жизни страны.
И сейчас, когда наша страна проводит специальную военную операцию, когда против нас работает пропагандистская машина Запада, льются потоки лжи, как никогда важны правда, гражданское мужество, честность журналистов. Именно от вас зависит, чтобы люди знали правду. Ради этого наши военкоры работают на передовой, в самой гуще событий, рискуя жизнью.
Наша республика – одна пятая часть территории великой России. И не удивительно, что Якутия является одним из лидеров страны по количеству региональных СМИ. В Якутии зарегистрировано более двухсот средств массовой информации, из них почти четверть создают и распространяют информацию на якутском языке и языках коренных малочисленных народов Севера.
Я благодарю каждого из вас за вашу работу, и особенно за вклад в освещение мероприятий юбилейного для нашей республики 2022 года – начала нового столетия её исторического пути развития. Впереди – 2023 год, объявленный Годом труда. А работать мы умеем. Только настоящим трудом мы сможем добиться многого для республики и страны. Это наша общая цель! Ваши знания и опыт, гражданская позиция, ответственность за достоверную информацию перед вашими читателями, зрителями и слушателями помогут вам и впредь быть в авангарде жизни.
Большая благодарность ветеранам отрасли, которые заложили основы нашей журналистики и издательского дела, и продолжают служить примером для всех молодых специалистов.
Дорогие друзья! Желаю вам успехов во всех начинаниях, новых идей и вдохновения, счастья, благополучия и крепкого здоровья!
Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Арассыыйа бэчээтин күнүнэн эҕэрдэлиир
Ытыктабыллаах суруналыыстар, бэчээт, тэлэбиидэнньэ, араадьыйа, интэриниэт-таһаарыылар үлэһиттэрэ уонна бэчээт эйгэтин бэтэрээннэрэ!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Арассыыйа бэчээтин күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Эһиги идэлээх бырааһынньыккыт Арассыыйаҕа 1991 сылтан тохсунньу 13 күнүгэр бэлиэтэнэр. Бу күн устуоруйа бэлиэ түгэнигэр — 1703 сыллаахха Арассыыйа бастакы хаһыата бэчээттэнэн тахсыбыт күнүгэр — олохтоммута. Ол хаһыат «Ведомости о военных и иных делах, достойных знания и памяти, случившихся в Московском Государстве и во иных окрестных странах» диэн ааттааҕа. Бүөтүр I ыраахтааҕы бэйэтэ эрэдээктэрдээбитэ. Кини реформалары ыытарга уонна Арассыыйа импиэрийэтин модун кыаҕын күүһүрдэргэ бэчээт тыла дьоһун суолталааҕын үрдүктүк сыаналыыра.
Оччолорго да, билигин да бэчээт сүҥкэн оруолу толорор. Сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр иһитиннэриилэрэ судаарыстыба бэлиитикэтин уонна дойду олоҕор буола турар түгэннэр тустарынан уопсастыбаннай өй-санаа үөскүүр олугун уураллар.
Билигин, дойдубут анал байыаннай дьайыыны ыытар, Арҕаа дойдулар биһигини утары үлэлиир, сымыйа иһитиннэриилэр кутулла турар кэмнэригэр суруналыыстан хаһааҥҥытааҕар даҕаны кыларыйар кырдьык, хорсун санааланыы, чиэһинэй буолуу ирдэнэр. Дьон-сэргэ кырдьыгы билэрэ эһигиттэн быһаччы тутулуктаах. Ол туһугар байыаннай кэрэспэдьиэннэрбит инники кирбиигэ, тыын харбаһар кутталлаах сиргэ үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит улуу Арассыыйа сирин-уотун биэс гыммыт биирин ылар. Онон Сахабыт сирэ сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэрин ахсаанынан дойду үгүс эрэгийиэннэрин баһыйара оруннаах. Ол курдук, биһиэхэ сонуну киэҥник тарҕатыы эйгэтигэр 200-тэн тахса тэрилтэ үлэлиир, олортон чиэппэрин кэриҥэ иһитиннэриини сахалыы уонна хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын тылларынан тарҕатар.
Бүгүн мин хас биирдиигитигэр үлэҕит иһин, чуолаан, өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын саҥа суолун саҕар үбүлүөйдээх 2022 сылы сырдатыыга киллэрбит кылааккыт иһин махтанабын. Үлэ сылынан биллэриллибит 2023 сылбыт саҕаланна. Биһиги үлэни кыайа-хото тутабыт. Сатабыллаах үлэбитинэн эрэ өрөспүүбүлүкэбитигэр, дойдубутугар элбэҕи ситиһиэхпит. Бу биһиги уопсай сорукпут! Эһиги билиигит уонна уопуккут, гражданин быһыытынан тутуһар сүрүн суолгут, ааҕааччы, көрөөччү уонна истээччи иннигэр кырдьыктаах иһитиннэрии иһин эппиэтинэскит инники да өттүгэр олох үөһүгэр сылдьаргытыгар төһүү буолуоҕа.
Суруналыыстыка уонна бэчээт үлэтин төрүттэспит уонна эдэр үлэһиттэргэ билигин да холобур буола сылдьар бэчээт эйгэтин бэтэрээннэригэр улахан махталбын биллэрэбин.
Күндү доҕоттор! Үлэҕитигэр-хамнаскытыгар саҥа сүүрээннэри, үрдүккэ кынаттыыр иэйиини, дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну, чэгиэн туругу баҕарабын! Саҕалаабыккыт барыта ситиһиилээх буоллун!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев
ТОП
- Гороскоп на 28 ноября 2024 года: Этот день принесет серьезные профессиональные и финансовые проблемы
- В Якутии жестоко отругали девочку на улице: Комментарий МВД
- Бокс: В Вилюйске пройдет турнир на призы Дмитрия Федорова и Афанасия Поскачина
- Изменения в закон РС(Я) о профилактике безнадзорности и правонарушений несовершеннолетних приняты в первом чтении
- Народными депутатами принят закон о государственном бюджете Республики Саха (Якутия) на 2025 год и плановый период 2026 и 2027 годов
Все комментарии
С Москвы наверняка поздравляет.
что вся его работа - поздравления! Раньше ещё ленточки были. Щас это видимо моветон)
Добавить комментарий