bookmark
10:37 01.04.2023

 Айсен Николаев поздравляет с Днём охотника

Дорогие якутяне! От имени руководства Республики и от себя лично поздравляю вас с Днём охотника в Республике Саха (Якутия)!

Большинство из нас, якутян, охотники. Это у нас в крови. Суровый закон жизни требовал от мужчин умения охотиться, добывать. Это прививалось мальчикам с детства. У народов Якутии много добрых традиций, связанных с охотой, одна из которых - почитание баай Байаная - духа-хозяина природы, покровителя охотников. Деды и отцы передают свои знания, жизненный опыт, учат культуре бережного отношения к природе и всему живому.

Руководство республики уделяет серьёзное внимание этому вопросу. Внесены изменения в закон РС(Я) «Об охоте и о сохранении охотничьих ресурсов». Так, общедоступные охотничьи угодья, где разрешено охотиться всем, должны составлять не менее 30% от общей площади охотничьих угодий муниципального района или городского округа.

Благодаря мероприятиям по охране и воспроизводству в регионе растёт численность охотничьих ресурсов. Это позволяет республике увеличивать лимиты и квоты на добычу. Например, с 2016 по 2022 год лимиты на лося выросли – на 34%, на благородного оленя – на 40%, на косулю – на 43%, на соболя – на 16%. В прошлом году в республике завершены работы по территориальному устройству охотничьих угодий в Якутии.

Уважаемые охотники, кадровые промысловики и ветераны!

В этом году в рамках Дня охотника мы вместе с вами традиционно подведём итоги республиканского смотра-конкурса «Булчут сэһэнэ», а также проведём республиканские соревнования охотников «Байанай» и семинар для охотников-волчатников.

В этот праздничный день позвольте поблагодарить вас за личный вклад в социально-экономическое развитие республики! Желаю вам крепкого здоровья, благополучия и удачной охоты! Байанай үтүө хараҕынан көрдүн, эгэлгэ баайыттан күндүлээтин!

Күндү Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм Саха сиригэр Булчут күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Саха сирин олохтоохторун баһыйар аҥаара – булчут дьон. Ити биһиги хааммытыгар баар. Түҥ былыргыттан олох тыйыс сокуона эр дьонтон бултууру-алтыыры ирдиирэ. Уол оҕону бултуурга олох кыра эрдэҕиттэн уһуйаллара. Саха сирин норуоттара булду кытта ситимнээх үгүс үтүө үгэстээхтэр, олортон биирдэстэрэ – айылҕа иччитигэр, булчуттар айыыһыттарыгар Баай Байанайга сүгүрүйүү буолар. Аҕалар, эһээлэр билиилэрин-көрүүлэрин, олохторун уопутун ыччаттарыгар биэрэллэр, айылҕаҕа, тыынар-тыыннаахха харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга үөрэтэллэр.

Өрөспүүбүлүкэ салалтата бу боппуруоска дьоһун болҕомтону уурар. “Булт туһунан уонна булт баайын чөл хаалларыы туһунан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонугар уларытыылар киирдилэр. Ол курдук, муниципальнай оройуон эбэтэр куорат уокуругун бултанар сирин уопсай иэнигэр ким барыта кэлэн бултуура көҥүллэнэр сирин-уотун иэнэ 30 % итэҕэһэ суох буолуохтаах.

Булт баайын харыстааһын уонна чөлгө түһэрии дьаһалларын көмөтүнэн эрэгийиэҥҥэ булт-алт ахсаана элбиир. Ити булт лимиитин уонна квотатын улаатыннарарга төһүү буолар. Холобур, 2016-2022 сылларга булт лимиитэ тайахха – 34%, табаҕа – 40%, туртаска – 43%, киискэ – 16% үрдээтэ.

Маныаха ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ булт сирин-уотун чопчулуур үлэ түмүктэммитин бэлиэтиир то5оостоох.

Ытыктабыллаах булчуттар, кадровай сонордьуттар уонна бэтэрээннэр!

Быйыл биһиги Булчут күнүн чэрчитинэн үгэс буолбут “Булчут сэһэнэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус түмүгүн таһаарыахпыт, ону тэҥэ булчуттар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Байанай” күрэхтэһиилэрин уонна бөрөһүттэргэ анаан семинар ыытыахпыт.

Бу үөрүүлээх күҥҥэ өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар тус кылааккыт иһин махтанабын! Кытаанах доруобуйаны уонна дьолу-соргуну баҕарабын! Байанай үтүө хараҕынан көрдүн, эгэлгэ баайыттан күндүлээтин!

Глава Республики Саха (Якутия) А.С. Николаев

Прокомментировать Наш канал в Telegram

Комментарии

Добавить комментарий

ТОП

Погода

Яндекс.Погода

Курс валют