Глава Якутии Айсен Николаев поздравляет с Днём местного самоуправления
Уважаемые главы, депутаты муниципальных образований республики! Дорогие ветераны и работники муниципальной службы! От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю вас с Днём местного самоуправления в Российской Федерации!
Органы местного самоуправления – главная опора государства. Именно вы на местах решаете повседневные задачи, исполняете решения, принятые руководством страны и региона. От вашей активности, ответственности и компетентности зависят развитие сёл, наслегов, городов республики, повышение качества жизни и благополучие якутян.
За эти годы мы вместе с вами прошли через немалые испытания. Итогом слаженной работы органов местного самоуправления в период пандемии стало спасение жизней тысяч якутян. В 2021 году нас испытали на прочность лесные пожары, вспыхнувшие по всей республике. И какой бы трудной ни была эта битва, она тоже сплотила нас, показала силу нашего общества.
Сегодня мы с вами находимся на острие мировых исторических событий. Год назад ради защиты будущего нашего Отечества Президент России Владимир Владимирович Путин принял единственно верное решение о проведении специальной военной операции. Благодарю глав муниципальных образований, местных депутатов за широкую волну поддержки, которую вы организовали в своих районах.
После долгого трёхлетнего перерыва мы в этом году провели II съезд депутатов представительных органов муниципальных образований и IX съезд Совета муниципальных образований республики. Собрались делегаты со всей республики, были подняты такие важные вопросы как обеспечение муниципальных образований квалифицированными кадрами, повышение заработной платы и мер социальной поддержки и социальных гарантий для муниципальных служащих, а также создание возможностей для профессионального роста сотрудников органов местного самоуправления. Эти вопросы будут рассмотрены на уровне правительства республики.
Общая важнейшая задача органов государственной, муниципальной власти и органов местного самоуправления республики – создание условий для благополучия каждого жителя Якутии. У нас для этого есть все реальные возможности. В рамках национальных проектов, поручений Президента России по вопросам развития Дальнего Востока республика получает небывалые прежде ресурсы для улучшения условий жизни людей, для решения проблем жизнеобеспечения и доступности качественных услуг.
Вместе с тем сейчас, как никогда, требуется особое внимание к людям. Наша задача – помощь всем участникам спецоперации и их родным во всех вопросах. Эта работа особенно важна на местах, от её качества, от неравнодушия местных властей зависят настроение людей, настроение всего общества.
Уважаемые работники органов местного самоуправления республики!
Уверен, что общими усилиями мы сможем решить все поставленные перед нами вопросы!
В этот праздничный день желаю вам крепкого здоровья, благополучия, счастья и успехов в работе во благо родной республики и нашей великой страны!
Глава Республики Саха (Якутия) А.С. Николаев
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев олохтоох бэйэни салайыныы күнүнэн эҕэрдэтэ
Ытыктабыллаах муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара, дьокутааттара, муниципальнай сулууспа бэтэрээннэрэ уонна үлэһиттэрэ!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм эһигини Арассыыйа Федерациятыгар олохтоох бэйэни салайыныы күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара – судаарыстыба тутаах тирэҕэ. Эһиги дойду уонна эрэгийиэн салалталара ылыммыт дьаһалларын миэстэтигэр олоххо киллэрэр, туруорбут соруктарын быһаарар ураты суолталаах үлэни толороҕут. Өрөспүүбүлүкэ сэлиэнньэлэрин, нэһилиэктэрин, куораттарын сайыннарыы, Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕун-дьаһаҕын таһымын, уйгутун үрдэтии эһиги көххүтүттэн, эппиэтинэскититтэн, билиигититтэн-көрүүгүтүттэн тутулуктаах.
Бу сыллар усталарыгар биһиги үгүс кыһалҕаны бииргэ туораан кэллибит. Пандемия кэмигэр олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын кытта ыытыллыбыт биир ситимнээх үлэ түмүгэр Саха сирин тыһыынчанан олохтооҕун быыһыыры ситистибит. 2021 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн күөдьүйбүт ойуур баһаардара биһигини эмиэ кытаанахтык тургутан көрбүттэрэ. Хайдахтаах да уустук быһыыга-майгыга дьоммут-сэргэбит түмсүүлээҕэ көстөр, сомоҕолоһуубут күүһүрэр.
Бүгүн биһиги аан дойдуга быһыы-майгы муҥутуурдук тыҥаан турар кэмигэр олоробут. Сыл анараа өттүгэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин Аҕа дойдубут инники кэскилин көмүскүүр соруктаах анал байыаннай дьайыыны ыытар туһунан саамай сөптөөх быһаарыыны ылыммыта. Бэйэҕит оройуоннаргытыгар бу быһаарыыны киэҥ далааһыннаахтык өйөөбүккүтүгэр махтанабын.
Үс сыллаах уһун тохтобул кэнниттэн быйыл муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын II сийиэһин уонна Өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин сэбиэтин IX сийиэһин ыыттыбыт. Өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыттан дэлэгээттэр мустан, муниципальнай тэриллиилэри үрдүк бэлэмнээх каадырдарынан хааччыйыы, муниципальнай сулууспалаахтар хамнастарын үрдэтии, кинилэргэ социальнай өйөбүл дьаһалларын уонна социальнай мэктиэлэри күүһүрдүү, ону тэҥэ олохтоох бэйэн салайыныы уорганнарын үлэһиттэрэ профессиональнай өттүнэн үүнэр-сайдар усулуобуйаларын тэрийии курдук дьоһун суолталаах боппуруостары ырытыстылар. Бу ыйытыылар өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын таһымыгар көрүллүөхтэрэ.
Саха сирин хас биирдии олохтооҕун олоҕун хаачыстыбатын үрдэтии - өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай, муниципальнай былааһын уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын уопсай соруктарынан буолар. Маны тэрийэргэ биһиэхэ бары кыах баар. Ол курдук, Национальнай бырайыактар чэрчилэринэн, Уһук Илини сайыннарыы боппуруостарынан, Арассыыйа Бэрэсидьиэнин туруорбут соруктарынан өрөспүүбүлүкэҕэ дьон-сэргэ олоҕун усулуобуйатын тупсарарга, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйыы кыһалҕаларын быһаарыыга үгүс үп-харчы көрүллэр.
Билигин дьоҥҥо хаһааҥҥытааҕар улахан болҕомтону ууруу ирдэнэр. Биһиги сорукпут – анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар барыларыгар уонна кинилэр чугас дьонноругар бары өттүнэн көмөлөһүү буолар. Бу үлэ ураты суолталаах. Дьон-сэргэ, бүтүн уопсастыба санаата олохтоох былаас көмөтүттэн, бу үлэ миэстэтигэр төһө хаачыстыбалаахтык ыытылларыттан быһаччы тутулуктаах.
Ытыктабыллаах олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын үлэһиттэрэ!
Биһиги иннибитигэр турар соруктары барытын биир сүбэнэн кыайыахпыт диэн эрэнэбин!
Бу үөрүүлээх күҥҥэ эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, дьолу-соргуну, өрөспүүбүлүкэбит уонна улуу дойдубут туһугар сыралаах үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев
ТОП
- Найденный в 2019 году на Нюрбинском ГОКе АЛРОСА алмаз-матрешка поставил в тупик ученых со всего мира
- "Я предупреждаю тебя, что ударю. Считаю до трех": В Якутии женщина жестоко отругала девочку на улице
- Гороскоп на 28 ноября 2024 года: Этот день принесет серьезные профессиональные и финансовые проблемы
- В Якутске директор ООО направила на счета мошенников 21 507 000 рублей
- Николай Дегтярев встретился с профсоюзными лидерами
Свежие новости
- Цифровая валюта становится популярнее у жителей региона
- В Якутии пьяный водитель опрокинул большегрузный автомобиль
- Глава Якутии Айсен Николаев поздравляет с Днем профсоюзного работника
- В первом чтении принят законопроект о введении ответственности за непредставление сведений и неисполнения законных требований омбудсменов республики
Комментарии
Добавить комментарий