РИГ SAKHAPRESS.RU Сахабыт сиригэр «Мечел», «Сургутнефтегаз», «АЛРОСА», «Транснефть» курдук улахан транснациональнай тэрилтэлэр үлэлииллэр, мөлүйүөнүнэн тыһыынча барыыһы баһан ылан, дойду тас өттүгэр таһаараллар.
«Сила Сибири» гаас магистральнай турбатын тутууга Ленскэй оройуонугар хантан эрэ ыраах Украинаттан, Узбекистантан, Арменияттан кэлэн үлэлииллэр. Оробуочайдарын хамнастара 60 - 80 000 солк. Оттон саха ыччата үрдүк үөрэҕи бүтэрэр да, тыа сиригэр уонна куоракка, үлэ булбакка эрэйи көрөр. Бу балаһыанньаны хайдах көннөрүөххэ сөбүй?
Оскуола оҕолорун промышленноска наадалаах техническэй идэлэргэ бэлэмниир, онно сыһыарар туһуттан Чурапчы улууһугар бу соторутааҕыта «Мин – ИНЖЕНЕРБИН» диэн улуустааҕы күрэх буолан ааста. Манна икки түһүмэҕинэн оскуола оҕолоро уонна устудьуоннар, ол иһигэр - 35 саастарын туола илик эдэр инженердэр, бэйэлэрэ айан таһаарбыт бырайыактарын көмүскээтилэр.
Бу күрэх 2014с. Республика үрдүнэн «Мин - ИНЖЕНЕРБИН» техническэй идэлээх дьону түмэр общественнай түмсүү уонна В. Штыров «Точка опоры» сайдыы фондатын көмөтүнэн тэриллэн ыытыллар.
«Республикаҕа техническэй идэлэри бэлэмниир саҥа техникумнар, колледжтар аһыллан, ыччат идэ ыларыгар усулуобуйа барыта баар. Билигин техническэй идэлээх дьон хамнастаах үлэ булар кэмнэрэ. Ол иһин, саха ыччатын промышленноска сыһыарар туһугар, биһиги маннык хабааннаах күрэхтэри ыытабыт. Үөрэхтэрин бүтэрбит оҕолор улахан промышленнай тэрилтэлэргэ үлэ булалларыгар, карьераларын оҥостоллоругар кытта көмөлөһөбүт», -- диэн «Мин - ИНЖЕНЕРБИН» общественнай түмсүү салайааччыта, Дьокуускайдааҕы куорат Дууматын дьокутаата, Государственнай Думаҕа дьокутаакка Ньыгыл Россия кандидата буоларга барыллааһын быыбарга киирсэр Владимир Аммосов этэр.
Эдэр инженердэр төгүрүк сыл үлэлиир теплица, тротуарнай билиитэ оҥоһуутун, оту мунньар "Синтай" тыраахтары тупсарыы, үүтү сойутар энергосберегающай технология о.д.а. олоххо туһалаах бырайыактары бэлэмнээн, Экспертнэй Сүбэ дьүүлүгэр киллэрдилэр. Манна даҕатан эттэххэ, билиҥҥи гаджеттары, мультиваркалары эмиэ инженердэр толкуйдаан таһаараллар. Аныгы технологияны баһылаабыт саха кэскиллээх ыччата, баҕар, киһи-аймах олоҕун тупсарар туох эрэ саҥаны айан таһаарыа.
Онон, Чурапчы улууһугар «Мин - ИНЖЕНЕРБИН» диэн күрэх түмүгүнэн эдэр ыччакка бастакы үс миэстэни Чурапчытааҕы колледжтан ыллылар: Сергей Лукин, Алексей Пономарев уонна Елена Попова.
Үөрэнээччилэргэ бириистээх бастакы үс миэстэни үллэһиннилэр: Хадаар оскуолатыттан Света Анемподистова, Чурапчытааҕы гимназияттан Настя Михайлова уонна саамай эдэр кыттааччы, «Туллукчаан» уһуйаантан 7 саастаах Саша Макаров.
Чурапчы кэскиллээх бастыҥ инженердэригэр сыаналаах бириистэри туттардылар уонна кинилэр техническэй арыйыыларын сырдатар буклет тахсыаҕа. Маны таһынан, ыччаттар салгыы республикатааҕы күрэххэ Сахабыт сирин инженердэрин кытта күрэстэһиэхтэрэ.
Ыам ыйын 22 күнүгэр сахабыт дьонун РФ Государственнай Мунньаҕар дьокутаакка кандидааттары талар барыллааһын быыбар инники түһүмэҕэр көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт.
Инженердэр Сахабыт сирин инникитин тутуохтара! Эдэр, эрчимнээх кандидаат Владимир Аммосов саха ыччатын промышленнаска сыһыаран, олохпут уйгутун тупсарыа!
«Мин - ИНЖЕНЕРБИН» общественнай түмсүү Пресс-сулууспата