Региональнай программа ыам ыйын 18 күнүнээҕи 2017 сыл кылгас болдьохтоох программатыгар 180 олорор дьиэ былааннаммыта. Итинтэн 10 дьиэ спецсчекка тураллар, ол эбэтэр бас билээччилэр мунньунууларын бэйэлэрэ бас билэллэр. Түмүгэр 180 дьиэ кылгас болдьоххо оҥоһулунна. Бүгүҥҥү күҥҥэ 30 дьэ үлэҕэ киирдэ.
Пилотнай бырайыак иһинэн түргэнник лифтовай оборудованияны уларытыы Нерюнгрига, Мирнэйгэ, бэдэрээччик ПАО Карачаровскайдааҕы Механическай собуот ыытар. Ахсынньы ый 2017 сылга диэри лифтовой оборудованиялары уларытыы былааннаммыт үлэни бүтэрии соруга турар.
Республиканскай былааннаммыт үлэ 2043 сылга диэри уонна ити кэм устата регион териториятыгар капитальнай өрөмүөҥҥэ 5000 элбэх картиралаах дьиэ өрөмүөннэниэхтээх. Программаны олоххо киллэриини Саха республикатыгар элбэх квартиралаах олорор дьиэлэргэ Фонда ыытыахтаах.
Элбэх квартиралаах олорор дьиэлэргэ хапытаалынай өрөмүөн—бастакы уочарат сүрүн конструктивнай элэмиэннэрин уонна инженернэй систиэмэтин физическай эргэриитин уонна кини туттуллар хаачыстыбатын тутуу тутулун уларыппакка үлэҕэ киллэриллиэхтээх. Кини өрөмүөннүүр үлэтигэр киллэрэр дьиэ һинээҕи инженернэй систиэмэни (ититиини киллэриини, электрическай хааччыйыыны, уу ситимнэрин, уунан хааччыйыыны, гаһынан хааччыйыыны) ол курдук дьиэ истиэнэтин тиксэриилэрин, акылаатын, кырыысатын. Манна киллэриллиэн сөп : уопсай коллективнай учуоттуур ааҕар прибордар, балконнар өрөмүөннэрэ, киирии аан кырыысалара, лоджиялар-олоччута төһө эргэрбититтэн уонна эбийиэк техническай туругуттан тулуктаах. Ити туһунан бырайыактыыр үлэлэр түмүктэриттэн, бырайыактыыр тэрилтэ төһө түргэнник оҥороруттан тутулуктаах. Бу документацияларга олоҕуран уонна хапытаалынай өрөмүөнү ыытыы салгыы ыытыллар үлэ фронун кытары сөп түбэһиннэриллэр.
Бэлиэтиир наада, хас биирдии элбэх квартиралаах дьиэ үлэлиир былааҥҥа киллэриллибитин. Кин ыытыллар хапытаалынай өрөмүөн уочаратын быһаарар.Эбийиэк техническай туруга хаһан үлэҕэ киллэриллибитэ, бириэмэтэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыытын, төһө усунуос киирбитинэн,--ити суумма төһөтүттэн хапытаалынай өрөмүөнү ыытыы уопсай сыанабыла быһаарыллар.
Хапытаалынай үлэ өрөмүөнү тутар-монтажтыыр хмпаанньалар ыыталлар. Бэдэрээччиктэри талыы хас да этабынан ыытыллар. Бастаан кыттар тэрилтэлэри бастакы талыы ыытыллар. Манна тэрилтэлээр үлэлиир үөрүйэхтэрэ сыаналаналлар. Исписэлиистэрин таһыма сыаналанар. Ттттэрилтэ иэһэ суох буолуохтаах. Бастакы этабы этэҥҥэ ааспыт тэрилтэлэр электроннай площадкаҕа атыы эргиэн ыытыллыытыгар кытталлар.
Бэдэрээччиктэр ыытар үлэлэрин туһунан хаартысканан оччуот нэдэлэ аайы Хапытаалынай тутуу Фондатын сайтыгар тахсар. Бэдэрээттэспит тэрилтэлэр улахан өттүгэр бэйэлэрин олох-дьаһах үлэтин ырыынагар бэйэлэрин үлэлэрин ыйыллыбыт болдьххо кыайалларын көрдөрдүлэр.
ООО “Дуолан строй”, бэдээччик директор Павел Емельянов ФКР МКД СР(Я)
“Биһиги фирмабыт 2014 сылтан хапытаалынай тутуу үлэтигэр үлэлиир. Хапытаалынай тутуу үлэтигэр бастаан социальнай культурнай эбийиэктэрин 44 РС олоҕуран өрөмүөннээһинтэн саҕалаабыппыт. саҕалаабыппыт. Ол иһигэр социальнай культурнай кииннэри култуура дьиэлэрин, оющественнай библиотекалары өрөмүөннээбиппит.
Холобура быйыл Саха сирин соҕоруу өттүгэр Нерюнгрига бэс ыйыттан үлэни саҕалаабыппыт. Биһиги сүрүн сыалбытынан турбута дьиэлэр корпустарын, кырыысалары сабыы. Ол инниттэн биһиги фиброцементнай плиткалары, үрдүк хаачыстыбалаах бөҕө уонна уһун үйэлээх, ону таһынан үчүгэй итиини тутар матырыйлаары туһанабыт. Тутууну айылҕа хаппырыыһыттан иҥнибэккэ болдьоҕор бүтэрэргэ кыһаллабыт. Сайыммыт бүтэһик ыйдара үлэни атахтыыр күүстээх ардахтаах буолла. Биһиги онтон иҥнибэккэ үлэбитин болдьоҕор алтынньы ый 10 күнүгэр бүтэрэр иһин туруулаһабыт. Томмот обьектарыгар дьиэлэр акылааттарын үлэтин бүтэрдибит. Алтынньы ый бүтүөр диэри былааннаммыт үлэни түмүктүүр былааннаахпыт”.
ООО “Норд-Вест строй” СР ФКР МКД бэдээччигэ директор Василий Рейнбуш
“Биһиги тутуубут тэрилтэтэ 2009 сылтан баар. Биһиги урут тэриллиэхпититтэн өрөмүөннүүр үлэҕэ 25 обьегы туттардыбыт. Быйыл хапытаалынай өрөмүөҥҥэ Дьокуускайга Чиряев уулуссатыгар, Дзержинскэйгэ уонна Хабаров уулуссаҕа үлэлии сылдьабыт. Бу дьиэлэ норуокка биллэринэн Хрущевкаларынан ааттаналлар. Кинилэр туруктара наһаа мөлтөх. Урукку өттүгэр ханнык да өрөмүөн үлэлэрэ ыытыллыбатахтар. Дьиэлэрэ аһара эргэбиттэр. Биһиги олох бириэмэтигэр кэлэн бу дьиэлэр үйэлэрин уһаттыбыт. Дьиэлэр панелларын сыстар шовтарын, түннүктэр киирэр ааннарын өрөмүөннээтибит. Үлэлиир кэммитигэр ыарахан усулуобуйалаах айылҕа погодалара турбуттара. Ол да гыннар бары ыарахаттары тулуйан үлэлээн дьиэлэри болдьҕор үлэҕэ киллэрдибит. Квартиралары бас билээччилэри кытары ыарахан түгэннэр буолбуттарын тулуйдубут. Билигин дьон хапытаалынай уонна быстах өрөмүөннэр диэни араарбат. Сорохтор дьиэлэр корпустарын оҥотторон баран, подьезтарын иһин өрөмүөннэниитгэр ылыбатыгыт дэһэллэр. Салайар хампаанньалар эбэтэр ТЖЗ эбээһинэстэригэр кыра уларыйыылар киирдилэр. Холобура, дьоннор дьиҥнээх араастаһыыны хапытаалынай өрөмүөн иннинээҕи дьиэ туругун көрөн өрөмүөн кэнниттэн квартираларын иһин бэйэлэрэ өрөмүөннэниэхтээхтэр. Квартираны бас билээччилэр бэйэлэрин бас билиилэрин үчүгэйдик көрүнүөхтээхтэр.”
Хапытаалынай өрөмүөнү ыытыы былаана сыл бүтүүтэ 80-90 бырыһыана бүтүөхтээх. Оҥоһуллар үлэ төһө уустуга өрөмүөннэнэр дьиэ клрпуһун кырааскалааһын, ититиллэр матырыйааллары оҥоруу, фанеллар икки ардыларынааҕы сииги, рулонунан сабыллары минусовой темератыраҕа, тутар монтажтыыр үлэлэргэ үлэ үгүс сиргэ бүттэ билигин үлэги туттарыы үлэтэ күүтүллэр.
Өйдөтөбүт, ханнык бириэмэҕэ өрөмүөн үлэтэ эһиги дьиэҕитигэр ыытыллыахтааҕын туһунан СР ФКР МКД сайтыгар Jondkr.ru. киирэн билсэҕит.
Элбэх квартиралаах олорор дьиэлэри хапытаалынай өрөмүөннүүр Фонда пресс киинэ.