bookmark
10:25 03.05.2017

Капитальнай өрөмүөҥҥэ компенсация оҥорууну сиһилии быһаарыы

РИГ SAKHAPRESS.RU Биир саамай үгүстүк ыйытыллар боппуруоһунан элбэх квартиралаах дьиэлэргэ Саха республикатыгар капитальнай өрөмүөҥҥэ Фондаҕа компенсация туһунан боппуруоска үп-харчы экономикатын отделын начальнига Гульнара Абдуллаева быһаарар.

-- Гульнара Хвасхановна, капитальнай ремоҥҥа усунуос компенсициятын механизма,-- диэн хайдаҕый?

-- Льготнай категорияҕа киирэр гражданнар капитальнай ремонт иһин усунуоһу төлүүртэн босхоломмоттор. Кинилэргэ төлөбүр механизма эрэ уларыйар. Онон гражданнар капитальнай ремоҥҥа төлөбүрдэрин тариф быһыытынан анал сокуоҥҥа олоҕуран толору төлүөх тустаахтар. Компенсация ороскуота социальнай өйөбүл миэрэтэ буолар.

Кини капитальнай ремоҥҥа усунуоһу төлүүр гражданнарга туһаайыллар. Коменсация оҥорорго сайабылыанньаны ГКУ РС(Я) Субсидия Агенствотыгар бэриллэр. Компенсация 70 сааһын туолбут үлэлээбэт пенсионердарга 50 бырыһыан, 80 сааһын туолбуттарга 100 бырыһыан оҥоһуллар. Дьиэ кэргэн састаабыгар олорор ити этиллэр сааһын туолбут үлэлээбэт пенсионердарга эмиэ итинник балаһыанньанан компенсация көрүллэр.

-- Компенсация кээмэйэ хайдах ааҕыллар?

-- Компенсация капитальнай ремонт усунуоһун саамай кыра кээмэйиттэн саҕалаан ааҕыллар. Олорор сир кээмэйин биир квадратнай миэтэрэтигэр РФ уонна регионнар стандартарыгар туттуллар субсидия кээмэйинэн ааҕыллар. Холобура усунуос кээмэйэ дьиэ уопсай квадратыгар төгүллэнэр.

-- Капитальнай ремонт иһин усунуоска быстах компенсация ананарын иһин хайаан да билсиһэбин дуо?

-- Хайаан да компенсация ыларга сайабылыанньа суруллар онон билсиһиэхтээххин. Билигин субсидияҕа компенсацияннан элбэх киһи туһанан эһэр. Субсидия агенствотыгар сайабылыанньа биэрэ илик сааһын сиппит дьон ыксааҥ. Сайабылыанньаны бэйэҕит кэлэн биэриэххитин сөп эбэтэр бэрэстэбиитэлгит бары докуменнары хомуллубут пакетын илдьэ кэлэн толоруон сөп.

--Аккаас сүрүн төрүөтүнэн туох буолуон сөбүй?

-- Аккаас сүрүн төрүөтүнэн буолар. Көрүллэр категорияҕа сайабылыанньалаах киһи сөп түбэспэт буоллаҕына. Ситэтэ суох докуменнарын хомуйбут буоллаҕына. Капитальнай ремоҥҥа усунуоһугар иэстээх буоллаҕына. Компенсация 2016 сыл ыам ыйыттан бэриллэр.

Элбэх квартиралаах дьиэлэри капитальнайдык ремоннуур Фонда пресс киинэ.

Прокомментировать Наш канал в Telegram

Комментарии

Добавить комментарий

ТОП

Погода

Яндекс.Погода

Курс валют