bookmark
21:56 14.02.2020

День родного языка

SAKHAPRESS Бу курдук устар ууну сомоҕолуур уран тыллаах саха биллиилээх хоһоонньута, суруйааччыта Алексей Андреевич Иванов-Күндэ хоһоонунан Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр, олунньу 13 күнүгэр «Ийэ тылбыт сүмэтэ бэйэбитигэр» диэн төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах үтүө тэрээһин саҕаламмыта.

Бу күн сахалыы ылбаҕай ырыалар кынаттанан көттүлэр, хомоҕой хоһооннор дорҕоонноохтук ааҕылыннылар. Тэрээһин саҕаланыытыгар Одун Хаан ыйыгар анаан «Тойук» норуодунай, фольклорнай ансаамбыла (салайааччы - СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Галина Федорова) туом толордо, онтон Юрий Васильев-Дьаргыстай тылларыгар уонна матыыбыгар «Сахам сайдар тылыгар» ырыаны ыллаата. Ол кэнниттэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин үлэһитэ Хаарчаана Угапьева бэйэтин хомоҕой хоһооннорун дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрбитэ.

Салҕыы хоһоон-ырыа дьоро киэһэтигэр айар талааннаах дьон кыттыыны ыллылар: хоһоонньут, мелодист, Россия уонна СР доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Зоя Никандровна-Кэкэрдэ; Уус-Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтин олохтооҕо, эдэр суруйааччы Борис Лугинов- Борогонскай; «Айар кут» хоһоонньуттар уонна прозаиктар региональнай союзтарын чилиэннэрэ Татьяна Колесова-Айсура, үлэ бэтэрээнэ Степанида Иванова-Санаара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Олимпиада Спиридонова; СӨ ырыа айааччыларын союһун чилиэнэ, СӨ культуратын туйгуна, мелодист, ырыаһыт Константин Мохначевскай; Арассыыйа Федерациятын уопсай үөрэҕириитин бочуотунай үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Антонида Шестакова-Айыллаа; хоһоонньут, мелодист, «Айар аартыкпыт аргыстара» эдэр хоһоонньуттар уонна «Эчий» литературнай түмсүүлэр чилиэннэрэ, олоҥхоһут Игнатий Слепцов; СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Россия уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, хоһоонньут, коллекционер, «Хоһоон хонуута» түмсүү чилиэнэ Сэргэ Кыыһа Тускулаана; Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет история факультетын устудьуоннара, эдэркээн ырыаһыттар Күннэй Ефимова уонна Дмитрий Никонов; ырыаһыт, хоһоонньут Семен Черноградскай, «Сайсары» норуодунай (сал. СӨ культуратын туйгуна Светлана Павлова) уонна «Күн Дьоно» (сал. Евдокия Павлова-Кылыһах Далбар) бөлөхтөр.

Маны таһынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, тыл үөрэхтээҕэ, журналист, «Уйулҕа хочото» айар түмсүү төрүттээччитэ уонна салайааччыта Акулина Иванова-Бээрийэ Кыыһа Айгыына саха тылын туһунан ылыннарыылаахтык санаатын арыйда, төрөөбүт тылбыт туһунан истиҥник-иһирэхтик ахтан ааста.

Ыытааччы Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин исписэлииһэ Ираида Коркина: “Саха тылын сүмэһинэ эдэр көлүөнэ ыччаппытыгар, бэйэбитигэр иҥэн сылдьарын тухары ийэ тылбыт үйэлэргэ баар буолуоҕа», - диэн кэскиллээх санаатын этэн тэрээһини түмүктээтэ.

Ираида Коркина,

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин норуот култууратын салаата

Прокомментировать Наш канал в Telegram

Комментарии

Добавить комментарий

ТОП

Погода

Яндекс.Погода

Курс валют