bookmark
09:03 01.05.2021

Поздравление Председателя Ил Тумэна Петра Гоголева с Первомаем

Дорогие якутяне! От имени Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю с праздником Весны и Труда!

Сегодня мы встречаем Первомай в непростых условиях пандемии. Благодаря общим усилиям государства, общества, наших медиков, вирусологов мы выстояли против коварной болезни. Ответственность каждого позволит нам сохранить жизни и здоровье наших соотечественников и уверенно смотреть в будущее.

Отмечая замечательный праздник, мы сохраняем традиции, отдаем дань уважения человеку-труженику, чьим трудом мы сегодня поднимаем село, развиваем промышленность, наш северный край. Для дальнейшего развития всей нашей Родины важен опыт старшего поколения, созидательный труд квалифицированных специалистов, инициатива молодежи. Мы гордимся нашими современниками, героями Труда России Михаилом Готовцевым и Варварой Устиновой. Выражаем благодарность всем нашим соотечественникам-якутянам, удостоившимся звания Героя Социалистического Труда.

Конституция Российской Федерации гарантирует уважение к человеку труда, обеспечиваются сбалансированность прав и обязанностей гражданина, социальное партнерство, экономическая, политическая и социальная солидарность. Особое значение для государства приобретают вопросы обеспечения конституционных прав человека на труд, на достойную заработную плату, а также вопросы государственной поддержки семьи, материнства, отцовства и детства, инвалидов и пожилых граждан.

Уверен, что благодаря консолидации всего общества, государства, трудолюбию и ответственности за наше будущее мы сможем преодолеть любые трудности.

Желаю всем жителям Якутии крепкого здоровья, семейного благополучия, мира и добра. Берегите себя и своих близких!

С уважением,

Председатель Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) П.В. Гоголев

Күндү Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан уонна тус бэйэм Саас уонна Үлэ бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин!

Бүгүн биһиги Маай бырааһынньыгын пандемия уустук кэмигэр көрсөбүт. Судаарыстыба, уопсастыба, ону тэҥэ медиктэр уонна вируһу чинчийээччилэр күүстэринэн, бу уодаһыннаах ыарыыны утары туруулаһар кыахтанныбыт. Билиҥҥи кэмҥэ хас биирдиибит эппиэтинэстээх сыһыана бэйэбит олохпутун уонна чугас дьоммут, биир дойдулаахтарбыт доруобуйаларын харыстыырбытыгар уонна иннибит диэки эрэллээхтик хардыылыырбытыгар олук буолар.

Бүгүҥҥү үөрүүлээх түгэҥҥэ, биһиги үтүө үгэһи тутуһарбытын, үлэ киһитин өрө тутарбытын, холобур оҥосторбутун биллэрэбит. Маннык үлэһит дьонноох буоламмыт тыабыт сирэ уонна хотугу кыраайдарбыт сайдаллар, бырамыысыланнас кэҥиир. Ийэ дойдубут салгыы чэчирии сайдарыгар аҕа көлүөнэ баай уопута, үрдүк квалификациялаах исписэлиистэр таһаарыылаах үлэлэрэ, эдэр ыччат көхтөөх буолуута ураты суолталаах. Биһиги кэккэбитигэр баар Үлэ Дьоруойдара Михаил Готовцевынан, Варвара Устинованан киэн туттабыт. Социалистическай Үлэ Дьоруойа үрдүк аатын ылбыт биир дойдулаахтарбытыгар махталбытын тиэрдэбит.

Россия Федерациятын Конституцията үлэ киһитигэр ытыктабыллаах сыһыаны мэктиэлиир, итиэннэ гражданин бырааба уонна эбээһинэһэ тэҥ буолуутун, социальнай бииргэ үлэлээһини, экэниэмикэ, бэлиитикэ уонна олох-дьаһах өттүнэн биир санаалаах буолууну хааччыйар. Судаарыстыба киһи үлэҕэ, сөптөөх хамнаска конституциянан олохтоммут быраабын хааччыйыы боппуруостарыгар, ону тэҥэ дьиэ кэргэҥҥэ, ийэ-аҕа буолууга уонна оҕо-аймахха, инбэлииттэргэ уонна аҕам саастаах дьоҥҥо судаарыстыба өйөбүлүн боппуруостарыгар ураты болҕомтону уурар.

Бүтүн уопсастыба, судаарыстыба сомоҕо буолуутун, үлэҕэ бэриниилээх буолуубут уонна кэскилбит туһугар эппиэтинэспит көмөтүнэн хайа баҕар ыарахаттары туоруохпут диэн бигэ эрэллээхпин.

Саха сирин олохтоохторугар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥитигэр этэҥҥэ буолууну, өйдөһүүнү-өйөһүүнү баҕарабын. Бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун харыстааҥ!

П.В. Гоголев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ

Прокомментировать Наш канал в Telegram

Комментарии

Добавить комментарий

ТОП

Погода

Яндекс.Погода

Курс валют