bookmark
11:33 01.06.2023

Глава Якутии Айсен Николаев поздравляет с Днём защиты детей

Дорогие якутяне! От имени руководства Республики Саха (Якутия) поздравляю вас с Днём защиты детей!

Очень символично, что самый светлый и добрый праздник мы отмечаем в первый день лета, когда у наших детей начинаются каникулы, пора новых открытий, увлекательных приключений, добрых дел и ярких впечатлений.

Дети – самое главное, самое дорогое, что у нас есть. Якутия славится своими крепкими многодетными семьями, в которых царят взаимопонимание и уважение. В заботе и любви растут дети – основа будущего. Я благодарю родителей, которые учат своих детей творить добро, трудиться и радоваться жизни, любить Родину, познавать окружающий мир, раскрывают таланты и радуются их достижениям.

Мы занимаем седьмое место по стране по рождаемости, и первое – на Дальнем Востоке.

Забота государства, общества и семьи – счастливое детство. Для этого мы строим школы и детские сады, дворцы культуры и спорта. Работают центры дополнительного образования, создаются все условия для духовного и интеллектуального роста детей, реализуются различные проекты по охране материнства и защите детства. Растёт социальная поддержка детей и их родителей – увеличение вознаграждения для приёмных родителей, ежемесячная выплата на ребёнка от 8 до 17 лет, дополнительные преференции многодетным в услугах учреждений культуры и спорта.

Хочу отметить целевой капитал «Дети столетия». Год 100-летия Якутской АССР, 2022-й, был объявлен в Якутии Годом матери. Всем детям, которые родились в Якутии в прошлом году, был выделен целевой капитал «Дети столетия» в размере 100 тысяч рублей. В этом году я принял решение ещё на пять лет продлить действие этого капитала на каждого ребёнка, который у нас в Якутии рождается. На 1 июня 2023 года принято 13 837 решений о предоставлении права на целевой капитал.

Нам дороги все наши дети. Но сегодня особое внимание – заботе о детях наших защитников Отечества - участников специальной военной операции. Это бесплатное питание в школе, освобождение от платы за посещение детских садов, выплата дополнительных повышенных стипендий, приоритетный набор на целевые места в вузах и учреждениях среднего профессионального образования, организация летнего отдыха и оздоровления и многое другое. И пусть наши воины знают – мы заботимся о детях и семьях.

Это огромное счастье – видеть, как растут наши дети, как они счастливы, как много дорог перед ними открыто, какими хорошими людьми они становятся. И очень важно, чтобы они чувствовали себя в безопасности.

Юные друзья! Пусть сбудутся все ваши мечты. Желаю всем жителям республики доброго здоровья, мира и благополучия. Пусть дома якутян наполнятся радостными голосами детей, а дети радуют своими успехами!

Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Оҕо көмүскэлин күнүнэн эҕэрдэтэ

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан эһигини Оҕо көмүскэлин күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Бу сырдык, кэрэ бырааһынньыгы сайыммыт бастакы күнүгэр, оҕолорбут уһун сынньалаҥҥа барыыларын саҕана, саҥаны арыйыы, мүлчүргэннээх сырыылар уонна чаҕылхай өйдөбүллэр үөскүүр кэмнэригэр бэлиэтиирбит тоҕоостоох.

Саха сирэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэринэн биллэр. Кыһамньыга уонна тапталга оҕолорбутун улаатыннарыы – бу инникигэ тирэх. Мин төрөппүттэргэ оҕолорун үтүөнү оҥорорго, үлэлииргэ, дойдуну таптыырга, тулалыыр эйгэни билэргэ, олохтон дуоһуйарга уһуйалларын, талааннарын арыйалларын, кинилэр ситиһиилэриттэн үөрэллэрин иһин махтанабын.

Биһиги дойдуга оҕо төрөөһүнүнэн сэттис көрдөрүүлээхпит, Уһук Илиҥҥэ бастакы миэстэҕэ сылдьабыт.

Судаарыстыба, уопсастыба уонна дьиэ кэргэн кыһамньыта – дьоллоох оҕо саас. Ол инниттэн биһиги оскуолалары уонна уһуйааннары, култуура уонна успуорт дыбарыастарын тутабыт. Эбии үөрэхтээһин кииннэрэ үлэлииллэр, оҕолор духуобунай уонна өй-билии өттүнэн таһымнара үрдүүрүгэр бары усулуобуйа тэриллэр, ийэ буолуу харыстабылыгар уонна оҕо көмүскэлигэр бырайыактар олоххо киирэллэр. Оҕолорго уонна кинилэр төрөппүттэригэр социальнай өйөбүл – оҕону иитэ ылбыт төрөппүттэргэ төлөбүр, 8-тан 17-гэр диэри саастаах оҕоҕо ыйдааҕы төлөбүр улаатар, элбэх оҕолоохторго култуура уонна успуорт тэрилтэлэрин өҥөлөрүгэр чэпчэтии оҥоһуллар.

Саха АССР 100 сылыгар өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылын биллэрбиппит. Ааспыт сыл устата төрөөбүт оҕолорго «Үйэ оҕолоро» диэн 100 тыһ. солк. суумалаах тус сыаллаах хапытаал олохтоммута. Быйыл мин бу хапытаал болдьоҕун өссө биэс сылга уһаттым. 2023 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр маннык хапытаалынан туһанарга 13 837 быһаарыы ылылынна.

Биһиэхэ хас биирдии оҕо күндү. Ол эрээри бүгүн ураты болҕомтону Аҕа дойдуну көмүскээччилэр – байыаннай дьайыыга кыттааччылар оҕолоругар уурабыт. Кинилэр оскуолаҕа босхо аһынан хааччыллаллар, уһуйааҥҥа сылдьар төлөбүрдэриттэн босхолоноллор, эбии истипиэндийэ төлөнөр, орто анал уонна үрдүк үөрэххэ киирэргэ тус сыаллаах миэстэ көрүллэр, сайыҥҥы сынньалаҥ уонна чэбдигирдии тэриллэр. Байыастарбыт биллиннэр – кинилэр оҕолоругар уонна дьиэ кэргэннэригэр биһиги кыһанабыт.

Биһиги оҕолорбут улааталларын, кинилэргэ үгүс суол арылларын, үтүө дьон буолалларын көрүү – улахан дьол.

Күндү оҕолор! Эһиги баҕа санааҕыт барыта туоллун! Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар чэгиэн туругу, эйэни уонна бары үтүөнү баҕарабын. Эһиги дьиэлэргит оҕо аймах саҥатынан өрүүтүн туоллуннар, оттон оҕолор ситиһиилэринэн мэлдьи үөртүннэр!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев

Прокомментировать Наш канал в Telegram

Комментарии

Добавить комментарий

ТОП

Погода

Яндекс.Погода

Курс валют