bookmark
11:00 17.02.2016

Ийэ тылбыт күнэ – ыраах Молуода үрэҕэр

РИГ SAKHAPRESS.RU Булуҥ Эдьигээн икки ардыгар киэҥ сиринэн тайаан сытар Молуода үрэҕэр, «Анаабыр Алмаастара» АУо «Үөһээ Молуода» аныгы вахтовай бөһүөлэгэ тутуллан, үһүс сылын ситиһиилээхтик үлэлии турар.

Уһун унньуктаах кыһыны туораан, билигин алмаасчыттар сайыҥҥы сезоҥҥа сыыйа бэлэмнэнэллэр.Сууйуллуохтаах буору, кумаҕы, тааһы фабрикалар тастарыгар аҕалан куталлар.

Манна үлэлииргэ, сынньанарга туох баар усулуобуйа барыта баар: сотовай сибээс, библиотека, кулууп, баанньык, тренажернай зал.

Ким таһаарыылаахтык үлэлиир ол үчүгэйдик сынньанар. Төһө да кый ыраах хотугу сиргэ күннэри-түүннэри үлэлии сырытталлар саха дьоно умнубаттар олунньу 13 күнэ – Ийэ Тыл күнэ буоларын. Республика үрдүнэн бүтүннүү бэлиэтэнэр үтүө үгэс ыраах Молуода бириискэтин да тумнубата.

Олунньу 13 күнүгэр «Үөһээ Молуода» вахтовай бөһүөлэк сынньанар киинигэр, киэһээҥҥи ас кэнниттэн, икки смена солбуйсар кэмигэр, элбэх дьон муһунна. Саха дьоно көхтөөхтүк мустан Ийэ Тыл күнүн бэлиэтээтилэр.

Библиотекаттан сахалыы кинигэ уларсан дьон мүнүүтэҕэ ааҕыыыга күрэхтэстилэр.

Биир мүнүүтэҕэ 163 тылы ааҕан Уус-Алдантан сылдьар Семен Рожин бастаата.

Саха тылын, литературатын эн төһө билэҕин? – диэн виктиринаҕа кимнээҕэр киэҥ билиитин-көрдөрүүтүн көрдөрөн чаҕылхайыдык кыайда Сунтаар Маар Күөлүттэн төрүттээх геолог идэлээх Петр Петров.

Дьоро киэһэни сахалыы гитаранан доҕуһуоллатан, сахалыы ылбаҕай ырыанан киэргэттилэр: астааччы идэлээх Владимир Григорьев итиэннэ «Саҥа ырыа» 2011 сыллааҕы интерактивнай музыкальнай күрэх кыттыылааҕа, Мииринэй улууһун Сүлдьүкээриттэн сылдьар Спиридон Саввинов – Садын.

Өс хоһооннорун эндэппэккэ билииигэ тэҥнээҕин булбата Мэҥэ уола – теплотехник Илья Шишигин.

Биир буукубаттан ситимнээн тиэкис толкуйдааһыҥҥа Эдьигээн уола Виктор Митясов уонна Чурапчыттан төрүттээх Егор Климов кэрэхсэбиллээх кэпсээн толкуйдаан инники күөҥҥэ таҕыстылар.

Иркутскай уобаластан төрүттээх нуучча уола Николай Соболев саха хомуһун тардан, дьүрүһүтэн мустубут дьон-сэргэ биһирэбилин ылыан ылла!

Ийэ Тыл күнүн жюри быһыытынан барытын ииллэн саҕалаан ыыттылар – медик Анатолий Семенов уонна культурнай организатор Мичил Гурьев.

Дьэ, бу курдук истиҥник, сылаастык Ийэ Тыл күнүн «Анаабыр Алмаастарын» туруу үлэһиттэрэ «Үөһээ Молуода» бириискэтигэр көрүстүлэр.

Мичил ГУРЬЕВ,

«Үөһээ Молуода» бириискэтин култуурунай киинин салайааччыта

Прокомментировать Наш канал в Telegram

Комментарии

Добавить комментарий

ТОП

Погода

Яндекс.Погода

Курс валют