Үөрүү биир түгэниттэн!
Мин махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын бу балыаһа сүрүн хотунугар Горохова Зоя Прокопьевнаҕа. Былыргылар этэллэринэн: «Ханна да тиийдэххинэ дьиэҕэ киирдэххинэ, хаһаайын хайдаҕын көрөҕүн-истэҕин»-дииллэрэ. Ол курдук бу балыыһа иһэ ырааһа, дьоно-сэргэтэ сайаҕастара, дэлэй эмтэрэ, ньымалара үгэһэ, астара үчүгэйэ, түүннэри-күннэри сүүрэллэрэ кинилэри көрөн дууһалыын астынаҕын, ыарыыгын да умнаҕын.
Манна махталбын тиэрдиэм этэ эмтэммит быраастарбар, сиэстирэлэрбэр: Слепцова Сардаана Александровнаҕа, Кудрина Полина Ивановнаҕа, Габышева Татьянаҕа, Павлов Сергейга, Егорова Аннага уонна да атыттарга.
Киһи ыраас буоларын туһугар кыһаллыбыт, сууйан-сотон оҕолообут дьоҥҥо:Цыпандина Марияҕа, Дегтярева Марияҕа, Тохмачева Аленаҕа махтанабын.
Киһилии кыһаллар, ис-сүрэхтэрин уурар, көмө-ама буолар дьоҥҥо баҕарабын Өймөкөөн хайатынааҕар үрдүк ситиһиини, ыстаал доруобуйаны,бары үчүгэйи.
Маҥан халааттаах аанньалларга -тыыны уһатар быраастарга
Күн сирин көрдөрөөрү,
Тыыммытын уһатаары,
Оҕолорбутун сыллатаары,
Сылаас чэйи иһэрдээри.
Түүннэри-күннэри
Эмтээн-томтоон,
Үтүөрдэ охсоору,
Сууйан-сотон аһан-сиэтэн,
эм арааһын биэрэллэр,
Ньыма арааһын тутталлар,
Күүс күдэх киллэрэллэр.
Сылаас илиилэринэн,
Сайаҕас санааларынан,
Холку сыһыаннарынан,
Үөрбүт харахтарынан
Үөрэн-көтөн сүбэлээн-амалаан,
Санаабытын көтөҕөллөр
Ыарыыбытын эмтииллэр
Өймөкөөн улууһа, Төрүт бөһүөлэгэ олунньу ый, 2016сыл Тамара БОСИКОВА
ТОП
- Авиапассажир рейса Москва-Якутск заявил, что везет с собой десять килограммов взрывчатки и столько же наркотиков
- Директор компании из Якутска перевела мошенникам почти 22 миллиона рублей: Новые подробности
- Житель Якутска осужден за сотрудничество со спецслужбами Украины
- Цифровая валюта становится популярнее у жителей региона
- В Якутии пьяный водитель опрокинул большегрузный автомобиль
Комментарии
Добавить комментарий