Петр Гоголев поздравляет с Днем родного языка и письменности!
Дорогие якутяне! От имени Государственного Собрания (Ил Түмэн) Республики Саха (Якутия) сердечно поздравляю вас с Днем родного языка и письменности!
Мы отмечаем День родного языка и письменности 13 февраля, в день рождения первого ученого-лингвиста из народа саха, просветителя и основателя якутской письменности Семена Андреевича Новгородова, и отдаем дань уважения ярким представителям якутской интеллигенции, ученым, посвятившим свою жизнь процветанию и духовному развитию нашего народа.
Развитие и сохранение целостности языка зависит от каждого из нас. Мы несем ответственность перед будущими поколениями за сохранение разнообразной культуры, традиций и письменности народов.
Сегодня ведется целенаправленная политика по сохранению и развитию родных языков. Действует и постоянно развивается государственная программа «Реализация государственной национальной политики». В этом году, благодаря совместному решению парламента и правительства, финансово подкреплена государственная программа Республики Саха (Якутия) «Сохранение и развитие государственных и официальных языков в Республике Саха (Якутия) на 2020–2024 годы». Мы стоим на пороге создания всемирного многоязычного интернет-портала по проекту «Цифровизация языкового и культурного наследия коренных народов Арктики», поддержанного Арктическим советом. Уверен, совместными усилиями государственных органов и общества мы сохраним богатую палитру языкового разнообразия нашей великой страны.
Представители науки, языковеды, писатели, журналисты, работники культуры и искусства, якутского кино гордо несут миссию по сохранению и развитию языка, вкладывая любовь к родной земле в каждое свое творение.
Пусть живет в веках наш богатый, образный, выразительный родной якутский язык!
Күндү биир дойдулаахтарым! Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Сахалартан бастакы тыл үөрэхтээх учуонай, саха суругун-бичигин төрүттээччи, уһулуччулаах сырдатааччы Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр – олунньу 13 күнүгэр биһиги төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик Күнүн бэлиэтиибит.
Төрөөбүт тыл күнэ – саха дьонун өйө-санаата бөҕөргүүрүгэр, билиитэ-көрүүтэ дириҥииригэр олохторун анаабыт саха интеллигенциятын чаҕылхай бэрэстэбиитэллэригэр, учуонайдарыгар сүгүрүйүү уонна ытыктабыл бэлиэтэ буолар.
Төрөөбүт тыл кэхтибэт, сүппэт анала биһигиттэн хас биирдиибититтэн тутулуктаах. Билигин биһиги бары норуоттар бараммат баай тылларын, үйэлээх култуураларын, үтүө үгэстэрин уонна ылбаҕай суруктарын-бичиктэрин харыстаан, хаҥатан кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэр хоруйу тутуохтаахпыт.
Арассыыйа судаарыстыбата төрөөбүт тылы харыстыыр уонна сайыннарар сыаллаах-соруктаах бэлиитикэни ыытар. «Судаарыстыбаннай национальнай бэлиитикэни олоххо киллэрии» судаарыстыбаннай тосхол үлэлиир уонна сылтан сыл сайдан иһэр. Бу сылга парламент уонна бырабыыталыстыба холбоһуктаах быһаарыыларынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин «2020–2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыбаннай уонна официальнай тылы харыстааһын уонна сайыннарыы» тосхоло үп-харчы өттүнэн бөҕөргөтүлүннэ.
Сотору кэминэн Арктикатааҕы сэбиэт өйөбүлүн ылбыт «Арктика төрүт олохтоох норуоттарын тылларын уонна култуураларын баайын сыыппаралааһын» бырайыагынан бүтүн аан дойдутааҕы элбэх тыллаах Интернет-порталы тэрийэр кыахтаныахпыт.
Судаарыстыбаннай уорганнар уонна уопсастыба кэскиллээх суолу тутуһан төрүт тылбыт эгэлгэ баайын чөл хаалларыахпыт диэн эрэнэбин.
Билиҥҥи кэмҥэ наука бэрэстэбиитэллэрэ, тылы чинчийээччилэр, суруйааччылар, суруналыыстар, култуура уонна искусство үлэһиттэрэ, саха киинэтэ бэйэлэрин хас биирдии айымньыларыгар төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэн төрүт-уус тылбытын байытар соругу сүгэллэр.
Төрөөбүт Ийэ тылбыт үйэлэр тухары үүнэ-сайда турдун!
Председатель Государственного Собрания (Ил Тумэн) РС (Я) Петр Гоголев
ТОП
- Гороскоп на 23 ноября: Возможны разногласия с коллегами-женщинами
- Житель Якутии похитил возлюбленную, избивал её, силой удерживал в своей квартире
- Как управлять хранилищем своего смартфона и оптимизировать его
- В продолжении темы: 14-летней девушке, участвовавшей в погроме теплой остановки, грозит уголовное преследование
- «Сияющий камень» — якутская легенда в балете
Комментарии
Добавить комментарий