bookmark
12:57 01.06.2019

Айсен Николаев поздравляет с Днём защиты детей

Дети – самое дорогое, что есть в жизни человека, это будущее каждой семьи, каждого рода. И главное, чтобы все дети были счастливыми, росли беззаботно и радостно, окруженные любовью и лаской.

Особенно в нашем внимании нуждаются ребятишки, оставшиеся без родительской заботы, попавшие в трудную жизненную ситуацию. Наша святая обязанность помогать им, оградить от ударов судьбы, сделать все, чтобы перед ними были открыты лучшие пути во взрослую жизнь. Конечно, для помощи детям не нужны особые даты, но замечательно, что каждый год 1 июня по всей Якутии проходят многочисленные благотворительные акции. Тысячи якутян от чистого сердца дарят детям свою доброту и душевное тепло – и это самая лучшая наша традиция.

Все дети от природы любознательны и талантливы, я в этом убежден. Задача общества, власти, семьи – поддержать стремление каждого ребенка к знаниям и открытиям, направить его энергию в созидательное русло. Для этого мы начали работу над созданием целой системы выявления и поддержки способностей детей из всех уголков Якутии.

В следующем году на базе Малой академии наук под патронатом образовательного центра «Сириус» начнет работу Региональный центр выявления и поддержки одаренных детей, откроется Международная Арктическая школа, начнет строиться центр отдыха и оздоровления детей «Полярная звезда». В районах республики уже действует сеть школьных технопарков, IT-школ, в Якутске работает первый детский «Кванториум». Передовые знания, возможности раскрыть свой талант и способности должны быть доступны для детей из всех, даже самых отдаленных районов республики – за этим будущее Якутии.

Друзья! В этот замечательный праздник хочу пожелать, чтобы мы всегда помнили две простые истины: чужих детей не бывает, и все ребятишки имеют право на счастливое детство. В наших силах сделать его таким!

Всем детям Якутии я желаю исполнения самой заветной мечты. Впереди яркое, веселое лето, каникулы – счастья, радости и здоровья вам и вашим родителям!

С Днем защиты детей!

Күндү сахам дьоно! Ис дууһабыттан барыгытын сырдык, үтүө бырааһынньыгынан – Оҕо көмүскэлин күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Оҕо диэн киһи саамай күндү баайа, олоҕун салҕааччыта, туйаҕын хатарааччыта. Оҕолорбут дьоллоохтук үөрэ-көтө сылдьаллара, кыһалҕата суох, дьоннорун тапталыгар угуттанан улааталлара сүрүн суолталаах.

Биһиги болҕомтобутугар ордук тулаайах, төрөппүтэ суох хаалбыт уонна уустук балаһыанньаҕа түбэспит оҕолор наадыйаллар. Кинилэргэ көмөлөһөр, дьылҕа хабыр охсууларыттан харыстыыр, олох аартыгар тахсалларыгар кэскиллээх суоллары арыйар – биһиги ытык иэспит. Саха сиригэр бүттүүнүгэр сыллата бэс ыйын 1 күнүгэр үгүс үтүө акциялар ыытыллаллара бэртээхэй. Саха өрөспүүбүлүкэтин тыһыынчанан олохтоохторо ис сүрэхтэриттэн оҕолорго үтүө санааларын, дууһаларын сылааһын тиэрдэллэрэ – биһиги саамай үчүгэй үгэспит.

Оҕо барыта талааннаах, барыны - бары билэ-көрө сатыыр айылгылаах. Хас биирдии оҕо билиигэ-көрүүгэ, саҥаны арыйыыга дьулуурун өйөөһүн, кини ис кыаҕын, санаатын айар-тутар хайысхаҕа туһаайыы — уопсастыба, былаас уонна дьиэ кэргэн соруга. Маны ситиһээри биһиги өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыттан дьоҕурдаах оҕолору талыы-булуу уонна өйөөһүн систематын тэрийиигэ үлэни саҕалаатыбыт. Кэлэр сылтан Наука дьоҕус академиятын баазатыгар «Сириус» үөрэх киинин салайыытынан Дьоҕурдаах, талааннаах оҕолору арыйыыга уонна өйөөһүҥҥэ эрэгийиэннээҕи киин үлэлиэҕэ, Норуоттар икки ардыларынааҕы арктическай оскуола арыллыаҕа, «Хотугу сулус» оҕо сынньалаҥын уонна чэбдигириитин киинин тутуу саҕаланыаҕа. Бүгүн өрөспүүбүлүкэбит оройуоннарыгар оскуола технопааркаларын ситимнэрэ, IT-оскуолалар, Дьокуускайга оҕолорго аналлаах бастакы «Кванториум» үлэлииллэр. Билиҥҥи билиини-көрүүнү ылар, бэйэ талаанын, дьоҕурун арыйар кыах бары оҕолорго, уһук улуустарга олорооччуларга кытта тэриллиэхтээх, итинтэн Саха сирин инникитэ быһаччы тутулуктаах.

Доҕоттор! Бу бэртээхэй күҥҥэ биһиги куруутун икки судургу суолу өйдүөхтээхпитин санатабын. Ол – туора оҕо диэн суоҕун уонна бары кырачаан дьон дьоллоох оҕо сааһы билэр бырааптаахтарын туһунан. Биһиэхэ оннук гынарга кыах баар! Саха сирин бары оҕолоругар ыра санаалара туоларыгар баҕарабын. Билигин иннигитигэр самаан сайын, уһун сынньалаҥ күүтэр – оҕолорго, төрөппүттэргэ – дьолу-соргуну, үөрүүнү уонна чэгиэн-чэбдик буолууну баҕарабын!

Оҕо көмүскэлин күнүнэн!

Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев

Прокомментировать Наш канал в Telegram

Комментарии

Добавить комментарий

ТОП

Погода

Яндекс.Погода

Курс валют