«Олоҥхо дойдутунуу кэрэ олоҕу баҕарабын...» ахтыы киэһэтэ
SAKHAPRESS «Арчы» дьиэтигэр олоҥхо декадатын чэрчитинэн Чөркөөх сириттэн – уотуттан куорсун анньынан тахсыбыт Ийэ олоҥхоһут, ЮНЕСКО стипендиата, алгысчыт, Таатта, Эдьигээн улуустарын уонна Чөркөөх нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, үлэ-тыыл ветерана П. Е. Решетников – Көһөҥө Бүөтүр төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах «Олоҥхо дойдутунуу кэрэ олоҕу баҕарабын...» ахтыы киэһэтэ ыытылынна.
П. Е. Решетников – Көһөҥө Бүөтүр амарах аҕа, билиилээх учуутал, сатабыллаах салайааччы, ситиһиилээх спортсмен, дэгиттэр талааннаах артыыс, айылҕаттан айдарылаах алгысчыт, сээркээн сэһэнньит, умсугутуулаах уһуйааччы, Ийэ олоҥхоһут.Төрөппүт кыыһа Розалия Петровна Докторова, аймахтара, сиэннэрэ, аймахтара, бииргэ алтыспыт атастара- доҕотторо, биир дойдулаахтара, олоҥхо эйгэтигэр үлэлэспит дьоно – сэргэтэ бары өттүнэн сырдатан ахтан – санаан аастылар.
Киэҥ ис хоһоонноох тэрээһини Боппоенова Мария Гаврильевна салайааччылаах Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын устудьуоннара сэргэхтик, үрдүк таһымнаахтык ситэрэн – хоторон биэрдилэр.
ТОП
- Гороскоп на 23 ноября: Возможны разногласия с коллегами-женщинами
- В Якутске пьяная прохожая зашла ночью в сауну и обворовала спящего работника
- Как управлять хранилищем своего смартфона и оптимизировать его
- Сенатор Сахамин Афанасьев обозначил вопрос правового регулирования состояния многолетней мерзлоты
- В Якутии мужчина застрелил свою сожительницу из ружья соседа: Владельцу оружия вынесли приговор
Комментарии
Добавить комментарий