Айсен Николаев поздравляет с 1 Мая – праздником Весны и Труда!
SAKHAPRESS От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю вас с 1 Мая – праздником Весны и Труда!
Первомай ежегодно объединяет всех жителей нашей многонациональной республики, людей разных поколений и профессий, всех тех, кто своим ратным трудом, профессионализмом, ответственным отношением к делу, трудовыми свершениями во всех сферах и отраслях славит родную Якутию и Великую Россию. Сегодня якутяне, продолжая славные традиции старшего поколения, созидательно трудятся, растят детей и внуков, определяют будущее нашего государства.
Огромный созидательный потенциал, профессиональное, интеллектуальное и творческое богатство якутян, наше умение жить и работать в немыслимо сложных климатических условиях, удивляет и восхищает многих людей во всём мире. Мы по праву гордимся нашими земляками и соотечественниками, удостоенных высоких званий героев и ветеранов труда, заслуженных работников, награждённых орденами, медалями и государственными наградами за добросовестный труд, высокий профессионализм, посильный вклад в социально-экономическое развитие республики. Особую гордость мы испытываем за старейшие трудовые династии республики, которые сохраняют и приумножают преемственность поколений, формируют семейные трудовые традиции.
В предыдущие годы первомайская демонстрация во всех сельских поселениях, промышленных районах, посёлках и городах республики, ежегодно собирала десятки тысяч трудовых коллективов, молодежных и студенческих организаций, профсоюзных объединений, ветеранов и школьников. По массовости праздничного шествия трудящихся столица республики – город Якутск – занимал лидирующие позиции среди городов Дальнего Востока.
Но в этом году по всей стране Первомай проходит без праздничных демонстраций, парадных шествий, народных гуляний. Впервые праздничные мероприятия проходят в новом формате с использованием современных средств связи. Из-за угрозы распространения опасной коронавирусной инфекции для общего блага улицы и площади наших городов и посёлков должны оставаться пустыми. Первомайский праздник мы должны провести дома в кругу своих родных и близких. В этот непростой период, когда наша республика, как и страна в целом, противостоит опасной болезни, нам как никогда раньше необходимо проявить сплочённость, показать своё неравнодушие.
Особую благодарность и признательность мы выражаем медицинским работникам, врачам и медсестрам, сотрудникам правоохранительных органов, трудовым коллективам жизнеобеспечивающих предприятий, которые в этот праздничный день находятся на передовой и продолжают нести трудовую вахту. Сейчас от каждого из нас зависит, сможем ли мы победить эту страшную болезнь. Для этого от нас требуются дальнейшая консолидация, ответственное отношение к своему здоровью и здоровью наших родных и близких. Уверен, что, несмотря на все трудности, вместе сплотившись, мы сможем преодолеть эту опасную болезнь и начать свой привычный жизненный уклад.
Дорогие друзья! В этот первомайский день желаю каждому из вас крепкого здоровья, счастья, благополучия, мира и добра!
Глава Республики Саха (Якутия) А.С. Николаев
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини ыам ыйын 1 күнүнэн – Үлэ уонна Маай бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин!
Үлэ уонна Маай бырааһынньыга сыл ахсын өрөспүүбүлүкэбит элбэх омуктаах олохтоохторун, бары эйгэҕэ уонна салааҕа күргүөмнээх үлэлэринэн, ситиһэр кирбиилэринэн, дьоҕурдарынан, үлэҕэ эппиэтинэстээх сыһыаннарынан төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрин уонна Улуу Россияны аатырдар араас идэлээх дьону түмэр, көлүөнэни ситимниир. Сахабыт сирин олохтоохторо аҕа көлүөнэ үтүө үгэһин салҕаан таһаарыылаахтык үлэлииллэр, оҕо-сиэн бүөбэйдииллэр, дойдубут инники кэскилин түстүүллэр.
Саха сирин олохтооҕун мындыр толкуйа, сытыы өйө, айар-тутар кыаҕа, томороон тымныылаах, өҥүрүк куйаастаах тыйыс дойдуга дьоллоох олоҕу олорор, үлэлиир-хамсыыр үөрүйэҕэ аан дойдуга мэлдьи аатырар.
Күүрээннээх үлэлэринэн, кыайыыга көҕүлүүр дьулуурдарынан өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар үтүө түмүктэри ситиспит, бигэ олоҕу түстэспит дьоруой уонна үлэ бэтэрээнин үрдүк аатын сүгэр, үтүө суобастаах үлэлэринэн, үрдүк сатабылларынан уордьаннарынан, мэтээллэринэн уонна судаарыстыбаннай наҕаараадаларынан бэлиэтэммит биир дойдулаахтарбытынан киэн туттабыт. Үлэһит дьиэ кэргэн үйэлээх үгэһин тэрийсэр, көлүөнэ утумнаах санаатын түстүүр өрөспүүбүлүкэбит үлэһит династияларын уруйдуох тустаахпыт.
Ааспыт сылларга ыам ыйын 1 күнүнээҕи демонстрация өрөспүүбүлүкэҕэ бүтүннүүтүгэр: тыа сирин бары сэлиэнньэлэригэр, промышленнай оройуоннарга, бөһүөлэктэргэ уонна куораттарга сылын аайы уонунан тыһыынчалыы үлэ кэлэктииптэрин, ыччаттар уонна устудьуоннар тэрилтэлэрин, идэлээх сойуустар холбоһуктарын, бэтэрээннэри уонна оскуола оҕолорун түмэрэ. Киин куораппыт – Дьокуускай – үлэлээн иитиллээччилэр күргүөмүнэн хаамыыларыгар дьон-сэргэ көхтөөх кыттыытынан Уһук Илиҥҥи куораттар ортолоругар инники күөҥҥэ сылдьара.
Быйыл ыам ыйын 1 күнэ дойду үрдүнэн бырааһынньыктааҕы демонстрацията да, күргүөмүнэн хаамыыта да, күүлэйэ да суох ааһыаҕа. Ол оннугар бырааһынньык тэрээһинэ аан бастаан сибээс аныгы технологияларын көмөтүнэн саҥалыы көрүҥүнэн ыытыллыаҕа. Коронавирус сыстыганнаах ыарыыта тарҕанар куттала суоһаабытынан, бары этэҥҥэ буоларбыт туһугар куораттарбыт уонна бөһүөлэктэрбит уулуссаларыгар уонна болуоссаттарыгар ким да тахсыбатаҕына табыллар. Бу бырааһынньыгы чугас дьоммутун кытта дьиэбитигэр ыларбыт оруннаах. Өрөспүүбүлүкэбит эрэ буолбакка, дойдубут бүтүннүүтэ кутталлаах ыарыыны утары охсуһар уустук кэмигэр туора турбакка, хаһааҥҥытааҕар даҕаны түмсүүлээх буолуохтаахпыт.
Биһиги бүгүн медицинэ үлэһиттэригэр, быраастарга уонна сиэстэрэлэргэ, быраабы араҥаччылыыр уорганнар үлэһиттэригэр, бу бырааһынньык күн үлэлэригэр тахсан инники күөҥҥэ сылдьар олоҕу хааччыйар тэрилтэлэр үлэһиттэрин кэлэктииптэригэр дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Бу кутталлаах ыарыыны кыайарбыт-кыайбаппыт билигин хас биирдиибититтэн тутулуктаах. Онуоха биһиги салгыы түмсүүлээх буоларбыт, бэйэбит уонна чугас дьоммут доруобуйаларыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарбыт ирдэнэр. Ыарахаттартан чаҕыйбакка, бары биир сомоҕо буолан, бу кутталлаах ыарыыны кыайыахпыт, үгэс буолбут күннээҕи олохпутугар эргиллиэхпит диэн бигэ эрэллээхпин.
Күндү доҕоттор! Ыам ыйын 1 күнүнэн эһиэхэ хас биирдиигитигэр чөл туругу, дьолу, этэҥҥэ буолууну, эйэни уонна бары үтүөнү баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев
ТОП
- В Якутии 25-летний парень пропал без вести два месяца назад
- Китайский гороскоп на неделю с 25 ноября по 1 декабря: Дела могут идти вяло, нехотя и с ошибками
- Определились победители конкурса ледовых скульптур «Новогодняя фантазия» на призы Акционерной компании «Железные дороги Якутии»
- В Якутске произошло массовое ДТП с участием двух автобусов
- Поздравление Председателя Якутской городской Думы Альберта Семенова с Днем матери в Российской Федерации
Свежие новости
- Театр оперы и балета РС(Я) приглашает на оперу Вольфганга Моцарта «Волшебная флейта»
- Государственное Собрание (Ил Тумэн) РС (Я) выражает глубокие соболезнования в связи с кончиной Степана Спиридоновича Степанова
- В Якутске мужчина познакомился с девушкой в телеграм-канале, встретился с ней в гостинице и остался без 64 тысяч рублей
- «Сахатранснефтегаз» участвует в акции по плетению маскировочных сетей для СВО
Комментарии
Добавить комментарий