bookmark
09:09 22.05.2020

Поздравление Айсена Николаева с Днём сайылыка

Уважаемые якутяне, дорогие друзья! От всей души поздравляю вас с Днем сайылыка в Республике Саха (Якутия)! Этот праздник олицетворяет наше глубокое уважение вековым народным традициям, нелегкому сельскому труду на суровой северной земле.

Для народа Саха переезд в сайылыки связан с наступлением лета, появлением на лугах густого травостоя, установлением первых жарких дней. Наши предки с особым воодушевлением отгоняли скот на пастбища, обустраивали быт в летних усадьбах, радуясь благодатной поре.

Славная традиция сохранилась и в наши дни. Сегодня, как и столетия назад, сельскохозяйственные предприятия республики, фермерские и крестьянские хозяйства отгоняют скот и переезжают на летние фермы. Вместе с родителями в сайылыки переезжают и дети. Они с большой пользой проводят свои летние каникулы, помогая взрослым ухаживать за домашним скотом, приобщаясь к труду, сохраняя преемственность поколений.

В этот праздничный день, я хотел бы сказать слова искренней благодарности всем аграриям республики. Несмотря на трудное время, в условиях борьбы с опасной болезнью, охватившей весь мир, наши селяне продолжают трудиться с полной отдачей, развивая достигнутые успехи в сельском хозяйстве. Результаты есть – по итогам 2019 года впервые за десятилетия в республике увеличилось поголовье всех видов сельскохозяйственных животных: крупного рогатого скота, лошадей, оленей, свиней и птицы. Это ощутимый шаг вперед, ведь чем больше качественной сельхозпродукции будет производиться в республике, тем крепче мы будем защищены от любых рисков!

Друзья, символично, что День сайылыка совпадает с одним из самых почитаемых христианских праздников – Николиным днём, который по православному церковному календарю отмечается 22 мая. Издревле в этот день якутяне по доброй традиции угощают своих родных и близких оладьями и утиным супом, кормят родную землю и просят благословения у божеств, чтобы лето выдалось плодородным и изобильным.

Дорогие земляки! Разрешите в этот замечательный день пожелать вам всем крепкого здоровья, мира и благополучия! Пусть долгожданное якутское лето принесет радость, запомнится нам только счастливыми событиями!

Ил Дархан Сайылык күнүнэн эҕэрдэлиир

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо, күндү доҕоттор!

Эһигини барыгын ис сүрэхпиттэн Сайылык күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Бу бырааһынньык биһиги норуоппут үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит үгэстэригэр, тыйыс айылҕаҕа сүөһүнү иитии уустук дьарыгар биһиги дириҥ ытыктабылбытын кэрэһилиир.

Саха дьонугар-сэргэтигэр сайылыкка көһүү самаан сайын кэлиитин, күөх от дыргыл сытын, түптэ унаар буруотун, бастакы куйаас күннэри кытта ситимнээх. Биһиги өбүгэлэрбит күөххэ үктэммиттэриттэн сүргэлэрэ көтөҕүллэн сүөһүлэрин мэччирэҥҥэ үүрэллэрэ, сайылыктарын оҥостоллоро.

Билигин эмиэ сүүһүнэн сыллар анараа өттүлэригэр курдук, өрөспүүбүлүкэ тэриллиилээх уонна бааһынай хаһаайыстыбалара сүөһүлэрин илдьэ сайылыкка көһөллөр. Төрөппүттэрин кытта сайылыкка оҕо-аймах эмиэ тахсыhар. Кинилэр сүөһүнү көрөргө дьонноругар илии-атах, көмө буолан сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атаараллар, үлэҕэ-хамнаска кыра эрдэхтэриттэн сысталлар, утуму салгыыллар.

Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр барыларыгар истиҥ махтал тылларын этиэхпин баҕарабын. Тыа сирин олохтоохторо уустук кэми аахсыбакка, аан дойдуну аймаабыт кутталлаах ыарыыны кытта охсуһуу үгэннээн турдаҕына салгыы үлэлии-хамсыы сылдьаллар, урукку көрдөрүүлэри куоһарарга дьулуһаллар.

Тыа хаhаайыстыбатын салаата үүммүт дьылы үтүө түмүктээх көрсүбүтэ. 2019 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ кэнники уонунан сыллар усталарыгар сүөһү бары көрүҥэр өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх көрдөрүү аан бастакытын ситиhилиннэ. Ол курдук өрөспүүбүлүкэ хаьаайыстыбаларыгар ынах сүөһү, сылгы, таба, сибиинньэ уонна көтөр ахсаана элбээтэ. Бу – инникигэ дьоһун хардыы. Сахабыт Сиригэр төһөнөн элбэх хаачыстыбалаах бэйэ бородууксуйатын оҥоробут да, соччонон ханнык баҕарар кутталтан көмүскэллээх буолабыт!

Сайылык күнэ православнай халандаарынан ыам ыйын 22 күнүгэр бэлиэтэнэр Ньукуолун күнүгэр түбэһэрэ бэлиэ суолталаах. Бу күн биһиги, Саха сирин олохтоохторо, алаадьылаан, кус миинэ буһаран чугас дьоммутун күндүлүүр, сир-дойду иччитин аһатан-алҕаан, айыыларга үҥэн-сүктэн үүнүүлээх, өҥ-быйаҥ сайыны көрдөһөр үтүө үгэстээхпит.

Күндү биир дойдулаахтарым! Маннык үтүө күҥҥэ эһиэхэ чэгиэн туругу, эйэни, этэҥҥэ буолууну баҕарабын! Күүтүүлээх самаан сайыммыт үөрүүнү аҕаллын, дьоллоох эрэ түгэннэри тосхойдун!

Глава Республики Саха (Якутия) А.С. Николаев

Прокомментировать Наш канал в Telegram

Комментарии

Добавить комментарий

ТОП

Погода

Яндекс.Погода

Курс валют