bookmark
10:37 27.09.2020

Спикер Ил Тумэна поздравляет с днем Государственности

Уважаемые якутяне! От имени Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю с Днем государственности Республики Саха (Якутия)!

В этом году отмечается 30-летие со дня принятия Декларации о государственном суверенитете Республики Саха (Якутия). В 1990 году Якутия добровольно отказалась от автономного статуса и взяла на себя всю полноту ответственности за свое развитие. Подписанный затем Федеративный договор предотвратил распад российского государства, установив принципы федерализма, равноправия и государственности субъектов федерации, которые впоследствии вошли в текст в Конституции России.

Сегодня Республика Саха – полноправный субъект федеративного государства. Отмечая День государственности, мы признаем ответственность за единство народов Российской Федерации, незыблемость его границ, чтим память предков, передавших нам любовь и уважение к Отечеству.

Всего два года остается до празднования 100-летия основания нашей республики. Недавние победы наших спортсменов, триумф деятелей киноиндустрии, развитие культуры и духовности окрыляют нас. Я уверен, вместе мы сделаем нашу республику еще более процветающей, благополучной и сильной!

Желаю вам и вашим близким крепкого здоровья, любви, счастья, благополучия и успехов во всех начинаниях!

Күндү Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан декларация ылыныллыбыта 30 сылын туолар. 1990 сыллаахха Саха сирэ баҕа өттүнэн автономияттан аккаастаммыта уонна сайдар суолун бэйэтэ оҥостор эппиэтинэһи сүкпүтэ. Ол кэмҥэ баттаммыт Федеративнай дуогабар судаарыстыба үрэллиитин тохтоппута, итиэннэ федерализм, федерация субъектара тэҥ бырааптаах уонна судаарыстыбаннастаах буолар тускулларын олохтообута. Кэлин ити барыта Россия Конституциятын тиэкиһигэр киирбитэ.

Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтэ федеративнай судаарыстыба толору бырааптаах субъега буолар. Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын күнүн бэлиэтээн туран, Россия Федерациятын норуоттара биир сомоҕо, дойду кыраныыссата бигэ буолууларын туһугар эппиэтинэһи сүгэрбитин, биһиэхэ, кэлэр көлүөнэҕэ Аҕа дойдуга иһирэх тапталы уонна ытыктабылы иҥэрэн хаалларбыт өбүгэлэрбит кэриэстэрин ытыктыырбытын билиниэх тустаахпыт.

Аны икки сылынан Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылын үөрэ-көтө бэлиэтиэхпит. Оттон бу соторутааҕыта биһиги биир дойдулаахтарбыт – спортсменнарбыт кыайыы көтөллөммүттэрэ, киинэ индустриятын диэйэтэллэрэ үрдүк ситиһиилэммиттэрэ, ону тэҥэ култуура уонна духуобунас сайдыыта о.д.а. көстүүлэр биһигини, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, үрдүктэн үрдүккэ кынаттыыллар, үчүгэйгэ, кэрэҕэ сирдииллэр. Инникитин даҕаны бу курдук кимиилээхтик үлэлээн-хамсаан, биир санаанан салайтаран үүнүү-сайдыы суолун тутуһан олордохпутуна, өрөспүүбүлүкэбит өссө чэчириэҕэ, бигэ туруктаныаҕа, кыахтаах регион буолуоҕа диэн эрэнэбин!

Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, улахан тапталы, дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну уонна бары саҕалааһыннаргытыгар үрдүк ситиһиилэри баҕарабын!

П.В.ГОГОЛЕВ.

Председатель Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия)

Прокомментировать Наш канал в Telegram

Комментарии

Добавить комментарий

ТОП

Погода

Яндекс.Погода

Курс валют