Дьокуускайга "Ыллаа-туой, тыам сирэ!" диэн концерт буолан ааста
SAKHAPRESS Россияҕа Өйдөбүнньүк уонна албан аат сылынан, Саха сиригэр Патриотизм сыла биллэриллибитинэн «ЫЛЛАА-ТУОЙ, ТЫАМ СИРЭ!» - бырайыак чэрчитинэн, Уус-Алдан улууһа төрүттэммитэ 90 сылынан, Үлэ Кыьыл Знамята орден кавалера, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Найахы народнай хорун хормейстера С.Г. Васильев төрөөбүтэ 90 сылыгар, Арассыыйа, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Кэнчээри» народнай ансаамбыл төрүттээччитэ, салайааччыта В.С. Парников 75 сааһыгар аналлаах «Найахылар ыллыылар» бэртээхэй концерт буолан ааста.
Тэрээһин кэмигэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай директора Яна Викторовна Игнатьева Россия, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, анал бэлиэ суругу «Найахы нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыгар Петр Степанович Сивцевка туттарда.
Норуот уус–уран самодеятельноһын кыттыылаахтарыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрсибиттэрин, кэккэ ситиһиилэрин иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунаска министерствотын, тыа сирин кытта үлэлэһэр Республикатааҕы норуот айымньытын бирикээһинэн Дмитрий Готовцев уонна Александр Ущницкай бочуоттаах знагынан наҕараадаланнылар. Дьоһун бэлиэлэри норуот айымньытын отделын салайааччыта Алексей Константинович Захаров туттарда. Ол кэнниттэн Республикатааҕы норуот айымньытын дьиэтин ырыаҕа уонна хоровой искусствоҕа сүрүннүүр специалиһа Анастасия Титовна Аммосова эҕэрдэ тыл эттэ.
«Найахылар ыллыылар» дьоро тэрээһиҥҥэ бииртэн биир чаҕылхай ырыа-тойук эйээрдэ, эриэккэс үҥкүү-битии да баар буолла. Ол курдук, Найахытааҕы С.Г. Гаврильев аатынан норуодунай үҥкүү хоровой кэллэктиибэ «Дьэдьэн уга» уонна «Чэлгийээнэ» композициянан концеры үөрүүлээхтик арыйда. Хор уус-уран салайааччыта – Анисия Гаврильева, хормейстердар – Саргылана Михайлова уонна Айталы Слепцова, концертмейстер – СР культуратын туйгуна Дмитрий Готовцев. Көрөөччүлэр бука бары биир тыынынан ытыс дохсун тыаһынан хор дьоһун толоруутуттан астыммыттарын бэлиэтээтилэр.
Эдэр ыччаты түмпүт «Эрчим» үҥкүү бөлөҕө «Өрөгөй», «Русская плясовая» уонна «Еврейский танец»-диэн киһи эрэ тахсан үҥкүүлэһиэн айылаах эдэрдии эрчимнээх бастыҥ туруоруулары көрдөрөн дьон сүргэтин көтөхтүлэр. Кэллэктиип салайааччытынан эдэр кэскиллээх специалист Степанида Таппагарова үлэлии сылдьарын хайҕыахха эрэ сөп. Кини салайан илдьэ сылдьар уол оҕолорго аналлаах «Долун» үҥкүү ансаамбыла эмиэ олус бэртээхэй, тэтимнээх үҥкүүнү көрдөрдө.
Концеры дьоһун толорууларынан, кэрэ ылбаҕай ырыаларынан «Дьүөгэ» (сал. Ньургуйаана Никитина), «Найахылар ыллыыллар», «Айхаллан» (СӨ культуратын Дмитрий Готовцев) уонна «Найахыына» (сал. СӨ культуратын туйгуна Дьулустаан Гаврильев) ырыа ансаамбыллара киэргэттилэр. Маны таһынан, «Көлүкэчээн» оҕо үҥкүү ансаамбыла (сал. Степанида Таппагарова) «Узбекскай үҥкүү», «Күбэйэ» үҥкүү кэллэктиибэ «Ыаҕыйалаах үҥкүү», «Чэлгийээнэ» ансаамбыл (сал. СӨ культуратын туйгуна Алена Гаврильева) казах омук үҥкүүтүн көрдөрөннөр концеры өссө эбии тупсардылар.
Кэллэктииптэри сэргэ биирдиилээн толорооччулар, Найахы бастыҥ талааннара Александр Ушницкай, Елизавета Рожина, Евдокия Егорова, Айталы Слепцова, Дмитрий Готовцев, Степанида Антонова уонна Ньургуяна Никитина олус чаҕылхай, ураты, ылбаҕай ырыалары ыллаан киэргэттилэр.
«Найахы нэһилиэгэ» (баһылык П.С. Сивцев) махтанан туран Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай директора Яна Викторовна Игнатьеваҕа уонна бырайыак ааптарыгар Любовь Шишигинаҕа махтал суругу, сибэкки дьөрбөтүн туттарда. Бу чаҕылхай талааннаах Найахылар концердарын Анисия Гаврильева уустаан-ураннаан үрдүк таһымнаахтык ыытта.
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин норуот култууратын салаата
ТОП
- Гороскоп на 23 ноября: Возможны разногласия с коллегами-женщинами
- Житель Якутии похитил возлюбленную, избивал её, силой удерживал в своей квартире
- Как управлять хранилищем своего смартфона и оптимизировать его
- В продолжении темы: 14-летней девушке, участвовавшей в погроме теплой остановки, грозит уголовное преследование
- «Сияющий камень» — якутская легенда в балете
Комментарии
Добавить комментарий