Пасхальное поздравление Патриарха Кирилла на якутском языке
РИГ SAKHAPRESS.RU Только что Епископ Якутский Роман прислал в нашу редакцию Пасхальное послание Святейшего Патриарха Москвы и всея Руси Кирилла на якутском языке. Предлагаем его вашему вниманию: "Москва уонна бүтүн Русь Патриарх Баһылыгын КИРИЛЛ үрдүкү аҕабыыттарга, ытык аҕаларга, диаконнарга, манаахтарга, Нуучча Православнай Таҥаратын Дьиэтин итэҕэллээх оҕолоругар Паасханан илдьит суруга Айыы Тойон туһугар тапталлаах Сибэтиилээхтэн cибэтиилээх үрдүкү аҕабыыттар, ытык пресвитердар, диаконнар, Таҥараны таптыыр манаахтар, күндү бырааттарбыт уонна балыстарбыт! Аан дойдуну быыһаабыт Айыы Тойоммут өлөн баран тиллибитин кэрэһилиир кэрэмэн килбиэннээх улуу бырааһынньыкка духуобунай үөрүүнэн үөрэн, Кини хоруоптан тахсыбытын өйбүнэн-санаабынан анааран тураммын, эһиэхэ бука барыгытыгар олоҕу туругурдар толору ис күүстээх, кыайтарбат кырдьыктаах, үөрүүлээх тыллары туһаайдаҕым буоллун: ХРИСТОС ТИЛЛИБИТЭ! Сандаархай сыдьаайдаах Паасха түүнэ киһи аймахха Таҥара тапталын – Халлааннааҕы Аҕабыт үйэлэр иннилэриттэн баар Уола, киһи айылҕатын ылынан, кинини аньыы-буруй ыарыытыттан үтүөрдүбүтүн уонна, үтүгэн түгэҕэр түһэн биһигини өлөр өлүү бохсубут хандалытыттан босхолоон, биһиэхэ Айыы Таҥарабытын, Олохпутун Оҥкуллааччыны, кытта биир буолар күндүттэн күндү кыаҕы бэлэхтээбитин, – толору көрдөрбүтэ. Айыы Тойон тугу барытын бырастыы гынар итинник улууканнаах тапталыгар кытыктанан, биһиги «дьону утары буолбакка, бу үйэ халыҥ хараҥатын дьаһалталарын, былаастарын, баһылыктарын утары, халлаан аннынааҕы хара дьай тыыннарын утары сэриилэһэр» (Еф 6, 12) кыайтарары билбэт сэптээх-сэбиргэллээх буойуттар буолабыт. Онон, киһи кэбирэх айылҕата барыттан-бары дьиксинэр уйан санаатын кыайаммыт, хайдахтаах да суостаах кэми эрдээхтик көрсөр кыахтанабыт. «Таптал куттанары билбэт – сиппит-хоппут таптал кутталы киэр кыйдыыр. Куттанар киһи эрэйи көрөр, кини таптала ситэтэ суох» (1 Ин 4, 18). Айыы Тойон биһигини, Кини суолунан иһээччилэри, «Куттанымаҥ!» диэн бөҕөргөтөр, сүргэбитин көтөҕөр тыла Евангелиеҕа элбэхтик хатыланара мээнэҕэ буолбатах. Кэлэр кэмтэн, араас суоһуур кутталтан, сымыйата-кырдьыга биллибэт үһү-бадах кэнэҕэс иэдээнтэн чаҕыйар санааны үгүстэр бэркэ билэллэр. Ол эрээри бэйэбит эрэ Айыы Тойонтон аккаастамматарбыт, Кини биһигини хаһан да хаалларыа суоҕа. Бу билигин эмиэ, биһиги Кинини, өлөр өлүүнү кыайбыт Айыы Тойону, уруйдуур-айхаллыыр күннэрбитигэр, Быыһааччыбыт биһиэхэ хас биирдиибитигэр туһаайан хат тоһоҕолоон этэр: «Куттаныма, итэҕэй эрэ!» (Мк 5, 36). Онон биһиги сиэрбит-майгыбыт, бу дойду уодаһыннаах быһыытыттан чыҥха атын буолан, үйэлэргэ өлбөөдүйбэт Дьиҥ Кырдьыгы илэ-чахчы бигэргэтэ туруохтун. Төһө да билигин уопсастыба уонна итэҕэл көҥүлэ хааччахтамматаҕын иһин, христианныы олох көрдөбүлүн бигэтик тутуһан олорор киһи син биир сүүрүгү утары барар. Онон кини дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар иҥэриллэ сатыыр аньыыны-хараны уонна ону кытта иллэһэр туругу ылымматын биллэрэр. Айыы Тойоҥҥо хайыһаммыт, биһиги духуобунай өттүнэн уһукта илик чычаас олоҕу, бу дойдуга баһылыыр-көһүлүүр бэйэмсэх быһыыны төлө көтөбүт уонна Тиллии кэрэмэн сырдыгын Халлааннааҕы Куоракка тиксэрэр эркээйи быһыытынан ылынар кыахтанабыт. Бараммат үйэлээх олоххо тардыһар күүһү биһиги Евхаристия биир уопсай иһититтэн сомсобут. Айыы Таҥара бары өттүнэн сибэтиэй Тыынын илгэлээх үтүөтэ барыбыт дууһабытыгар энчирээбэт или-эйэни, бигэ итэҕэли иҥэриэхтин, үчүгэйи хотуулаахтык оҥорор күүһү-уоҕу биэриэхтин. Христос Этигэр-Хааныгар тиксэммит, биһиги, Ытык Суруйууга этиллибитин курдук, Таҥара айылҕатын кытыктаахтара буолабыт (2 Пет 1, 4), онон ис хаан айылгыбытын уларытынар күүстэнэбит. Таҥараҕа тиксэммит, биһиги Киниэхэ, «Бэйэтин аччатынан, кулут уобараһын ылынан, дьон тэҥэ буолбут, киһи курдук көрүҥнэммит, Бэйэтин намтатынан, өлүөр да диэри – кириэскэ тиириллиэр диэри – истигэн» (Флп 2, 7-8) Айыы Тойоҥҥо маарынныыр үрдүк дьоллонобут. Сиэр-майгы духуобунай өттүнэн уларыйыыта уопсастыба, норуот, дойду олоҕун уларытыы төрдө-төбөтө, сүрүн күүһэ буолар. Ханнык да дьыала, бытархай чаастара чочуллубакка эрэ, толору үчүгэй көрүҥнэнэр кыаҕа суох. Аҕа дойдубут төһө чөл олохтооҕо араас социальнай, политическай бөлөххө киирэр эдэр-эмэн дьон сиэрдээх өйүнэн-санаатынан быһаарыллар. Историческай Русь судаарыстыбаларын, Таҥара Дьиэтин итиэннэ, киэҥник ыллахха, Айыы Таҥарабыт биһиэхэ, араҥаччылаатыннар, «харыстаатыннар» (Айыллыы 2, 15) диэн, туттарбыт айылҕатын сайдар суола олохпут хайысхата хайдаҕыттан тутулуктаах. Таҥараҕа үҥэн тураммын, мин эһиэхэ, күндү дьоммор, бука барыгытыгар аад күүһүн самнарбыт Айыы Тойоммутун өйдөөн-санаан өрүү үөрэ-көтө сылдьаргытыгар, күннээҕи үлэҕитигэр-хамнаскытыгар үөһэттэн дэлэй көмөнү ыла тураргытыгар ис сүрэхпиттэн баҕарабын. ХРИСТОС ДЬИҤ ЧАХЧЫ ТИЛЛИБИТЭ! Аминь. КИРИЛЛ МОСКВА УОННА БҮТҮН РУСЬ ПАТРИАРХ БАҺЫЛЫГА Христос Паасхата Москва 2012
Прокомментировать
Наш канал в Telegram ТОП
- В Якутии мужчина застрелил свою сожительницу из ружья соседа: На владельца оружия завели уголовное дело
- "Альфонс" из Нигерии похитил у жительницы Якутии 5 миллионов рублей
- В Ленском районе по иску прокуратуры суд принял решение о прекращении полномочий главы Беченчинского наслега
- В Якутии суд обязал предпринимателя выплатить 564 тысячи рублей за установку некачественных пластиковых окон
- АО «Алмазы Анабара» группы АЛРОСА: Важнейший опыт рекультивации земель Арктики после промышленной добычи
Комментарии
Добавить комментарий