Приглашаем на Ысыах Вилюйского землячества
РИГ SAKHAPRESS.RU “Бүлүү кэскилэ” общественнай түмсүү "Улуу Кыайыы 70 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр ананар Ытык Бүлүү Ыhыаҕа.
Күнэ-дьыла: бэс ыйын 12 күнэ
Ыытыллар сирэ: “Үс Хатыҥ” (сыл ахсын ыытыллар сирэ)
Ыһыах сүрүн программата:
09.30 – 10.00 Норуоттар доҕордоһууларын болуоссатыттан автобустар айанныыллар
10.00 Түһүлгэлэри киэргэтии, симээһин (түөлбэлэринэн)
11.00 Ыһыах спортивнай күрэхтэригэр, оһуохайга суруттарыы
12.00 Ыһыах аһыллыытын сиэрэ-туома
- түөлбэлэринэн күргүөмнээн түһүлгэҕэ киирии (парад, салама баайыыта)
- алгыска тиксиигэ анаан түһүлгэҕэ сэлэлээн туруу
- ыһыах алгыһын сиэрэ-туома, алгыһы түһэрии
- салама ыйааһына
- ытык дьоммут эҕэрдэлэрэ
- кымыс үрдүн охторуу (кымыс иһиитэ)
12.30 Ыалдьыттар концертара (биир дойдулаахтарбыт музыкальнай эҕэрдэлэрэ)
13.00 Түөлбэлэринэн (нэһилиэктэринэн, түмсүүлэринэн) аһааһын
- түһүлгэ конкурса (түһүлгэни оҥоруу, тас көрүҥэ, саха аһын арааһа, кыттааччы ахсаана)
13.00 Оҕо-аймах түһүлгэтэ
- кукольнай спектакль
- оҕолорго көрдөөх оонньуулар
13.30 Оһуохай түһүлгэтэ
- күпсүүр доҕуһуолунан оһуохай (ыһыах дьоно)
- оһуохай күрэҕэ
14.30 Сахалыы таҥаһы көрүү
- өбүгэ төрүт таҥаһа
- саха аныгы таҥаһа
15.00 Күүстээхтэр сымсалар күөн-күрэстэрэ
- хапсаҕай (эр дьоҥҥо абсолютнай)
- мас тардыһыыта (эр дьоҥҥо уонна кэрэ аҥардарга абсолютнай)
- атах оонньуута “Үс төгүл үс”
16.30 "Ыллыыр кумах дьүрүскэнэ" (идэтийбит биир дойдулаахтарбыт концертара)
17.30 Ыһыаҕы түмүктээһин, кыайыылаахтары эҕэрдэлээһин
18.00 Автобустар куоракка айанныыллар
Общественное движение «Бүлүү кэскилэ»
ТОП
- Найденный в 2019 году на Нюрбинском ГОКе АЛРОСА алмаз-матрешка поставил в тупик ученых со всего мира
- Гороскоп на 28 ноября 2024 года: Этот день принесет серьезные профессиональные и финансовые проблемы
- "Я предупреждаю тебя, что ударю. Считаю до трех": В Якутии женщина жестоко отругала девочку на улице
- В Якутии жестоко отругали девочку на улице: Комментарий МВД
- Бокс: В Вилюйске пройдет турнир на призы Дмитрия Федорова и Афанасия Поскачина
Комментарии
Добавить комментарий