bookmark
19:42 27.08.2015

Учууталлар ХIII съезтэрин көрсө: Үөрэхтээһин лидерэ

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит 700-тэн тахса оскуола иннинээҕи үөрэхтээһинин тэрилтэлэрин педагогтара үһүттэн сэттэтигэр диэри саастаах 53 тыһыынчаттан тахса оҕону иитэллэр-үөрэтэллэр

Быйыл Саха сиригэр оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин ситимин 95 сыла туолла. Онон, Россия үрдүнэн соҕотох биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 2015 сыл – Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин сылынан биллэриллэн турар.

Ол иһин, быйылгы “Сыл бастыҥ иитээччитэ-2015” куонкурус сайын бэс ыйыгар өссө улахан эппиэтинэстээхтик уонна олус интэриэһинэйдик ааспыта. Бу куонкуруска кыайыылааҕынан Таатта улууһун Уолба сэлиэнньэтин “Кэнчээри” оҕо уһуйаанын эбии үөрэхтээһиҥҥэ педагога Алек Алексеевич Кириллин тахсыбыта.

Алек Кириллин бу кыайыытынан аны күһүн алтынньыга-сэтинньигэ буолар Бүтүн Россиятааҕы “Сыл бастыҥ иитээччитэ-2015” куонкуруска Саха Өрөспүүбүлүкэтин аатыттан кыттыаҕа.

Кини идэтинэн биология-химия учуутала, 1985 сыллаахха СГУ-ну бүтэрбитэ. Учуутал, оскуола дириэктэрэ, завуч, РОНО сүбэһитэ... Бэйэтэ айылҕаттан талааннаах, сөбүлүүр дьарыктаах буолан, эбии үөрэхтээһин тиһигэр 2013 сыллаахха кэлбитэ.

Кини оҕо талаанын уһугуннарар аналлаах. Кырачааннарга “Кустукчаан” диэн ураты ньыманан уруһуй уонна “Аптаах кумааҕы” диэн кумааҕыны уус-ураннык кырыйыы куруһуоктарын салайан ыытар. Чеканка, маһынан уһаныы, скульптура – бу эмиэ Алек Алексеевич гиэнэ. Кэргэнэ Татьяна Никифоровна уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлиир, 3 оҕолоруттан кыра кыыстара эмиэ оҕо садын иитээччитэ. Уоллара производственнай үөрэхтээһин маастара. Онон, биир дьиэ кэргэнтэн бүтүн 4 педагог буолаллар. Педагогическай династия олуга уурулуннаҕа ол!

Олох уопута көрдөрөрүнэн, айылҕаларынан бэйэлэрэ хорсун, саҥаны, сонуну киллэрэртэн толлубат айылгылаах буоланнар, эр дьон хайа баҕарар эйгэҕэ инновацияҕа үчүгэйдэр. Педагогикаҕа ол эмиэ ырылхайдык көстөр. Ол биир туоһутунан, бу Алек Алексеевич курдук эр дьон педагогтар оҕо иитиитигэр айымньылаах, саҥа сүүрээннэри киллэрэ тураллара буолар.

Алек Кириллин -- өрөспүүбүлүкэтээҕи “Аныгы социокултуурунай эйгэҕэ эр киһи-педагог оруола” диэн оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ үлэлиир эр-дьон педагогтар уочараттаах форумнарын ситиһиилээх кыттааччыта.

Былырыын “Тыа сирин оскуолата. Үөрэхтээһин марката-2014” диэн Уус-Алдан Суоттутугар ыытыллыбыт педагогическай дьаарбаҥкаҕа Уолбатааҕы “Кэнчээри” уһуйаан “Бумажное вдохновение” диэн ураты интэриэһинэй бырайыагынан кыттыбыта. Эбии үөрэхтээһин педагога Алек Кириллин бу дьаарбаҥкаҕа дакылаатын истибит педагогтар ону билиҥҥээҥҥэ диэри саныыллар.

Бу – төрөппүттэр социальнай сакаастара буолар. Ол эбэтэр биһиги төрөппүттэрбит 70 бырыһыаннара – 30-гар диэри саастаах эдэр дьон. Кинилэр бэйэлэрин оҕолорун элбэх, үрдүк таһымнаах иитиинэн хааччыйыахтарын баҕараллара өйдөнөр. Аныгы үйэҕэ ол наада.Оҕо айар дьоҕура, фантазията, сатабыла сайдыахтаах. Итиннэ оскуола иннинээҕи үөрэтии бырагырааматын таһынан эбии үөрэтии эрэйиллэр”, -- диир уопуттаах педагог.

Татьяна МАРКОВА,

Саха сирэ” хаһыат.

Прокомментировать Наш канал в Telegram

Комментарии

Добавить комментарий

ТОП

Погода

Яндекс.Погода

Курс валют