Ийэ тылым – барҕа баайым, өлбөт мэҥэм – мин дьолум
РИГ SAKHAPRESS.RU Дьокуускай куоракка олунньу 12 күнүгэр Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет театрыгар «ИЙЭ ТЫЛЫМ – БАРҔА БААЙЫМ, ӨЛБӨТ МЭҤЭМ – МИН ДЬОЛУМ» диэн ааттаах Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ республика үрдүкү былааһын уонна общественность бэрэстэбиитэллэрэ, ыраахтан-чугастан кэлбит ийэ тыл энтузиастара, алгысчыттар, олоҥхоһуттар, оһуохайдьыттар, куорат олохтоохторо кытыннылар.
Олунньу 13 күнэ -- сахалартан бастакы лингвист, саха суругун-бичигин төрүттээччи, саха тылын сайдыытыгар сүдү кылааты киллэрбит Семен Андреевич Новгородов аатын үйэтитэн биллэриллибит тылга сүгүрүйэр кэрэ бэлиэ күн. Дьоро киэһэ Иван Гоголев- Кындыл «Ийэ тылым» поэматыгар олоҕуран айар бөлөх толоруутугар быһа тардыытыттан уонна «Дьөһөгөй Айыы» кэрэхсэбиллээх үҥкүүтүттэн саҕаланна. Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин миниистирэ Феодосия Габышева Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн Правительство уонна Тыл Сүбэтин аатыттан эҕэрдэлээн туран үөрүүлээх дьоро киэһэни аста. Үөрэх миниистирэ: “Номнуо сүүрбэ сыл устата олунньу 13 күнүн киэҥ нэлэмэн Сахабыт сиригэр, хас биирдии нэһилиэккэ Ийэ тыл кэскилин саныыр, кини туһугар долгуйар дьон-сэргэ киэҥник бэлиэтиирэ, инникини түстүүрэ үтүө үгэскэ кубулуйда», - диэн тыл этиитин саҕалаата. Феодосия Васильевна орто үөрэх ситимэ тыл эйгэтин тэрийиигэ, сайыннарыыга сүрүн оруолу ылара саарбаҕа суоҕун бэлиэтээтэ.
Ааспыт сыл алтынньытыгар буолан ааспыт Учууталлар уонна педагогическай общественность XIII съезтэрин түмүгүнэн төрөөбүт тылы, нуучча тылын, омук тылын тэҥҥэ тутан үөрэтэргэ программа, ньыма комплегын оҥорууну Съезд кэнниттэн ылыныллыбыт Былааҥҥа киллэриллибитин туһунан кэпсээтэ. Улахан суолта төһө кыалларынан оҕо бэйэтин төрөөбүт тылынан иҥнибэккэ-толлубакка, аһаҕастык кэпсэтэр-ипсэтэр буоларын ситиһэргэ ууруллар. Дьоро киэһэҕэ мустубуттар истиилэригэр Төрөөбүт тылы, литератураны уонна төрүт култуураны ыччакка тиэрдэргэ эбии үөрэх тиһигэ эмиэ улахан суолталааҕа бэлиэтэннэ. Ол курдук бу улахан суолталаах хайысханы сайыннарар сыалтан Үөрэх, Культура, Спорт министерстводара холбоһон быйыл эбии үөрэхтээһин сылын биллэриллибитин туһунан кэпсээтэ.
Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүнэн Правительство уонна Тыл сэбиэтин аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн туран, Феодосия Васильевна тыл эйгэтин үлэһиттэригэр үрдүк наҕараадалары туттарда. Ол курдук, Төрөөбүт тыл сайдыытыгар өр сыллаах таhаарыылаах үлэлэрин, кылааттарын иhин Семен Андреевич Новгородов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын бириэмийэтэ туттарылынна:
- Гуманитарнай чинчийиилэр уонна хотугу норуоттар проблемаларын үөрэтэр институт саха тылын грамматикатын уонна диалектологиятын үөрэтэр салаа старшай научнай сотруднигар, филологическай билим докторыгар Иванов Спиридон Алексеевичка.
- Хотугулуу-Илиңңи федеральнай университет хотугулуу-илиңңи норуоттар тылларын, культураларын иниститутун профессорыгар, филологическай билим докторыгар Гаврил Гаврильевич Филипповка.
- Эбээн-Бытантай улууhун Саккырыыр орто оскуолатын эбээн тылын учууталыгар Надежда Платоновна Родионоваҕа Василий Дмитриевич Лебедев аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын бириэмийэтэ туттарылынна.
- Өлүөхүмэ улууhун Тээнэ орто оскуолатын эбэңки тылын уонна култууратын учууталыгар Оксана Степановна Николаеваҕа Глафира Макарьевна Василевич аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын бириэмийэтэ туттарылынна.
- Николай Иванович Спиридонов – Тэки Одулок аатынан Нелемнай орто оскуолатын төрүт култуураҕа учууталыгар Елизавета Ивановна Дьячковаҕа төрүт тыллары чөл хааларыыга, үөрэтиигэ уонна сайыннарыыга Николай Иванович Спиридонов – Тэки Одулок аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын бириэмийэтэ туттарылынна.
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин С.А. Новгородов аатынан «Бичик» национальнай кинигэ кыһата «Төрөөбүт тыл, сурук-бичик туруу үлэһитэ» диэн 10 000 суумалаах бириэмийэнэн наҕараадаланна Николай Иванович Максимов, биллиилээх саха араадьыйатын суруналыыһа.
-Саха Өрөспүүбүлүкэтин С.А. Новгородов аатынан «Бичик» национальнай кинигэ кыһата «Саамай ааҕыллар кинигэлээх ааптар» диэн 10 000 суумалаах Бириэмийэнэн наҕараадаланна Иван Васильевич Мигалкины, саха норуодунай поэта.
Үөрүүлээх дьоро киэһэ бырааһынньыктааҕы баай композициялаах дьүһүйүүлэринэн, кэнсиэринэн итиэннэ оһуохайынан түмүктэннэ.
СӨ Үөрэх министриэристибэтин пресс-сулууспата
ТОП
- Гороскоп на 30 ноября 2024 года: Эти люди вчера вас хвалили, а сегодня критикуют и осуждают
- В Якутске госпитализирован мальчик, опрокинувший на себя стакан с горячей водой
- У жителя Якутии изъяты автомат Калашникова и боевые патроны в большом количестве
- Водитель предупреждает, что по улицам Якутска разъезжает автоподставщик
- В Якутии у водителя-нарушителя конфисковали автомобиль, который он продал своему другу
Свежие новости
- Прогноз погоды на 30 ноября: В Якутске слабый снег
- Прокуратура оспорит оправдательный приговор двум бывшим руководителя министерства спорта Якутии
- Изменения в маршрутной сети, «наливайки» и борьба с табакокурением: что обсудили на заседании Междепутатской ассоциации «Столица»
- В Якутске составлен рейтинг криминогенных заведений
Комментарии
Добавить комментарий