Энергосбыт сибэккилээх скверэ
SAKHAPRESS.RU Энергосбыт үлэһиттэрэ тэлгэһэни ыраастык тутар үтүө үгэстээхтэр. Быйыл тэрилтэ иннигэр баар сквергэ алта тыһыынчаттан тахса араас сибэккини олордубуттара киһини үөрдэр. Манна үлэһиттэр да, куорат олохтоохторо да күнүс эбиэт кэмигэр, киэһэ үлэ кэнниттэн тахсан сөрүүкүүллэр, сынньаналлар. Ону таһынан чугастааҕы уһуйаан оҕолоро кэлэллэр.
От күөх өҥ киһи хараҕын манньытар, өйү-санааны сааһылыырга көмөлөһөр дииллэр. Күөх хонууга сынньаныахха, спордунан дьарыктаныахха уонна үөрүүлээх түгэннэри бэлиэтиэххэ сөп. Быйыл манна үлэһиттэр бэлэсипиэттэрин уурар сирдэрин оҥорбуттар. Күн аайы сквергэ төрөппүттэр оҕолорун кытта дуоһуйа күүлэйдииллэр. Кырачааннар сөбүлээн үөрэ-көтө оонньууллар. Куорат биир кэрэ көстүүлээх скверигэр кэлэн хаартыскаҕа түһэллэр, селфилииллэр. Манна даҕатан эттэххэ, Энергосбыт тупсаҕай скверэ куорат уонна уокурук куонкурустарыгар куруук миэстэлэһэр.
«Якутскэнерго» ПАУо Энергосбытын пресс-сулууспата
ТОП
- Крик души: Муж хочет, чтобы я похудела к корпоративу!
- Гороскоп на 22 ноября: Вероятны ссоры, причем как со случайными знакомыми, так и с близкими людьми
- В Якутске две девочки залезли в картонную коробку и попали под колеса погрузчика: Водителю вынесен приговор
- В Якутске младенец и полуторагодовалый малыш попали в ДТП
- Жителя Якутска обвиняют в смертельном избиении человека
Комментарии
Добавить комментарий